«Үлэ кыбаарталын» тутуута түмүктэнэн эрэр
Санатар буоллахха, Арассыыйа регионнарыттан аан бастакынан Саха сиригэр креативнай экономиканы сайыннарар регионнааҕы концепция оҥоһуллан ылыныллыбыта. «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер тутуута өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн былырыын саҕаламмыта. Этиини федеральнай таһымҥа өйөөннөр, кластер тутуутугар «Биир кэлим субсидия» социальнай сайдыы кииннэрин сайыннарыы былаанын чэрчитинэн сириэстибэ көрүллүбүтэ.
Креативнай кластер үлэҕэ киирдэҕинэ 1250 үлэ миэстэтэ тахсыаҕа уонна 150 резидент үлэлиир кыахтаныаҕа. «Бырайыак сүрүн сыала – креативнай айар үлэнэн дьарыктанар туонаны тэрийии. Ол иһигэр дизайнердарбытын, худуоһунньуктарбытын, анимационнай, мультипликационнай киинэлэри оҥорооччуларбытын, киинэ устааччыларбытын уо.д.а. хайысхалары өйөөһүн. Бу кииммит сайыннаҕына өссө элбэх саҥа ааттары көрүөхпүт диэн эрэнэбин», — диэтэ Саха сирин вице-премьера Сергей Местников.
Билиҥҥи туругунан эбийиэккэ инжернэй ситимнэри уонна дьиэ илин өттүн оҥороллор. Тутууну уонна территорияны кэрийэн көрөн баран Андрей Тарасенко кэккэ сорудахтары биэрдэ.