26.04.2021 | 09:01

Лена БАГАРДЫНОВА: «Сөпкө аһаан, эрэсиими тутуһан, элбэхтик хамсанан үгүс ыарыыны тумнуохпутун сөп»

Лена БАГАРДЫНОВА: «Сөпкө аһаан, эрэсиими тутуһан, элбэхтик хамсанан үгүс ыарыыны тумнуохпутун сөп»
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү нүөмэргэ эндокринолог быраас, диетолог, Доруобуйа оскуолатын тэрийээччи Лена БАГАРДЫНОВА @dr.bagardynova ыалдьыттыыр. Кини талан ылбыт таптыыр идэтин туһунан иэйэ-куойа кэпсиирин, үгүс ыарыы туохтан саҕаланарын, удьуордааһынтан ханна да куоппаккын, айылҕаны утары барбаккын сиһилии быһаарарын сэргии иһиттим. Уойуу, эрдэ кырдьыы, оҕоломмот буолуу сытыы кыһалҕаларын, ону таһынан муодунай диеталары кытта таарыйдыбыт.  

Биир үөрэххэ туттарсыбытым...

Кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

– Идэбин уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, саараабакка талбытым. Кыра эрдэхпиттэн анатомияны, биологияны сэргээбитим. Улаатан истэҕим аайы естественнэй наукаларга интэриэһим өссө күүһүрбүтэ, билиэх-көрүөх баҕам баһыйбыта. Үрдүкү кылаастарга мединститукка кэлэр, устудьуоннар хайдах үөрэнэллэрин көрөр буолбуппут. Быраас идэтин талар ыра санаам өссө күөдьүйбүтэ. Оскуоланы бүтэрэн баран биир эрэ үөрэххэ туттарсыбытым – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ медицинскэй институтугар. Атыҥҥа сайабылыанньа суруйбатаҕым даҕаны. Оскуолабын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим, БКЭ баалым үрдүк этэ. Онон тута киирбитим.

Үөрэхпин хара маҥнайгыттан ис сүрэхпиттэн сөбүлээбитим. Киһи хас биирдии килиэккэтэ хайдах үлэлиирин саас-сааһынан үөрэтэр олус интэриэһинэй. Интернатураҕа араас салааларга үөрэнэн, быраактыкаланан баран эндокринология миэнэ буоларын өйдөөбүтүм. Ординатураҕа икки сыл Москваҕа Арассыыйатааҕы академияҕа үөрэммитим. Ол кэмҥэ Гражданскай авиация стационарыгар пилоттары, лүөччүктэри эмтиир этибит. Пациеннарга анаан диабет оскуолатын ыытарбыт. Киһи олоҕун укулаатын уларыттаҕына, аһылыгын көрүннэҕинэ доруобуйата тупсар эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Уойуу араас ыарыы (ол иһигэр инфаркт, инсульт) төрдө буоларын дьоҥҥо кэпсиирбит. Сүбэ-ама биэрэрбиттэн, туһалаах информацияны тиэрдэрбиттэн, билиибин үллэстэрбиттэн олус астынарым. Үөрэхпин бүтэрэн кэлээт, Дьокуускай куораттааҕы Медицина киинигэр эндокринологынан үлэлии киирбитим. Оҕолонон баран уһуннук таах олорботоҕум. Эбии диетологияҕа, онтон спортивнай нутрициологияҕа үөрэммитим. 2017 сылтан онлайн үлэбин саҕалаабытым.

21-с үйэ эпидемията

– Эндокринолог билигин ханнык баҕарар балыыһаҕа сыаналанар быраас диэн көрөбүн. Мэлдьи уһун уочарат. Приемҥа барыаҥ хас да күн иннинэ эрдэттэн суруйтараҕын. Оннооҕор чааһынай клиникаларга сайыҥҥа диэри сурутуу хайыы-үйэ туолбут. Бука, эндокриннай ыарыы элбээн иһэриттэн буоллаҕа?

– Кырдьык, саахарнай диабеты уонна уойууну (ожирение) 21-с үйэ эпидемията диэн ааттыыллар. Саахардара үрдүк дьон тымырдара кэбириир, сүрэх-тымыр ыарыытыгар түргэнник ыллараллар.

