Ленин проспегар олордуу мастарга ууну кутуу күүһүрүөн наада
Дьокуускай куораты көҕөрдүүгэ ыстаап уочараттаах мунньаҕын Евгений Григорьев атырдьах ыйын 4 күнүгэр ыытта.
Мунньахха соторутааҕыта уопсастыбаннай сүбэһитинэн анаммыт Екатерина Павлова Ленин проспегын көҕөрдүүнү сыаналааһын түмүгүн кытта билиһиннэрдэ. Ол курдук, хас да сиринэн үүнээйилэр арыттара учуоттамматаҕын, газон сыыс отунан үүнээри гыммытын бэлиэтээтэ. Ону таһынан биир маска – 40 л уу, биир укка 20 л уу тиксэр гына уу кутуллуохтааҕын эттэ.
«Сорох мастар туруктара мөлтөх, ол эрээри ылсыбыттара-ылсыбатахтара аны саас биирдэ биллиэҕэ. Академик Ларионов пааматынньыгын таһыгар олус сыаналаах уонна сэдэх үүнээйи – рябинокизильник үүннэриллибитэ, тулата барыта сыыс отунан саба үүммүт»,– диир Екатерина Павлова. Маны сэргэ бу саас Кыайыы пааркатыгар олордуллубут мастар эмиэ сорохторо номнуо өлбүттэрин бэлиэтээтэ.
Евгений Григорьев «Якутдорстрой» тэрилтэҕэ проспегы көрүү-истии чэрчитинэн уопсастыбаннай сүбэһиттэн сыыс оту араарыы, буору сөпкө көбүтүү, газону кырыйыы боппуруостарынан консультациялаһан баран, балаһыанньаны көннөрөргө сорудахтаата.
Ленин проспегын көҕөрдүү үлэтин куратора, Ботаническай сад дириэктэрэ Наталья Иванова эмиэ олордуу мастарга уу тиийбэтин бэлиэтээтэ уонна көҕөрдүү иккис түһүмэҕэ бэдэрээтчит тутуу бөҕүн хомуйбутун кэнниттэн саҕаланыахтааҕын, Кыайыы пааркатыгар олордуу мастарга уу кутар, территорияны ыраастыыр үлэһит баар буолара ордугун эттэ.
Мунньах түмүгүнэн Евгений Гриорьев Пааркаҕа субуотунньук ыытан, хаппыт мастары эмиэ ыраастыырга сорудахтаата.
Биллэрин курдук, көҕөрдүү үлэтэ быйыл икки түһүмэҕинэн ыытыллар. Иккис түһүмэх атырдьах ыйын эргэтиттэн балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри салҕаныаҕа