25.05.2024 | 14:00

Үлэҕэ таптал — олох, эрэл, уйгу төрдө

Үлэҕэ таптал — олох, эрэл, уйгу төрдө
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Бөлөххө киир

Кэрэ эйгэтин кэрэхсэбилэ, сэргээһинэ, кэрэҕэ-үтүөҕэ уһуйуллуу уран-уйан тыына орто дойдуга олох баарын тухары уйулҕаны чиҥэтэр, мунууттан-тэнииттэн, муҥкук кэмнэртэн эбэтэр адьырҕа санааттан, хаҥыл тыынтан быыһыыр диэн өйдөбүл дьиҥ ис хоһоонун билэр, өйдүүр, сыаналыыр кэмҥэ олоробут.

Ханнык баҕарар омук ыччатын, дьонун иитэр уонна үөрэтэр сүрүн күүстэриттэн биирдэстэрэ кини култуурата буолар. Ускуустуба холбуур, сомоҕолуур, түмэр күүһүгэр тирэҕирэн үлэлиир-хамсыыр Христина Николаевна Лемешева дириэктэрдээх Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата салаа-салаа аайы ылбыт билиини-көрүүнү, сатабылы олус сөпкө туһанан, сүрүн дьарыктары таһынан түмсүүлэрдээх – үҥкүүгэ “Оҕо саас”, “Иэйии”, ырыаҕа “Гармония” ансаамбыллар, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа “Рисуем все” түмсүү, норуот үнүстүрүмүөннэригэр уһуйааччылар “Вдохновение”, үөрэнээччилэриниин, бүтэрбит выпускниктарыныын  “Сандал” диэн оркестрдар, фольклорга уонна тыйаатыр ускуустубатыгар “Чугдаар” уонна “Саха саҥата” кэлэктииптэр.

Мин бүгүҥҥү кэпсээним чуолаан “Сандал” оркестр уонна кини  салайааччыта  СӨ култууратын туйгуна Светлана Ивановна Капитонова тустарынан буолуо. Ыам ыйын 19 күнүгэр бу салаа сыллааҕы отчуоттуур кэнсиэрэ буолан ааста.

Дьэ, иһиттэххэ, көрдөххө даҕаны киһи киһиэхэ кэпсиирдээх, миэнэ, биһиэнэ диирдээх буолла. Билиини-көрүүнү, сатабылы тургутар Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ, Дьокуускай куорат, оскуола иһинээҕи көрүүлэргэ, күрэхтэргэ лауреат, дипломант, Кылаан бириис буолуталаабыттар, саҥа сулустар умайбыттар, уһуннук үлэлээбиттэр ситиһиилэммиттэр, билии-көрүү, сатабыл таһымын чаҕылхайдык көрдөрөр уустук айымньылар толоруллубуттар. Ускуустуба оскуолатын аанын аһан киирэллэригэр оонньуур үнүстүрүөмэннэрин кэнниттэн бэрт кыратык быгар лэкээ төбөлөр балай эмэ өндөйбүттэр, илии-атах күүһүрбүт, бэйэҕэ эрэл улааппыт. Кинилэр оонньууларыгар айылҕа суугуна, көмүөл муус хамсааһына, көтөр-сүүрэр саҥата иһиллэн, көрөөччүнү-истээччини кэрэ эйгэтэ диэн киэҥ халлаан киҥкиниир куйаарыгар көтүтэллэр. Бу түгэҥҥэ оонньооччу, истээччи даҕаны биир тэтимҥэ киириилэрэ толоруу үрдүк маастарыстабата диэн сыаналанар. Бу эппит таһымым туоһута буолан, көрөөччү саалатыгар киирии-тахсыы, сүпсүгүрүү суох, бэл диэтэр, кырачаан истээччилэр-көрөөччүлэр чуумпуран олордулар. Дьэ бу буоллаҕа улаҕалаах уорааннаах урукку үйэлэр ааспыттарын үрдүнэн илин-арҕаа, хоту-соҕуруу сыҕарыйан, сороҕор улугуруу, ардыгар уларытыы сылларын барытын ааһан, норуодунай үнүстүрүмүөннэр тыастара-уустара билиҥҥи олох тыынын-тэтимин ылыыта, кэлэр үйэ кирбиилэригэр киириитэ!