Үгүс киһи олорон эрэ үлэлиир, сорохтор онлайн формакка көстүлэр. Оҕолорбут тэлэбиисэр иннигэр эбэтэр төлөпүөн, планшет тутан олороллор. Урукку өттүгэр киһи саахара аа-дьуо үрдүүр эбит буоллаҕына, кэнники кэмҥэ диабетынан ыалдьыы түргэтээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Бу олохпут укулаатыттан, аспыт хаачыстыбатыттан диэн этэбин. Ол саахардаах ас элбэҕиттэн – кетчупка, соуска, оннооҕор кэнсиэрбэҕэ кытта. Ас-үөл хаачыстыбата мөлтөөбүтэ маркетинг, бизнес содула диэххэ сөп. Үгүс бородууктаҕа олус элбэх саахары, араас “трансжирдары” эбэллэр. Холобур, маргарин уонна саахар булкааһа киһи доруобуйатыгар олус охсуулаах. Ити барыта бэссэстибэ атастаһыытын кэһиллиитигэр тиэрдэр.

Уойуу, эрдэ кырдьыы, оҕоломмот буолуу

– Ыарыы хаһан баҕарар ытарчалыы ылыан сөп, кимтэн да ыйыппат, кими да тумнубат. Оннооҕор эдэр дьон инсуллууллар, инфарктыыллар. Кэнники кэмҥэ ыарыы барыта эдэримсийдэ дииллэрэ кырдьык дуо? Эндокринологияҕа хайдаҕый?    

– Аныгы үйэ дьоно аспытын-үөлбүтүн үчүгэйдик көрүммэппит, элбэхтик хамсаммаппыт. Сыалаах-арыылаах, элбэх саахардаах аһынан үлүһүйүүттэн ыарыы үксүүр, организммыт эрдэ кырдьар. 2-с тииптээх саахарнай диабеттаах эдэр дьон приемҥа кэлэллэр. Оҕолор уойуулара улахан кыһалҕа буолла. 

– Эрдэ кырдьыы туһунан санааны салгыы сайыннардахха, билигин дьахталлар олус эрдэ климакстыыр буоллулар диэн аахпытым. Бу эндокринологияны кытта ситимнээх дуо?

– Мин санаабар, үксүн удьуордааһынтан тутулуктаах. Итиннэ эндокриннай кэһиллии бэлиэтэммэт, арай ыарыылаах эрэ (холобур, гипотиреозтаах) дьахталларга сыһыаннаах буолуон сөп.   

– Аны туран, оҕоломмот дьон олус элбээтэ...

– Бу кыһалҕаны эмиэ чопчу субу мантан диир кыахпыт суох. Экология айгыраабытыттан, олохпут укулаата уларыйбытыттан диэххэ сөп.

Биһиги, Саха сирин олохтоохторо, аспытыгар, уубутугар дьуот тиийбэт. Этэргэ дылы, ийэбит иһигэр үөскүөхпүтүттэн дьуот дэписсиитин билэбит. Үгүс киһиэхэ “Диффузный зоб” диэн диагнозтаах. Кырдьык, щитовиднай былчархайдарын үлэтэ кэһиллиилээх дьоҥҥо оҕо үөскүүрэ ыарахан.  Ол иһин ийэ буолаары сылдьар дьахталларга дьуот иһиҥ диэн өрүү этэбин.   

– Эндокринологияҕа утумнааһын, удьуордааһын ордук көстөр дии?

– Оннук, сүрүн миэстэни ылар диэххэ сөп. Ити зоб, уойуу, сүрэх-тымыр ыарыылара удьуорунан бэриллэр. Саахарнай диабет туһунан этэ да барбаппын. Ол иһин дьиэ кэргэҥҥэр, аймахтаргар маннык диагнозтаах дьон баар буоллаҕына, эрдэттэн сэрэхэчийиэхтээххин. Ол курдук аскын-үөлгүн көрүнүөхтээххин, күннээҕи эрэсиимҥин тутуһуохтааххын. 

Вегетарианец, веган элбээтэ

– Үлэҕэр, чуолаан Доруобуйа оскуолатыгар сүрүн болҕомтоҕун сөптөөх аһааһыҥҥа уураҕын. Бу туһунан сиһилии кэпсии түһүөҥ дуо?

