30.04.2020 | 14:41

Үлэ уонна Саас бырааһынньыгынан!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ытыктабыллаах Дьокуускай куорат  олохтоохторо!

Күндү биир дойдулаахтарым!

Дьокуускай куорат дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Ыам ыйын 1-гы күнүнэн, Үлэ уонна Саас бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!

Үлэ уонна Саас бырааһынньыга – норуот биир сөбүлүүр бэлиэ күнэ. Сомоҕолоһуу, үчүгэй олоххо тардыһыы, социальнай сайдыы бэлиэтэ буолбут бырааһынньыкпыт айылҕа уһуктуутун кытта ситимнээҕэ үөрүүлээх.

Биһиги ити сырдык санааларбыт, кэрэҕэ эрэлбит, бастыҥ идеяларбыт үлэһит норуот, боростуой оробуочай дьон уонна сатабыллаах салайааччылар, предпринимателлэр баар буолан олоххо киирэллэр. Оттон сарсыҥҥыга эрэллээх буолуубут, олохпут уйгута тупсара сөбүлүүр үлэбитинэн, олорор куораппытынан, өрөспүүбүлүкэбитинэн, дойдубутунан киэн туттууну үөскэтэр.

Билигин уустук кэмнэр үүннүлэр. Кутталлаах дьаҥ биһиги уопсастыбабытын түмсүүлээх буоларга, киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбаларбытын инники күөҥҥэ таһаарарга, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэргэ, өйдөһөргө, өйөһөргө ыҥырда. Бастатан туран, нэһилиэнньэ кэбирэх араҥатыгар, кырдьаҕастарга уонна кырачаан оҕолорго ураты болҕомтобутун уурабыт. Былаастар билигин нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөр миэрэлэри ылаллар. Үлэтэ суох хаалбыттарга, аччыгый уонна дьоҕус бизнес бэрэстэбиитэллэригэр өйөбүл буолар дьаһаллар олоххо киирэллэр.

Мин санаабар, олох күчүмэҕэйдэрин, кириисис ыарахан кэмин түмсүүлээх үлэнэн эрэ этэҥҥэ туоруохпут.

Быйыл биллэриллибит Көлүөнэлэр сылларыгар биһиги иннибитинээҕи айбыт-туппут көлүөнэлэр экономикаҕа, промышленнаска ситиспит сайдыыларын биһиги, куорат бүгүҥҥү олохтоохторо, салҕыахтаахпыт. Ыччаппыт диэки эрэллээхтик көрөбүт, сарсыҥҥыбыт кинилэртэн тутулуктааҕын өйдүүбүт.

Ураты иһирэх эҕэрдэ тылларын куораппыт экономикатын уонна социальнай эйгэтин тутан таһаарбыт аҕа көлүөнэҕэ, үлэ бэтэрээннэригэр, оҥорон таһаарыы туйгун үлэһиттэригэр, оробуочай кылааска аныыбын.

Күндү биир дойдулаахтарым, бука барыгытыгар чэгиэн буолууну, иллээх-эйэлээх олоҕу, үүнүүнү-сайдыыны баҕарабын!

Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксентьева

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....