“Сандал” оркестр Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата тэриллээтин кытта Анна Титовна Семенова салалтатынан хомуллан, оччолордооҕу култуурунай олох саҕахтарыгар өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тиийэ биллэн барбыта уонна күн бүгүҥҥүгэ диэри олох устун айанныыр. Орто дойду олоҕор туох барыта биир кэм күлүмүрдээн, чаҕылыйан турбакка, хаһан эрэ кыра соҕустук чуумпурарын, хаһан эрэ дьэ дуо диэбиттии өрө биэрэрин курдук, “Сандал” олоҕун суола эмиэ араас тэтимнээхтик, таһымнаахтык баран иһэр. Ол эрэн биири чуолкайдык уонна эрэллээхтик этиэхпин сөп – Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын кэлэктиибин курдук иллээх-эйэлээх, айыан-тутуон баҕалаах кэлэктиип баарын тухары сыккыс уутунуу быстыбакка улам-улам күүһүрэн, сүүрүккэ кубулуйан, үрэхтэргэ киирэн, далааһына кэҥээн, уолбат-уостубат уйгу буолуо. Күн бүгүн оркестр салайааччытынан үлэлиир Светлана Ивановна Капитонованы кытта кэпсэтиибит маннык буолла:

– Оркестр билигин саҥа тыын киллэринэн, сибиэһэй салгыны утаппыттыы эҕирийэн сэргэхсийэн, сөхсүнэн үлэлии сылдьарын көрө-көрө үөрэбит. Үлэҕин туохтан саҕалаатыҥ?

– Бастатан туран, бу бүгүн кэнсиэрбитигэр кэпсэниллибит ситиһиилэр, кыайыылар биһиги оскуолабыт бүттүүн кэлэктиибин сыралаах үлэтин түмүгэ диэн тоһоҕолоон этэбин. Манна “один в поле не воин” диэн өс хоһооно бэри диэн бэркэ сөп түбэһэр. Оттон оркестр туһунан кэпсиир буоллахха, барҕа махталбыт улахана бары ытыктыыр, убаастыыр, тумус туттар киһибитигэр Анна Титовна Семеноваҕа ананар. Кини баар буолан бу кэлэктиип 90-ус сыллар дьаамаларын, икки тыһыынча сыллар судаарыстыба тутулугар тиийэ уларыйыыларын, аан дойдуну атыйахтыы ытыйбыт хамсык хам тутуутун  ааһан күн бүгүҥҥүгэ диэри кэллэхпит. Мин тус бэйэм бу кэлэктиипкэ салайааччынан бэрт соторутааҕыта анаммытым. Манна кэлиэм иннигэр Майаҕа сүрдээх үчүгэйдик, табыллан, аһыллан үлэлээбитим-хамсаабытым. Онтон Хатас оскуолатын “Парад звезд” диэн бырайыагынан чугастык билэр этим. Манна үлэлии киирэрбэр Хатастааҕы музыкальнай оскуола салайааччылара үтүөлээхтэр. Бу сыллар тухары баян кылааһа хайаан даҕаны наада диэн бу ыстаапканы тута сылдьыбыттар. Онон кэлэрбэр хайдах эрэ билэр дьоммор, аймахтарбар курдук үөрэн-көтөн, үлэлиир-хамсыыр былааннаах этим. Дьолбор, кэлэктиип эмиэ сүрдээх үчүгэйдик, аһаҕастык, сылаастык көрсүбүтэ. Оттон оркестры биир бүтүн киһи диэн көрдөххө, хас биирдии үнүстүрүмүөн тус-туһунан уорган. Инньэ гынан манна хас биирдии киһи, үнүстүрүмүөн олус наадалаах, бэйэ-бэйэтин кытта ыкса ситимнээх, оонньуур айымньыбытыгар күүһүрэн биэрэр түгэннэрдээх эбэтэр чуумпура түһэн атыттарга суолу арыйар алыптаах. Оркестрбыт састаабыгар оҕотуттан саҕалаан эдэр, орто саастаах, саастаах да дьон бааллара сүрдээх үчүгэй – ол аата оҕолуу мэник-тэник, ып-араас, эдэрдии эрчимнээх, тэбэнэттээх эбэтэр саастаах дьоннуу олохтоох, чиҥ, сөҥ дорҕоон, тэтим баар. Ону барытын таба туһаннахха, добун дорҕоон дьүрүскэнин түһэриэххэ, кустук араас өҥүн оонньотуохха сөп. Мин салайааччы буоларым быһыытынан сыллааҕы былааны барыллаан (үөрэххэ ирдэниллэр былааны таһынан) айымньылары талан, ону дьонум кыахтарыгар, таһымнарыгар сөп түбэһиннэрэн оркестровка оҥоробун. Мин дьолбор, хас биирдии үнүстүрүмүөҥҥэ кыахтаах, үрдүк таһымнаах исписэлиистэрдээхпит. Инньэ гынан ситиһиилэрбит өссө даҕаны иннигэр, таһыммыт өссө үрдүөн сөп. Биир улахан баҕа санаам диэн, аҥаардас үөрэнээччилэртэн састааптаах оркестр баар буолуута...

