Ленин проспегар бэлэсипиэт суола баар буолуоҕа
Быйыл киин куораппыт сүрүн суолун – Ленин аатынан проспегы тупсарыыга балысхан үлэ ыытыллара былааннанар.
Үлэни барытын үс түһүмэххэ арааран оҥоруохтара: Кулаковскай уул. саҕалаан ЛОРП дьиэтигэр диэри (1800 м); Краснояров уул. саҕалаан Кулаковскайга диэри; ЛОРП-тан Хабаров уул. диэри (1076 м). Проспект устунан суол асфальт бүрүөһүнэ барыта уларыйыаҕа. Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ тротуардары кытта уларытыахтара – уопсай өрөмүөннэнэр сир иэнэ 142203,20 кв.м. буолуоҕа.
Сатыы сылдьар дьон тротуарын гранитнай билиитэнэн тэлгиэхтэрэ. Үксэ сиэрэй өҥнөөх буолар. Тротуардары, сквердэри уонна болуоссаттары араас-араас ньыманан билиитэнэн бүрүйүөхтэрэ – эйгэлэр зонаҕа арахсалларын чуолкай бэлиэтиир сыаллаах үлэ ыытыллыаҕа.
Проспект икки өттүнэн 2 м кэтиттээх бэлэсипиэтинэн айанныырга анаммыт суол баар буолуоҕа. Велодорожка уопсай уһуна 3,6 км буолара былааннанар. Суорун Омоллоон, Хабаров, Чернышевскай суолларыгар баар бэлэсипиэт суолларын кытта силбэһиэҕэ. Велодорожка араас өҥнөөх асфаалынан бүрүллүөҕэ.
Бырайыакка 200 уот остуолбатын уларытыы киирэ сылдьар. Саҥа светодиоднай уот ситимэ тардыллыаҕа. Оптуобус тохтобулларын павильоннара бары биир истиилгэ олоҕуран оҥоһуллуохтара. 11 тохтобултан 3-һэ сылаас буолар (“Киин” кинотеатр, “Доҕордоһуу болуоссата”, “Лена” кинотеатр). Сорох тохтобуллары миэстэтин уларытыы айан куттала суох уонна тохтобуллар ыккардылара тэҥ буоларын туһугар ыытыллар.
Массыына парковкатыгар 390 миэстэ былааннанар.