– Нутриеннар диэннэр бааллар (белок, жир, углевод). Биһиги организммытыгар тэҥҥэ киириэхтээхтэр. Нууччалыы эттэххэ, “баланс” баар буолуохтаах. Билиҥҥи үйэҕэ ол ыһылынна диэххэ сөп. Саахары түргэнник үрдэтэр углеводтаах ас дэлэйдэ. Биһиги трансжирдартан аккаастаныахтаахпыт. Күннээҕи аспытыгар  үүнээйи арыыта, сыалаах балык, сиэмэ, эриэхэ, куруппа, бобовай элбэх буолуохтаах. Бу этиллибит биһиэхэ аҕыйах. Ол оннугар маҕаһыыҥҥа сосиска, халбаһы хамаҕатык атыыланар.  Мөлтөх хаачыстыбалаах, доруобуйаҕа буортулаах астартан үгүс ыарыы саҕаланар. Дьиҥэр, киһи сөпкө аһаан, эрэсиими тутуһан, элбэхтик хамсанан элбэх ыарыыны тумнуон сөп диэн сүрүн санаанан салайтарабын. Дьон бу бэрт судургу бириинсиби өйдүөхтэрин наада.

Сөптөөх аһааһын – сүрүн хайысхабыт. Онно физическэй хамсаныы, күннээҕи эрэсиим, о.д.а. эбии киирэн, комплекснай бырагыраама баар буолбута.

– Эти, балыгы сиэбэт оҕо элбэх. Аны бу астартан улахан дьон баҕа өттүнэн аккаастанар түгэннэрэ баар. Сахалар ортолоругар вегетарианеһы, веганы көрүстэххинэ, кэнникинэн соһуйбаккын даҕаны. Бу туһунан санааҥ.

– Саха сирин тымныы усулуобуйатыгар эттэн, балыктан толору аккаастаныы сөбө суох хайысха дии саныыбын. Ол эрээри хас биирдии киһи тугу аһыырын-аһаабатын бэйэтэ билэр. Арай оҕолору күүһүнэн вегетарианец, веган оҥорор сыыһа диэхпин баҕарабын. Кырачаан туох куһаҕан эбэтэр үчүгэй буоларын билбэт. Сирэр-талар да кыаҕа суох. Төрөппүт тугу биэрэрин сиир. Онон оҕо улааттаҕына быһаарыахтаах дии саныыбын.

Эти, балыгы, о.д.а. сиэбэт дьоҥҥо элбэх битэмиин, минерал тиийбэт буолуон сөп. Сорох туһалаах аминокислоталары ханнык да үүнээйи ас солбуйбат. Вегетарианецтар, веганнар сотору-сотору анаалыс туттарыахтарын, доруобуйаларын көрүнэ сылдьыахтарын наада.  

– Сорох киһи ытыс саҕаны аһыыр уонна уойар. Ким эрэ аһыыр-аһыыр эрээри, үйэтин тухары хатыҥыр, синньигэс. Киһи оҥоһуута, быһыыта сүрүн оруолу оонньуур быһыылаах. Айылҕаны утары барар кыах суох дииллэрэ чахчы дуо?

– Кырдьык, нууччалыы эттэххэ, киһи конституцията элбэҕи быһаарар. Астениктар үрдүктэр, синньигэс уҥуохтаахтар, илиилэрэ-атахтара уһун буолар. Баҕарбыттарын да иһин уойумуохтарын сөп. Нормостениктар сөбүгэр эттээхтэр. Элбэхтик хамсамматахтарына, сыыһа аһаатахтарына ыйааһыннара эбиллиэн сөп. Ол эрээри бу дьон баҕардахтарына түргэнник ыраллар. Гиперстениктэр уҥуохтара кэтит соҕус. Бу дьон үксүн толору эттээх-сииннээх буолаллар, уойаллара да үгүс. Айылҕабытын утары барар кыахпыт суох. Арай бэйэбитигэр барсар ноҕуруусканы талан, сөпкө аһаан сылдьыахтаахпыт, чөл олоҕу өрө тутуохтаахпыт.

Муода сүүрээнигэр оҕустарымаҥ

– Киһиэхэ кутталлаах бородуукталар тустарынан социальнай ситимҥэ үгүстүк суруйаҕын.

– Билигин глютентан, үрүҥ астан аккаастаныы муода буолла. Биллэн турар, үрүҥ бурдуктан оҥоһуллубут минньигэс аһынан үлүһүйэр туох да үчүгэйэ суох. Саахарбыт үрдүүр, туһата суох калорий эбиллэр. Ол эрээри глютентан булгуччу аккаастанар сыыһа. Дьиҥэр, куруппаларга олус элбэх битэмиин, минерал, фолиевай кислота, цинк элбэх. Муода сүүрээнигэр оҕустарбакка, бэйэҕит толкуйдааҥ диэхпин баҕарабын.

