08.06.2023 | 14:00

Ленин проспегын көҕөрдүүгэ 30 мөл. солк. көрүлүннэ

Ленин проспегын көҕөрдүүгэ 30 мөл. солк. көрүлүннэ
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» федеральнай таһымнаах бырагырааманан Дьокуускай сүрүн киин уулуссата – Ленин проспега улаханнык уларыйбытын, тупсан, киэркэйэн эрэрин үгүскүт бэлиэтии көрөр буолуохтаах. Манна суол хапытаалынай өрөмүөнүн таһынан ХИФУ Ботаническай саадын учуонайдарын көмөлөрүнэн көҕөрдүү үлэтэ баран эрэр.

Проспект устун хаамтахха, Арассыыйа киин куораттарыгар сылдьар курдук сананыахха сөп буолбут. Уулусса уонна тротуар туох да хаххата, былыргылыы күрүөтэ-хаһаата суох буолбута харах далын кэҥэтэр, оттон тротуар билиитэтэ уларыйбыта, хаачыстыбалаахтык ууруллубута тута харахха быраҕыллар, кэлээскэлээх, бэлисипиэттээх дьоҥҥо табыгастаах суол туорааһыннара, бэлисипиэт сүүрдэр суоллар туспа тыргыллыбыттара – барыта тупсаҕай. Урукку курдук намыһах күрүө-хаһаа оннугар манна ыарҕалаах үүнээйилэр хойуутук үүннэхтэринэ бэрт да көстүү буолсу...

Быйыл проспегы көҕөрдүү үлэтэ икки сүрүн түһүмэххэ араарыллан ыытыллыахтаах. Маныаха 30 мөл. солк. кэриҥэ үп тыырыллыбыт. Көҕөрдүү чэрчитинэн ыарҕалаахтары уонна мастары олордуохтара, уопсайа 5000 үүнээйи олордуллуохтаах. Маны таһынан, “Главстрой” МХТ иһитиннэрбитинэн, бэл, газону олордуу былааҥҥа киирэн сылдьар эбит.

Урукку үүнээйилэри хааллара сатыыбыт

Ленин проспегын көҕөрдүү үлэтэ ыам ыйын 19 күнүттэн бэс ыйын ортотугар диэри ыытыллар.  Оттон иккис түһүмэх – атырдьах ыйын саҥатыттан балаҕан ыйын ортотугар диэри былааннанан барыаҕа.

“Главстрой” МХТ Суолу тутууга сүрүн исписэлииһэ Денис Стецюк: “Үүнээйилэри олордорго кэлии анал буору аҕалан туһанныбыт. Мас олордуллар сиригэр мульчирование диэни туһанныбыт, почва иҥэмтиэтин байытаары, сир үөһээҥҥи дьапталҕатыгар мульчаны эбэн булкуйабыт.

Сирин-буорун үчүгэйдик ыраастаан эрэ баран үүнээйини олордобут, салгыы көрөбүт-истэбит, уу кутабыт. Хас биирдии укка 30-ча лиитирэ уу кутуллар гына суоттанар.

Номнуо үүнэн турар, урут олордуллубут мастары төһө кыалларынан хааллара сатыыбыт. Быйыл болуоссаттарга эмиэ үгэс буолбут көҕөрдүү үлэтэ барыаҕа”.

Быйылгы көҕөрдүү уратылаах

Тоҕо диэтэххэ М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Ботаническай саадын исписэлиистэрэ быһаччы кыттыыны ылаллар.

ХИФУ Ботаническай саадын дириэктэрэ Наталья Иванова: “Биһиги хотугу климакка үөрүйэх, бэйэлэрин тулуурдаах, бөҕө-таҕа гына көрдөрбүт үүнээйилэри талан олортубут. Хатыҥы салгыы хото олордуохпут.

Киин куоракка үүнээйи саҥа көрүҥнэриттэн яблоня, сирень, боярышник, черемуха бааллар. Маны таһынан тыыннаах күрүө быһыытынан акацияны, дөлүһүөнү уонна спиреяны олортубут.

Урут олордуллубут үүнээйилэр хаалбыт сирдэригэр ураты харыстабыллаах үлэни ыыттыбыт диэн бэлиэтиэм этэ, ол эрэн эргэрбит, ыалдьыбыт уонна тостубут мастары кэрдэргэ күһэлиннибит.

Көҕөрдүүгэ сүрүн оруолу көрүү-истии, ууну кэмигэр кутуу ылар. Ыам ыйыттан саҕалаан аны күһүҥҥэ диэри өлгөмнүк уу кутуохтаахпыт. Билиҥҥитэ нэдиэлэҕэ иккиттэн кырата суохтук уу кутуллуохтаах, куйаас күннэргэ нэдиэлэҕэ үстэ уулатыахпыт. Куораппыт күөх үүнээйинэн симэнэрин туһугар бары кыһамньыбытын ууран туран үлэлии сылдьабыт”.

Олордуллубут үүнээйилэргэ «Якутдорстрой» АУо куйаас кэмҥэ нэдиэлэҕэ түөртэ, сылаас күннэргэ нэдиэлэҕэ үстэ уу кутар графига бигэргэтиллибит.

«Киин куорат Күөх кубогын» былырыыҥҥы кыайыылаахтара

«Киин куорат Күөх кубога»

Атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри “Киин куорат Күөх кубога” күрэххэ сайаапкаҕытын биэриэххитин сөп. Манна көҕөрдүүгэ бастыҥнары, саҥаны олоххо киллэрбиттэри быһаарыахтара. Сайаапкаларгытын уокуруккут салалтатыгар биэрэҕит.

