Үлэ министиэристибэтигэр эрийэн, кыһалҕаҕытын ыйытыҥ
Тохсунньу 31 күнүттэн саҕалаан олунньу 4 күнүн киллэрэн туран СӨ Үлэ министиэристибэтэ нэһилиэнньэҕэ оҥоһуллар социальнай өйөбүллэри күүһүрдэр сыаллаах дистанционнай приему ыыта олорор.
Олунньу 4 күнүн киллэрэн туран, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Үлэ министиэристибэтигэр эрийэн, мунаахсыйар боппуруостарын, кыһалҕаларын быһаартарыахтарын сөп, диэн иһитиннэрэр Үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата. Министиэристибэ исписэлиистэрэ нэһилиэнньэттэн киирэр ыйытыыларга үлэ чааһыгар сарсыарда 09.00 чаастан киэһэ 18.00 ч. диэри хоруйдууллар. Эбиэт : 13:00-14:00 чч.
Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ оҥоһуллар өйөбүл боппуруостарыгар Демография, дьиэ кэргэн политикатыгар, эпиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ департаменын салайааччыта Сивцева Елена Валерьевна: 8 (4112) 50-80-59 уонна салайааччыны солбуйааччы Самсонова Сардана Васильевна: 8 (4112) 50-85-79 хоруйдууллар.
Социальнай хааччыйыы боппуруостарыгар социальнай хааччыйыы тиһигин комплекснай сайыннарыы департаменын салайааччыта Корякина Мария Викторовна хоруйдуур: 8 (4112)50-80-50.
Нэһилиэнньэҕэ социальнай өйөбүл боппуруостарыгар тустаах департамент салайааччытын солбуйааччы Никифорова Анастасия Степановна хоруйдуур: 8 (4112) 50-80-67.