Үрүҥ астарга чэпчэкитик иҥэр белок, кальций, битэмиин арааһа элбэх. Оһоҕос микрофлоратыгар улахан суолталаах. Онон аккаастанан элбэҕи сүтэриэхпитин сөп диэн өйдүөхтээхпит. Кырдьык, лактозаны кыайан иҥэриммэт, ынах үүтүгэр аллергиялаах дьон бааллар. Кинилэри эппэппин.

Дьиҥнээх кутталлаах бородуукталарынан саахары уонна трансжирдары ааттыахха сөп. “Мин саахары ньуосканан баһан сиэбэппин” диир дьон бааллар. Ол эрээри ханнык баҕарар маҕаһыыҥҥа атыыланар бурдук ас, бэчиэнньэ, йогурт, минньигэс утах, о.д.а. – бары саахар эбиилээхтэр. Бу оннугар дьиэбитигэр астаныахха, остуолбутугар натуральнай аһы элбэтиэххэ.

– Диета арааһа баар.  Сорохтор доруобуйаҕа охсуулаахтар.

– Бу тиэмэни эмиэ дьоҥҥо кэпсии, тиэрдэ сатыыбын. Үксүн билбэттэриттэн-көрбөттөрүттэн итинник диеталарга олороллор. Сорох дьон жирдэрин олус аҕыйаталлар. Дьиҥэр, жирдэртэн төрүүр-ууһуур гормоннар үөскүүллэр. Онтон репродуктивнай систиэмэбит, уопсай турукпут, тириибит, тас көрүҥмүт быһаччы тутулуктаах. Рационтан жирдэри аҕыйаттахха эбэтэр суох оҥордоххо, сорох кыргыттар ыйдааҕылара кэлбэт буолан хаалар. Бу доруобуйаҕа олус кутталлаах.

Намыһах углеводтаах диета диэн баар. Белоктаах аһы уонна оҕуруот аһын эрэ сииллэр. Этэргэ дылы, куурусса этинэн уонна оҕурсунан эрэ аһылыктаналлар, элбэх бородууктаттан аккаастаналлар. Углевод – эниэргийэ төрдө. Дьиҥэр, күннээҕи рациоммут 50-60 бырыһыанын ылыахтаах. Ону диетаҕа олоробут диэн ааттаан 10 бырыһыаҥҥа диэри аҕыйаталлар. Санаалара түһэр, үлэлиир кыахтара мөлтүүр. Сэниэлэрэ суох, кыраттан кыыһыра, кыйытта сылдьар буолан хаалаллар. Онтон депрессия, апатия саҕаланар. Маннык туруктаах киһини хайдах толору дьоллоох диэххиний? Суох буоллаҕа. Аччыктыы сатыыллар,  онтон тулуйбаттар, устунан аска түһүнэн кэбиһэллэр. Аҕыйах баҕайы калорийдаах аһынан сылдьыбыттарын “боруостууллар”, сүтэрбиттэрин толороллор. Быраҕан сордоммут ыйааһыннара өссө эбиллэн кэлэр. Мантан сылтаан бэссэстибэ атастаһыыта бытаарар, ыһыллар. Кэлин сатаан ырбат буолан хаалаллар.

Өссө кефирнэй, яблочнай, гречниевай диеталар диэн бааллар. Киһи хайдах даҕаны биир бородууктанан аһаан сылдьара сатаммат. Биһиги организммыт олус өйдөөх, бэйэтин харыстанар кыахтаах.

Киһи сарсыарда үөрэ-көтө уһуктуохтаах

– Күннээҕи эрэсииммититтэн үлэбит-хамнаспыт, доруобуйабыт, уопсай турукпут тутулуктаах. Киһи төһө өр утуйуохтааҕый? Аны биологическай чаһы диэн баар дии. Сорох дьон эрдэһит “күөрэгэйдэр”, сорохтор – “мэкчиргэлэр”.  

Ити науканан дакаастамматах өйдөбүл. Сорох киһи сарсыарда өттүгэр ордук күүскэ үлэлиир, ким эрэ киэһэлик өрөйөр-чөрөйөр. Ол эрээри итинтэн тутулуга суох, хас биирдии киһи 6-8 чаас утуйуохтаах. Кимиэхэ эрэ 6 чаас сөп буолар. Онно сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх – туох да тыас-уус, уот-күөс мэһэйдиэ суохтаах. Оччоҕуна эрэ киһи уутун хана утуйар.

