Үлэбит дьоһун сыанабыла
А.С. Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатыра Москваҕа ыытыллыбыт “Золотой Витязь” норуоттар икки ардыларынааҕы XX-с театральнай форумҥа үрдүк наҕарааданы тутта.
Тыйаатыр бэстибээлгэ Саха сирин биллэр-көстөр драматура Владимир Федоров «Запасной аэродром» пьесатынан туруоруллубут испэктээгинэн кытынна. Режиссер – Арассыыйа норуодунай артыыһа Андрей Борисов.
Нуучча тыйаатырын дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта Александр Лобанов улахан суолталаах форум таһыма үрдүгүн бэлиэтээтэ. Дьүүллүүр сүбэ сүүһүнэн испэктээги көрбүтүн, тэрээһин чэрчитинэн худуоһунньуктары, кэрэспэдьиэннэри, киинэ деятеллэрин, артыыстары уонна тыйаатырдары наҕараадалаабыттарын кэпсээтэ.
“Биһиги тыйаатырбытыгар, бүтүн кэлэктииппитигэр, труппабытыгар бу наҕараада – үлэбит дьоһун сыанабыла”, – диэн үөрүүтүн үллэһиннэ Александр Лобанов.
Быйыл “Золотой Витязь” норуоттар икки ардыларынааҕы XX-с театральнай форум Москваҕа уонна Арассыыйа атын куораттарыгар алтынньы 18 күнүттэн сэтинньи 26 күнүгэр диэри ыытылынна.