14.06.2020 | 14:20

Үлэм үйэлээх буоллун диэн

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим Аэлита Владимировна Боескорова Үөһээ Бүлүү Боотулуутуттан төрүттээх. Элбэх оҕолоох Розалия Николаевна, Владимир Алексеевич Тимофеевтар дьиэ кэргэннэригэр ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Оскуолаҕа куруһуок арааһа баара: ырыа, үҥкүү, уруһуй. Оҕо барыта үөрэх кэнниттэн эбии дьарыкка сылдьара. Ол курдук, “Сарыал” ансаамбылга оҕолор ырыанан, үҥкүүнэн үлүһүйэн, араас куонкурустарга, бэстибээллэргэ кытталлара, гастролларга сылдьаллара. Ону сэргэ Алексей Алексеевич Николаев диэн учуутал оҕолору мозаика, графика, о.д.а. араас тиэхиньикэҕэ уһуйара, станокка үлэлэтэрэ. Эргиччи дьоҕурдаах кыыс барытыгар ылсан сылдьара. Ол эрээри кэлин уруһуй иккис былааҥҥа хаалбыта.

Биирдэ нэһилиэк иһигэр буолбут быыстапкаҕа турар муос оҥоһуктары Аэлита бэркэ сэргии, ымсыыра көрбүтэ. Хайдах маннык оҥороллоро буолуой диэн улаханнык сөхпүтэ-махтайбыта. Тугу эрэ көтүппүппүн, мүччү туппуппун быһыылаах диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Онтон дьиэтигэр ынах муоһун оргутан, бэйэтэ этэринии, сыт-сымар бөҕөнү таһааран, сымнатан, ытарҕа, баттах туттарар киэргэли оҥостон кэппитэ. Ол бастакы холонуута 9-10 кылааска этэ.

Дьылҕам бэйэтэ салайбыта

90-с сылларга үп-харчы кырыымчык кэмэ буолбута. Элбэх оҕолоох ыалга оҕолору үөрэттэрэ ыытар ыарахана. Аэлита эдьиийдэрэ устудьуоннуу сылдьаллара. Онон кини атын нэһилиэккэ үлэлии барбыта. Оскуолаҕа сэкирэтээринэн киирбитэ, ону таһынан оҕолорго куруһуок ыытара:

– Бэйэм улахан уопута суох да буолларбын, ынаҕым муоһун оргуппутунан барбытым. Син ону-маны оҥорор этибит, – диэн күлэ кэпсиир.

Ол саҕана художественнай училище “Декоративно-прикладное искусство” диэн салаатын бүтэрдэххинэ, салгыы СГУ-га культуролог үөрэҕэр быһа киирэҕин диэн этэ.

Муосчут буолуом диэн санаа суоҕа. Дьылҕам бэйэтэ салайан, утары уунан, культуролог буолуом диэн санаанан салайтаран, училищеҕа үөрэнэ киирбитим. Биһигини Федор Иванович Марков (Ааптар – Арассыыйа үтүөлээх, СӨ норуодунай худуоһунньуга, норуот маастара)  сүүмэрдээбитэ. Салгыы Василий Николаевич Амыдаев (СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ, СӨ худуоһунньуктарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ) курдук талааннаах маастар илиитигэр киирбиппит. Кэлин биир уһулуччулаах, эргиччи дьоҕурдаах Василий Васильевич Бочкаревка (скульптор, суруйааччы, СӨ норуодунай худуоһунньуга, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ) уһуйуллан, училищены кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Маннык ааттаах-суоллаах дьоҥҥо үөрэммиппин дьолум дии саныыбын. Үргүччү СГУ-га  культуролог идэтин ылбытым.

Айар үлэ, чараас эйгэ

Оччолорго “Сардаана” фабрика бөдөҥ тэрилтэ этэ. Бииртэн биир талба талааннаах, айылҕаттан айдарыылаах, уран тарбахтаах мустубут сирэ.

  • Үөрэхпин бүтэрээт, онно киирбитим. Уопуттаах муосчуттартан элбэххэ үөрэммитим, биир дьиэ кэргэн курдук айымньылаахтык үлэлээбиппит,  – диэн кэпсиир сэһэргэһээччим.

Аэлита Владимировна оҕолонон олорор кэмигэр фабрикаҕа уларыйыы-тэлэрийии буолбута. Сорох салайааччылар туспа тэрилтэлэнэн барбыттара.  Аэлитаны “Драгоценности Якутии” косторезнай сыахха ыҥырбыттара. Онно кэрэ аҥаардартан соҕотох муосчут этэ.

