Ленин проспегынан оптуобус сырыыта сөргүтүлүннэ
Эдуард Садовников, «Пассажирдары тиэйиини тэрийээччи» МХТ салайааччыта:
«Бүгүн сарсыарда 18-с №-дээх маршрут сорох суоппардара үлэҕэ тахсыбатах түбэлтэлэринэн иһинээҕи бэрэбиэркэ ыытыллыаҕа, сокуоҥҥа олоҕуран дуогабардары көтүрүүгэ тиийэ миэрэ ылыллыаҕа.
Бэлиэтээн эттэххэ, ахсынньы 1 күнүттэн, Ленин проспегынан уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын сөргүтүүнү саҕалыах иннинэ, маршруттар биригэдьиирдэрин кытта көрсөн, баар боппуруостары дьүүллэспиппит. Өрөмүөн иннинэ сылдьыбыт «СоюзАвто» чааһынай тиэйээччилэрин маршруттара Ленин проспегар төнүннүлэр. 18-с №-дээх маршрут суоппардарыттан Поярков уулуссаҕа хаалабыт диэн этии киирбэтэҕэ. Оптуобус сырыыта сөбүлэҥи ааспыт уонна бигэргэтиллибит маршрут пааспарыгар олоҕуран оҥоһуллуохтаах.
Тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын, оптуобус маршруттарын уларыйыыта Олохтоох дьаһалта хамыыһыйатын быһаарыытынан, бигэргэтиллэн оҥоһуллар. 18-с №-дээх маршрут сорох суоппардара үлэҕэ тахсыбатахтара бэйэлэрин быһаарыылара. Билиҥҥи туругунан, «СоюзАвто» уонна «ЯПАК» тэрилтэлэри кытта, маршрукка сүүрэр оптуобустар ахсааннарын элбэтэргэ үлэлэһэбит».