Киэһэ 10 чаастан гормоннар тахсан бараллар. Чуолаан мелатонин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини бэссэстибэ атастаһыытын салайар, гормоннар оҥорон таһаарыыларын хонтуруоллуур, эрдэ кырдьыыны тохтотор, уойууну, сүрэх-тымыр ыарыыларын, искэни сэрэтэр. Үчүгэйдик утуйар дьон куруук сэргэхтэр, үөрэ-көтө сылдьаллар. Оттон мэлдьи ууларын хаммат дьон түргэнник уойаллар, сүрэх-тымыр ыарыыларыгар ыллараллар, санааҕа-онооҕо ыллараллар, эрдэ кырдьаллар, кыраттан кыыһыраллар.

– Билигин хас иккис киһи “хроническая усталость” диэн синдромнаах. Бу биричиинэтэ туохханый?

– Күннээҕи эрэсиимтэн уонна астан тутулуктаах. Күнү быһа бэрээдэгэ суох үлүбээй аһыы сырыттахпытына, куртахпыт ноҕуруускаланар. Саахарбыт түһэр-тахсар буоллаҕына, биһиэхэ охсуулаах. Киһи сарсыарда, эбиэккэ уонна киэһэ хайаан да аһыахтаах. Ол быыһыгар кыратык үссэниэн сөп. Киһиэхэ битэмиин тиийбэтиттэн эмиэ өрүү сэниэтэ суох буолуон сөп. Тимир тиийбэтэ ордук кэрэ аҥаардарга көстөр. Ол биричиинэтэ биллэр. Дьахтар ыйдааҕыта кэлэр, оҕолонор, оҕо эмтэрэр, о.д.а. Сорох кыргыттар баттахтара түһэрин, төбөлөрө мэлдьи ыалдьарын, сэниэтэ суох сылдьалларын, түргэнник сылайалларын улахаҥҥа уурбаттар. “Кыра оҕолоохпут, үлэлиибит, ол иһин сылайабыт” дииллэр. Аны туран, Д битэмиин, дьуот тиийбэтэ эмиэ үгүс мэһэйдэри үөскэтэр.

Дьиҥэр, хас биирдии киһи сарсыарда үөрэ-көтө уһуктуохтаах, туга да ыалдьыбакка туруохтаах. 

Доруобуйа оскуолата

– 2017 сыллаахха маҥнайгы бөлөхпүн тэрийбитим. Бастаан бэйэм курдук соторутааҕыта оҕоломмут кыргыттары мунньубутум. Туох да аччыктааһына суох чөллөрүгэр түһэргэ, ыйааһыннарын төннөрөргө көмөлөһөр буолбутум. Меню оҥорорум, судургу быраабылалары суруйан биэрэрим уонна хайдах дьарыктаныахтаахтарын сүбэлиирим. Аспытын-үөлбүтүн көрүннэхпитинэ, доруобуйабыт эмиэ тупсар диэн санааҕа сирдиирим. Кэтээн көрүүбүн, түмүкпүн, билиибин сурукка тиһэн, бырагыраама суруйбутум. Онтон сайт арыйан, видеоуруоктары устан, психолог, гинеколог, фитнес-инструктор курдук специалистары ыҥыран Доруобуйа оскуолатын тэрийбитим. Киһи биир ыйааһыны тута сырыттаҕына ыарыыта аҕыйыыр, ыалдьыбат да буолар диэн өйдөөбүтүм. Ыарыыны сэрэтэр үлэҕэ (профилактикаҕа) сүрүн болҕомтобун уурар буолбутум.

Сылтан сыл аайы бырагыраамабын кэҥэтэн, хаҥатан иһэбин. Идэтийбит быраас быһыытынан үүнэбин-сайдабын, таһыммын үрдэтэргэ кыһаллабын. Тоҕо диэтэххэ, медицина биир сиргэ турбат, үгүс уларыйыы киирэр, араас чинчийиилэр ыытыллаллар. Ол иһин саҥаны, сонуну оҥорон иһиэххин наада. Бэйэм да үөрэнэрбин олус сөбүлүүбүн. Төһө кыалларынан, куурустарга, вебинардарга сылдьабын. Тугу истибиппин-көрбүппүн, туһалаах информацияны медицинскэй үөрэҕэ суох дьоҥҥо судургутук тиэрдэ сатыыбын.

