Үлэ харыстабылын ыйын түмүктэрэ
Муус устар ый устата буолан ааспыт үлэ харыстабылыгар аналлаах тэрээһиннэргэ Дьокуускайга 34 460 киһи кыттыыны ылла, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта үлэ харыстабылыгар салаата.
Дьаһалта баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова бэлиэтээбитинэн, үлэ харыстыбылыгар аналлаах ый сыл аайы Дьокуускай куорат территориятыгар үлэ усулуобайатын тупсарар, үлэ миэстэтэ куттала суох буолуутун хааччыйар, үлэни кытта сыһыаннаах ыарыы ахсаанын аҕыйатар сыалтан ыытыллар.
Санатар буоллахха, үлэ харыстабылын ыйа быйыл Олохтоох дьаһалта дьиэтигэр «Үлэ харыстабыла. Экспо-2024» быыстапка-дискуссияттан саҕаламмыта. Бу күн «Айылҕа уларыйыыта тэрилтэ үлэһиттэрин доруобуйатыгар уонна үлэ хаачыстыбатыгар сабыдыала», «Идэни кытта сыһыаннаах ыарыылар уонна медосмотр», «Доруобай аһылык – доруоуйа төрдө», «Бастакы көмөнү оҥорууга үөрэтии», «Ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр үлэһиттэр тугу гыныахтаахтара», «Үлэһит доруобуйатын харыстыыр уонна бөҕөргөтөр бырагыраамалар» тиэмэлэргэ лиэксийэлэр ыытыллыбыттара.
Ый устата бу тиэмэлэргэ уопсайа 1 074 тэрээһин, ол иһигэр 311 төгүрүк остуол, 220 семинар, 174 куонкурус, 369 аһаҕас аан күннэрэ уонна консультациялар буолан аастылар.
Ыытыллар тэрээһиннэр сүрүн сыаллара үлэ миэстэтигэр эчэйиини ылыыны суох оҥорууну, үлэни кытта ситимнээх ыарыылары аҕыйатыыны, үлэ миэстэтэ киһи олоҕор уонна доруобуйатыгар куттала суох буолуутун хааччыйыыны кытта ситимнээхтэр. Ол курдук, үлэ харыстабылын тэрйиигэ, үлэ култууратын үрдэтиигэ, үлэ миэстэтэ куттала суох буолуутун хааччыйыыга куорат тэрилтэлэрэ ый устата 77 045,55 тыһ. солк. суумалаах үбү туһаҕа таһаардылар, ол иһигэр: үлэ усулуобуйатын сыаналатыыга – 1 986,45 тыһ. солк.; үлэ усулуобуйатын тупсарыыга – 3 068,77 тыһ. солк.; медосмотрдары ыытыыга – 29 065,63 тыһ. солк.; үлэ харыстабылыгар уонна бастакы көмөнү оҥорууга үөрэтиигэ – 2 981,66 тыһ. солк.; үлэ харыстабылыгар аналлаах истиэндэлэри тэрийиигэ – 519,46 тыһ. солк.; СИЗ атыылаһыыга – 38 659,50 тыһ. солк.
Маны сэргэ тэрилтэлэр үлэ харыстабылыгар исписэлиистэрин ортотугар күрэх, хаартыска, уруһуй, видео, бырайыак куонкурустара буолан аастылар.
Ыытыллыбыт тэрээһиннэр үлэ миэстэтэ куттала суох буоларын ситиһиигэ, салайааччылар болҕомтолорун үлэ харыстабылыгар хатыырга, үлэ миэстэтигэр эчэйии тахсыбатын ситиһэргэ о.д.а. көмөлөһөллөр, диэн иһитиннэрэр үлэ харыстабылыгар салаа.