Лааҕырга киирэр оҕолор ПЦР туттарыахтара
Дьокуускай куорат таһынааҕы сайыҥҥы чэбдигирдэр лааҕырдарга оҕолору коронавируһу бэрэбиэркэлиир ПЦР анаалыһын эрэ кэннэ ылыахтара.
Ол туһунан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Сайын куорат таһынааҕы чэбдигирдэр лааҕырдарга сынньаныан баҕалаах оҕолор ПЦР анаалыһын туттаран, түмүгүн билэн эрэ баран лааҕырга барар-барбат дьылҕалара быһаарыллар.
«Өрөспүүбүлүкэ стационарнай лааҕырдара урукку эрэсииминэн үлэлиэхтэрэ. Ол эрэн оҕолор ПЦР анаалыстара вирус суоҕун көрдөрөр эрэ буоллаҕына лааҕырга киирэр кыахтаныахтара», – диэн этэллэр пресс-сулууспаҕа.
Чэбдигирдэр лааҕырдар 3 нэдиэлэ устата, ханна да барыыта-кэлиитэ суох, биир сиргэ сабыылаах эрэсииминэн үлэлиэхтэрэ.
Дьокуускай куоракка уонна сорох муниципальнай оройуоннарга оскуола күнүскү лааҕырдара дистанционнай көрүҥүнэн үлэлиэхтэрэ.