Ленин проспега дизайн-код быһыытынан саҥардыллар
Биллэрин курдук, Ленин проспегын саҥардан оҥорууну бырайыактааһын чэрчитинэн маҥнай куорат дизайн-кода оҥоһуллубута. «Ростройпроект» ХЭТ иһитиннэрэринэн, дизайн-код куорат эйгэтин, уулусса-суол ситимин, тырааныспар, сатыы дьон сылдьар сирдэрин, уопсастыбаннай туоналары бүтүннүү комплекснай үөрэтии түмүгэр олоҕурбут.
Маннык киэҥ хабааннаах үлэ түмүгэр билигин туох оҥоһулла турарын нэһилиэнньэ долгуйа күүтэрэ саарбахтаммат.
Ол курдук, Ленин проспега икки өттүгэр 14-түү миэтэрэ кэтиттээх икки балаһалаах, ол эрээри Кулаковскай уонна Каландрашвили уулуссаларыгар туорааһыҥҥа биэс балаһаҕа тиийэ кыратык кэҥээн биэрэллэр.
Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн бастакы түһүмэҕин бырайыагынан 10 светофор туруохтаах: Орджоникидзе болуоссатыгар, «Илин Эҥэр» маҕаһыыҥҥа, Курашов, Короленко, Аммосов, Киров, Октябрьскай, Петровскай, Каландаришвили, Кулаковскай уулуссаларын быһа охсуһууларыгар. Манна светофору кытта саҥа суол бэлиэлэрэ туруоруллаллар.
Петровскай уулуссата - Ленин проспега быһа охсуһуулара саҥаттан оҥоһуллубутун суотугар Петровскай уулуссанан туоруур сир кэтитэ 18 миэтэрэттэн 14 миэтэрэҕэ диэри кылгаан биэрбит, ону тэҥэ эргийии радиуһа сэрэхтээх буолууну хааччыйар сыалтан улааппыт.
Короленко уулуссатын быһа охсуһуута эмиэ уларыйбыт, манна Тырааныспар министиэристибэтин утары уулуссаны сатыы туоруур сир эбиллибит. Онон массыына туруорар сир суох оҥоһуллубут.
Оҥоһуллубут быһа охсуһууларга доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах буоларын курдук гранит пандустар тураллар.
Ленин болуоссатыттан Кулаковскай уулуссатыгар диэки айанныыр оптуобус тохтобулугар элбэх тырааныспары батарар сыалтан эбии балаһа көрүллэр.
«Центральнай», «Туймаада» оптуобус тохтобуллара эмиэ элбэх оптуобус тохтууругар анаан кэҥээн биэрэллэр.
Нуучча тыйаатырын иннинээҕи оптуобус тохтобула аны суох. Бииринэн, Ленин проспегын көстүүтүн тупсарар; иккиһинэн, култуурунай суолталаах тэрилтэ иннигэр тырааныспар мустарын бопсор. Онон тыйаатырга оптуобуһунан кэлээччилэр Ярославскай уулуссатын, Ленин проспегын уонна Московскай сквер тохтобулларынан туһаныахтара.
Массыына туруорар сирдэргэ уларыйыылар бааллар. Ол курдук, элбэх уопсастыбаннай тырааныспар уонна массыына сылдьар сүрүн уулуссаларга мантан антах «параллельнай парковка» эрэ баар буолар. Маннык быһаарыы массыынаны туруорууга аҕыйах, ол аата арыый сэрэҕэ суох маневр ирдэнэрин уонна уопсастыбаннай тырааныспарга мэһэйдээбэтин иһин ылыллыбыт.
«Республика» маҕаһыын иннигэр саҥа «параллельнай парковка».
Ленин проспега, 7 дьиэ иннинээҕи массыына туруорар сир урут суолу хабарын иһин, саҥаттан оҥоһуллубут. Ордубут сиргэ саҥа уопсастыбаннай туона тэриллэр. Оттон парковка Ленин проспегын, 8 дьиэтин иннигэр баар. «ЛОРП» дьиэтин иннинээҕи эргиир радиуһа ирдэбилгэ сөп түбэһэр гына уларыйбыт, оттон «Лена» гостиница иннинээҕи сатыы туоруур сир Орджоникидзе болуоссатын диэки сыҕарыйан биэрэр.
Ленин проспегын бырайыагын оҥорууга бэлисипиэт суолугар улахан болҕомто ууруллубут.
Уулуссалар, тротуардар, сквердэр сырдык буолуулара эмиэ болҕомто кииниттэн тахсыбатах.
Проспект тротуардара быдан кэҥииллэр, сквердэр тас көстүүлэрэ тупсар (Московскай, Ларионов, Хайа институтун таһынааҕы, Крафт, Доҕордоһуу болуоссатын, Даниловтар, Десяткин, Краснояров сквердэрэ, Нуучча драмтыйаатырын, «Центральный» киинэ тыйаатырын иннинээҕи болуоссаттар), маны сэргэ саҥа туоналар баар буолаллар - Ленин пр., 7, IT-паарка, Тырааныспар министиэристибэтэ, Наукалар академиялара, «Лена» киинэ тыйаатыра уонна Эстрада тыйаатыра.
Проспект барыта биир тыыннаах буоларын ситиһэр сыалтан урукку дьоҕус архитектурнай оҥоһуктар бары саҥардыллаллар.
«Главстрой» иһитиннэрэринэн, ыскамыайка, бөх быраҕар иһит, бэлисипиэт туруорар сир, хайысха ыйынньыга, көрүө курдук бастакы дьоҕус архитектурнай оҥоһуктары от ыйын бүтүүтэ туруоран саҕалыыллар.