– Дьахтар оҕолонноҕун аайы өйө-санаата уларыйар эбит. Биһиги үлэбит быыллаах, кытаанах илии үлэтин ирдиир. Онон ыраас соҕус сиргэ холонон көрбүт киһи диэн санаа баһыйан, Дизайн уонна технология коллеһыгар преподаватель быһыытынан киирбитим. Үс сыл үлэлээбитим.

Бу иннинэ айа-тута сылдьыбыт киһиэхэ чыҥха атын сир этэ. Үксэ кумааҕы үлэтэ, педсовет, мунньах... Айар куттаах киһи хаайтарбыта, муунтуйбута, чараас эйгэтин суохтаабыта.

Оччолорго элбэх киһи  бэйэтин суолун-ииһин көрдөөн, саҥа аартыктары арыйбыта. Аэлита Владимировна ИП тэринэн, күн бүгүҥҥэ диэри мастарыскыайыгар айымньылаахтык үлэлиир. 2007 сыллаахха норуот маастара үрдүк ааты ылбыта.

  • Быыстапкаларга, дьаарбаҥкаларга эҥин улаханнык кыттыбаппын. Кэлбэт-барбат, киирбэт-тахсыбат киһибин. Ньүкэн соҕуспун. Ис эйгэм оннук. Бэйэм сөбүлүүр дьарыктаахпын, туохха да аралдьыйбакка, холкутук үлэлиирбин ордоробун.

Сыа-сым курдук харыстаан

– Хас биирдии муосчут бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, ураты буочардаах. Маастар диэн, син биир суруксут кэриэтэ, хатыламмат истииллээх.

Билигин үчүгэй матырыйаал тиийбэт, көстөрө уустук, суоҕун да кэриэтэ. Биирдэ эмит көһүннэҕинэ, сыа-сым курдук харыстаан, тугу да энчирэппэккэ, суоттаан-учуоттаан туһана сатыыгын. 

Урукку курдук үйэлэргэ хаалар, музейга, быыстапкаҕа турар үлэ аҕыйах. Ол эбэтэр маастардар ырыынак ирдэбилинэн баран хааллылар диэххэ сөп.

Үксүн бэлэххэ аналлаах оҥоһуктары, киэргэли, симэх арааһын сакаастыыллар. Ис хоһоонноох улахан үлэлэргэ ылсыахпын баҕарабын да, соло суох, бириэмэ тиийбэт курдук.

Бу эйгэҕэ сүүрбэттэн тахса сыл үлэлээтим. Муос бэйэтэ олус кэрэ саастаах, өҥнөөх, сылаас матырыйаал. Оһуорун-ойуутун кыһарбар хас биирдии оҥоһук үйэлээх буоллун диэн уйан сирин барытын учуоттаан туран оҥоробун. Куруһуба, үрүмэ курдук нарын, уран үлэ харыстабылы ирдиир. Ол иһин атыылаһааччыларбар сертификаты кытта сүбэ-ама курдук “Памятка” биэрэбин.

Тирэҕэ – дьиэ кэргэнэ, сынньалаҥа – сибэкки

– Биһиги идэбит биир сиргэ таба олорууну эрэйэр. Бириэмэни билбэккэ,  күнү-күннээн турбакка, олус умсугуйан, туохпун барытын умнуохпун сөп. Ардыгар хайдах барытын бүтэрэҕин диэн соһуйаллар. Биллэн турар, дьиэ кэргэним көмөтө улахан. Дьонум өйүүр буоланнар, оҕолор улаатаннар, мастарыскыайбар төһө баҕарар тардыллыахпын сөп.

Кэргэним Василий Степановичтыын иккиэн биир күөл соботун сиэн улааппыппыт. Кини биологическай наука кандидата, ХИФУ Хотугу сир прикладной экологиятын институтугар үлэлиир. Илиитигэр айылҕаттан дьоҕурдаах буолан, айымньылаах дьарыкпар олус көмөлөһөр.

Кыыспыт Аина устудьуон, быйыл бүтэрэр. Улахан уол Саша тохсус кылааһы түмүктээтэ. Сыбаарканы сатыыр, кыралаан сакаас ылар. Бэйэтэ номнуо  килийиэннэрдээх. Кырабыт Влад алын сүһүөҕү бүтэрдэ.

Сынньанарым, аралдьыйарым диэн сибэккини олус сөбүлээн үүннэрэбин, ону таһынан оҕуруот олордуута, көрүүтэ-харайыыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...