13.07.2021 | 13:52

Үлэ уонна социальнай харысхал министиэристибэтэ хос быһаарар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үлэ уонна социальнай харысхал министиэристибэтэ оҕолорго 10 тыһ. солкуобайдаах төлөбүр көрүллэрин чуолкайдыыр. 
Бастакытынан, төлөбүр 6 сааһыттан 18 диэри, 2003 сыл от ыйын 3 күнүттэн 2015 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолорго көрүллэр (оскуолаҕа үөрэнэллэриттэн-үөрэммэттэриттэн тутулуга суох). 
Иккиһинэн, төлөбүр 18 саастарыттан 23 диэри, 1998 сыл от ыйын 3 күнүн кэнниттэн төрөөбүт, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолордоох дьиэ кэргэттэргэ көрүллэр. 
Ити төлөбүрү ыларга сайабылыанньа суруйуохха наада (госөҥөлөр сайтарыгар эбэтэр Биэнсийэ пуондугар). Сайабылыанньаны от ыйын 15 күнүттэн туталлар. 
Быһа барылынан, төлөбүрү 20,4 мөл. оҕо ылыаҕа. Бүддьүөттэн ити сыалга 204 миллиард солкуобай көрүллүбүт. Ол туһунан дьаһалга президент Владимир Путин от ыйын 2 күнүгэр илии баттаабыт. Элбэх дьиэ кэргэн ити харчыны үөрэх дьыла чугаһаатаҕына ылыаҕа. Министиэристибэ төлөбүрү атырдьах ыйын 16 күнүн кэнниттэн түһэрэри былаанныыр. Ол эрэн сайабылыанньаны сэтинньи ый ортотугар диэри биэриэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...