“Киин куорат Күөх кубога” былырыын олус тэрээһиннээхтик, көхтөөхтүк уонна кыттааччыларга тыҥааһыннаахтык ааспыта. Онон быйыл эмиэ тэрилтэлэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо, кэлэктииптэр сааскыттан саҕалаан оҥостон үлэлээтилэр, бэлэмнэннилэр.

“Биһиги хас биирдии кыттыылааҕы биһириибит. Тоҕо диэтэххэ сибэккини олордуу, бэйэ территориятын киэргэтии уонна ону салгыы сайын устата көрүү-истии үгүс түбүктэн тахсар”, — диир “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” МХТ дириэктэрэ Владимир Аммосов.

Кыайыылаахтары чиэстээһин, наҕараадалааһын күһүн Куорат күнүгэр ыытыллыаҕа.

Күрэх икки түһүмэҕинэн барар:

Бастакы – территорияларынан, атырдьах ыйын 2-13 күннэригэр. Күрэх көрүүлэрэ ааһыахтара, территориальнай уорганнар бэйэлэрэ түмүк таһаарыахтара.

Иккис – куораттааҕы, атырдьах ыйын 18-29 күннэригэр. Баһылык Евгений Григорьев бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйа уопсай түмүгү таһаарар.

Маннык номинациялар бааллар:

«Цветущий город» - тэрилтэлэр, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, атыы-эргиэн эбийиэктэрэ о.д.а. кытталлар.

«Цветущий двор» - территориялар бэйэни салайынар уорганнарыгар аналлаах номинация. Быйыл бу номинацияны үс бөлөххө араарбыттар:
- элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр уонна Салайар хампаанньалар;
- чааһынай дьиэлэр;
- ТОС-тар уонна ТСЖ-лар.

«Цветущий сад» - уһуйааннар ортолоругар ыытыллар.

«Цвет знаний» - оскуолалар, орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһалара кытталлар.

«Эколидер» - кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэргэ, уопсастыбаннай түмсүүлэргэ, хамсааһыннарга, общиналарга, биир дойдулаахтар түмсүүлэригэр, партияларга о.д.а. ыытыллар.

Былырыыҥҥы “Кохимания” номинация оннугар «СолнцеМания» диэн подсолнух сибэккинэн киэргэтии күрэҕэ киирэн биэрбит.  Подсолнуҕунан көҕөрдүүгэ новатордааһын, саҥа сүүрээннэри уонна идеялары олоххо киллэриигэ күрэх. Манна араас таһымнаах тэрилтэлэр, министиэристибэлэр, үөрэх кыһалара, территориянан бэйэни салайыныы уорганнара, куорат таһынааҕы нэһилиэктэр дьаһалталара, чааһынай дьиэлэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр уо.д.а. кыттыахтарын сөп.

Оҕолор эмиэ кыттыстылар

Маны сэргэ Үөрэх управлениета «Чэлгийэ силигилээ, тапталлаах Дьокуускайым!» аахсыйаны көҕүлээбитэ. Управление начаалынньыга Мария Петрова бэлиэтээбитинэн, аахсыйаҕа үөрэх кыһалара бары кыттыахтарын сөп.
Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Владимир Аммосов көҕөрдүү үлэтин ыстаабын мунньаҕар иһитиннэрбитинэн, быйыл киин куоракка 11 тыһыынча кэриҥэ мас арааһын уонна 1,5 мөлүйүөн курдук сибэкки олордор былаан баар. 
Ол былааҥҥа олоҕуран, бу саас оҕо уһуйааннарыгар уонна оскуолаларга 8 тыһыынча кэриҥэ хаа петуния сибэкки сиэмэтин түҥэппиттэрэ. Төрөппүттэр уонна оҕолор олору үөрэ-көтө олордубуттара. Оҕолор таарыйа үүнээйи сиэмэттэн саҕалаан үүнүүтүн кэтээн көрдүлэр, билиилэрин хаҥаттылар. Онон Дьокуускай куорат уһуйааннарын уонна оскуолаларын оҕолоро арассаадаларын бэйэлэрин тэрилтэлэрин тиэргэнигэр таһааран олордон эрэллэр.

Урукку сылларга харчы кыттыһа-кыттыһа чааһынайдартан арассаада атыылаһыыта буолара... Урут “бачча сибэкки арассаадатын туттараҕыт” диэн түһээн түһэрэр эбит буоллахтарына, быйыл Үөрэх управлениета кыһыҥҥыттан сибэкки сиэмэтин түҥэтэн кэбиспитэ. Төрөппүттэр арассаада олордор иһиттэри, ким тугу тобулбутунан уонна сирин-буорун эрэ хааччыйдыбыт. Оҕолор иитээччилэрин, учууталларын кытта барытын бэйэлэрэ олортулар.

Сибиир харыйалара кэккэлэстилэр

Бэс ыйын 2 күнүгэр “Умуллубат төлөн” мемориальнай комплекс сиригэр Чернышевскай уулуссатыгар 20 устуука Сибиир харыйатын аҕалан олортулар. Үтүө санаа аахсыйатын “Газпромбанк” АУо филиалын үлэһиттэрэ көҕүлээтилэр.

Сибиир харыйаларын олордууга киин куорат баһылыгын солбуйааччы Георгий Гаврильев, “Газпромбанк” АУо Саха сиринээҕи салаатын үлэһиттэрэ, “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” МХТ дириэктэрэ Владимир Аммосов кыттыыны ыллылар.

20 устуука харыйа арассаадата питомниктан анаан-минээн аҕалыллыбыт. “Газпромбанк” АУо үлэһиттэрэ быйылгы сайыннарын Дьокуускай көҕөрдүүтүгэр кыттыыттан саҕалаатылар уонна атын тэрилтэлэри кинилэри холобур оҥосторго ыҥыраллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....