Билиҥҥи кууруспут чэбдигирдиигэ, ыйааһыны көннөрүүгэ (ким ырарыгар, сорох эбинэригэр эбэтэр биир ыйааһынын тута сылдьарыгар) туһуланар. Бырагыраамаҕа эдэр-сэнэх сылдьыы, үгүс ыарыыны сэрэтии, оҕоломмут дьахталлар чөллөрүгэр түһүүлэрэ, сөпкө аһааһын, доруобуйаны, уопсай туругу тупсарыы, о.д.а. хайысхалар киирэллэр. Балтараа ый киһи ас буһарар систиэмэтиттэн саҕалаан, бүтүн физиологиятын  үөрэтэбит. Ас киирэн туох процесс барарын, ханнык гормоннар тахсалларын, о.д.а. Ол барыта анаалыска, медицинскэй чинчийиигэ олоҕурар. Онтон меню бэлэмниибин, сөптөөх рациону (бэйэтигэр, дьиэ кэргэнигэр) оҥосторго, ас састаабын сатаан ааҕарга үөрэтэбит. Теория матырыйаалларын көрөллөр, дьиэтээҕи сорудахтары толороллор.

Сорох дьон мээнэ битэмииннэри иһэллэр, бэйэтэ эмтиэкэ элбээтэ. Оннооҕор оҕолорун быраас сүбэтэ суох эмтиир дьон бааллар.  Дьиҥэр, анаалыс туттаран баран сөп түбэһэри эрэ талыахтаахтар. Билигин онно улахан болҕомто уурар буоллум, кэлин методичка таһаарар санаалаахпын.

Уопсайа 2500-тан тахса дьахтар Доруобуйа оскуолатыгар сырытта. Аҕыйах ыйынан улахан түмүк көстүбэт, икки-үс сылынан биллэр. “Эһиэхэ кэлэн 15-20 кг бырахпытым, ыйааһыммын тута сылдьабын, туругум тубуста. Дьоммун натуральнай аһынан сөпкө аһыырга үөрэттим, олоҕум хаачыстыбата уларыйда”, – диэччи элбэх. Онтон үөрэбин. Ыйааһын түһэриитэ сүрүн сорукпут буолбатах,  ол  биһиги түмүкпүт. Доруобуйабытын харыстанан, сөпкө көрүнэн, эдэр-сэнэх сылдьыы, айылҕаттан бэриллибит кыаҕы туһаныы – ол биһиги сыалбыт.

Киһи олоҕо биирдэ бэриллэр. Мэлдьи эдэр сылдьыбаккын. Ол иһин доруобуйабытын эдэр эрдэхпититтэн көрүнүөххэ диэн ыҥырабын.

Бу этии кырдьык/сымыйа, сөбүлэһэбин/сөбүлэспэппин
Киэһэ 6 чаас кэннэ аһаама...
Утуйуоҥ 2-3 чаас иннинэ аһаан бүт.
Күҥҥэ хайаан да 2 л уу иһиэхтээхпит...
Өл да төрөө, хайаан да итиччэ ууну иһэҕин диэн сыыһа. Киһи ыйааһыныгар 30 мл төгүллээн, күҥҥэ төһө ууну иһиэхтээх нуорматын быһа холоон таһаарыан сөп. Ол эрээри хаһан баҕарар туруккун кэтээн көрүнүөхтээххин. Бэйэҕин күһэйиэ суохтааххын. Биллэн турар, итиннэ сабыдыаллыыр биричиинэ үгүс. Холобур, спордунан дьарыктанар киһи, оҕо эмтэрэр ийэ организма элбэх ууга наадыйар. Аны сайын итиигэ тиритэбит, о.д.а.  
Аһыы олорон ууну иһимэ...
Иһиэххэ сөп. Туох да буортута суох. Сорохтор ас буһарыгар мэһэйдиир диэн сыыһа толкуйдууллар.
Аҥаардас ыраас ууну иһиҥ...
Ыраас ууну ордук элбэхтик иһиҥ. Күнү быһа чэйинэн, кофенан, утаҕынан сылдьымаҥ.
Киһи организма өйдөөх.
Сөбүлэһэбин. Эйиэхэ туох тиийбэтин этэ, сэрэтэ сатыыр. Холобур, белок, жир тиийбэт буоллаҕына, минньигэһи көрдүүр. “Мин аччыктыыбын, эниэргийэ наада” диэн сигнал ыытар. Туустааҕы, аһыыны сиэххин баҕараҕын? Ол аата калий, магний, о.д.а. тиийбэт буолуон сөп. Организммыт тугу этэ сатыырын истиэхтээхпит, сөпкө өйдүөхтээхпит.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...