– “Сандал” биир уратытынан уһуйааччылары кытта үөрэнээччилэр оонньууллара буолар. Онно көрдөхпүнэ, уһуйааччылар оҕолорун кытта партияларын ырыта, ханна тохтууру, күүһүрэри, иһийэри көннөрү киһи өйдөөбөт тылларынан быһаарса олорор буолааччылар. Дьэ бу биһиги билбэппитин билэр, өйдөөбөппүтүн өйдүүр, сатаабаппытын сатыыр оҕолорунан киэн тутта санааччыбын. Онон оркестрга оонньооһун үтүө өрүтэ элбэх эбит дии.

Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Билиини-көрүүнү, сатабылы таһынан оркестр хас биирдии кыттыылааҕа атыттардыын алтыһарга, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаах сыһыаҥҥа уо.д.а. үөрэнэр. Маҥнай кэлээт мин хайдах гынаммын дьонум интэриэһин көҕүлүүбүн, атын салгыны киллэрэбин диэн санааттан оркестр доҕуһуолунан ырыата ыллатыахха диэҥҥэ тиийдим. Аны ыллыыр дьонум – устудьуонка Анастасия Черноградская, Опера уонна балет тыйаатырын солистката Мария Шапошникова уонна... СӨ норуотун артыыһа Григорий Петров! Дьэ, санаан көрүҥ, бу дьонум толорор ырыаларын оркестровкаҕа олордуохпун, солистарбын кытта үлэлиэхпин наада... Ол оннугар хайдахтаах курдук умсугутуулаах, долгутуулаах, ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх түгэний! Мин дьолбор, баҕара санаабыт ырыаһыттарым сүрдээх үчүгэйдик сөбүлэннилэр уонна кыһаллан туран үлэлэстилэр. Бу бырайыакпыт табыллыбытыгар оркестрым кэлэктиибигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын.

– Светлана Ивановна, кэпсэтиибит тухары хаста даҕаны дьол диэн тылы тутуннуҥ. Дьол диэн тугуй уонна эн дьолуҥ туохханый?

Дьол диэ... Дьиҥэ, сүрдээх киэҥ, дириҥ өйдөбүл. Дьол диэн ыал буолуу, оҕолонуу, эрэллээх доҕоттор, таба тайаммыт идэҥ, үлэҕэ ситиһиилэриҥ... ити курдук этэн бара туруохха сөп. Мин олохпор букатын кыра эрдэхпиттэн ыра санаа оҥостубут үнүстүрүмүөммэр оонньуубун уонна онно оҕолору үөрэтэбин. Ол эбэтэр этээччилэр дии, өскөтүн эн үлүһүйүүҥ, умсугуйууҥ үлэҥ буоллаҕына, ол аата эн дьоллоох киһигин диэн. Дьэ ол этии биир  туоһута мин буолабын (мичээрдиир). Баян диэн мин умсугуйуум, үлүһүйүүм, бүүс-бүтүннүү тартарар истиҥ иэйиим! Арааһа, үрдүк айыылар ону билэллэр быһыылаах, үөрэнээччилэрим сүрдээх талааннаах, дьоҕурдаах оҕолор кэлэллэр, оҕолорум төрөппүттэрэ күүскэ өйүүллэр, көмө-тирэх буолаллар.

Дьэ ити курдук таптыыр идэтигэр үлүһүйэн туран үлэлиир, дьоҥҥо-сэргэҕэ махталлаах, дьоллоох кэрэ киһини кытта кэпсэтэн, кини эйгэтигэр киирэн ыллым уонна, үлэлээтэххэ, айдахха-туттахха, орто дойду олоҕо олус да үчүгэй ээ диэн санааҕа кэллим.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...