Үлэ көмүскэлин ыйа көхтөөхтүк түмүктэнэн эрэр
«Үлэ көмүскэлин ыйа сылын аайы бэлиэтэнэр. Сүрүн сыала диэн үлэ көмүскэлигэр уонна үлэһиттэр доруобуйаларыгар, усулуобуйаларыгар болҕомтону күүһүрдүү, эчэйии, дэҥнэнии, оһоллонуу ахсаана намтыырын ситиһии», – диэн эппитэ “Былааһы кытта диалог” араадьыйанан биэрии аһаҕас эфиригэр үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Альбина Трубина. Кини тэрээһиннэр эпидемиологическай быһыыны-майгыны учуоттаан, санитарнай нуорманы уонна тэйиччи туттуу быраабылаларын тутуһан, видеоконференц-сибээс быһыытынан бараллара ордугун тоһоҕолоон эппитэ.
Бу ыйга былааннаммыт тэрээһиннэр тиһигин быспакка буола тураллар. Ол курдук судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уонна муниципальнай оройуоннар бэйэни салайыныы уорганнарыгар, ону сэргэ судаарыстыбаннай уонна да атын тэрилтэлэргэ онлайн семинардар, үлэлиир сирдэргэ бэрэбиэркэ уонна үөрэтии ыытыллар. Маны сэргэ араас күрэхтэр буолаллар, үгүс кыттааччыны хабаллар. Холобур, Дьокуускай куоракка сылын аайы «Үлэ көмүскэлин тэрийиигэ бастыҥ тэрилтэ» күрэх нэһилиэнньэ сэҥээриитин ылар.
«Саха сирин тимир суоллара» акционернай хампаанньаҕа монтердар уонна биригэдьиирдэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэх түмүктэннэ. Кыттааччылар тимир суолга үлэ көмүскэлин ирдэбиллэрин төһө үчүгэйдик билэллэрин көрдөрдүлэр. Манна барыта 22 киһи кытынна. Кинилэр 30 мүнүүтэ иһигэр 15 ыйытыкка хоруйдаатылар. Түмүккэ саамай үрдүк 15 баалы ылан, 2-с нүөмэрдээх суол монтера Семен Жирков кыайыылааҕынан таҕыста. 13 бааллаах 1-гы нүөмэрдээх суол монтера Владимир Ванчугов 2-с миэстэҕэ тигистэ. Эмиэ 13 бааллаах 1-гы нүөмэрдээх суол монтера Евгений Тархов арыый да бытааннык эппиэттээн, 3-с миэстэ буолла.
Күрэх кыайыылааҕа Семен Жирков 1 истиэпэннээх дипломунан уонна 5000 солкуобай харчынан бириэмийэлэннэ. Призердар Владимир Ванчугов уонна Евгений Тархов 2-с уонна 3-с истиэпэннээх дипломнарынан, 4-түү тыһыынча харчынан наҕараадаланнылар.