Ленин болуоссатын уларытан оҥоруу саҕаланна
Тутааччылар хаххалыыр күрүөлэри туруораллар, тупсарыы эргэрбит элеменнэрин көтүрэллэр. Киин болуоссакка тутуу тиэхиньикэтэ үлэлиир. Уларытан оҥоруу бэдэрээтчитэ – «Сэттэ» тутуу хампаанньата ХЭТ (дириэктэр – Федоров Игорь Валерьевич), сакаасчыт – СӨ Архитектураҕа уонна куорат тутуутугар управлениета.
Болуоссаты уларытан оҥорууга көҕөрдүү, массыына суолун уонна тротуардары дэхсилээһин, «сухой» фонтаны уонна сэргэ курдук быһыылаах 13-түү миэтэрэлээх холуонналары туруоруу киирэллэр. Итиэннэ манна массыына уонна бэлэсипиэт парковкалара баар буолуохтара. Дьиҥнээх айылҕа матырыйаалларын, чуолаан гранит буруустары уонна араас өҥнөөх билиитэлэри туттуу былааннанар.
Киров уонна Аммосов уулуссаларын устунан сынньалаҥ зонатыгар араас мастары, сэппэрээктэри, күөх үүнээйилэри олордуохтара. Болуоссат сорҕото газонунан оҥоһуллар, ураты дизайннаах ыскамыайкалар баар буолуохтара.
Итиэннэ Киров уонна Аммосов уулуссаларын өттүттэн, болуоссат икки кытыытынан 12 сэргэ туруоҕа. Сэргэлэр дьэрэкээн көстүүлээх, бөҕө оҥоһуулаах буолуохтара.
Итини таһынан, СӨ Архитектураҕа уонна куорат тутуутугар управлениетын информациятынан, В.И. Ленин саҥардыллыбыт пааматынньыгын быйыл алтынньы ыйга оннугар туруоруохтара.