26.12.2023 | 12:30

Өлүөнэ өрүһү туоруур тырааныспар уйуга үрдэтилиннэ

Өлүөнэ өрүһү туоруур тырааныспар уйуга үрдэтилиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы  25 күнүттэн, Дьокуускай куораты уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун ситимниир, Өлүөнэ өрүһү «Хатас – Павловскай» хайысханан туоруур кыһыҥҥы суолга  тырааныспар уйуга 20 туоннаҕа диэри үрдэтилиннэ.

Туоруур сиргэ куттал суоһаабатын курдук төгүрүк суукканан ыйааһыны кээмэйдиир пууннар уонна видеонан кэтээн көрүү үлэлииллэр.

Бу иннинэ тырааныспар уйуга Бүлүү өрүскэ 20 туоннаҕа диэри үрдэтиллибитэ. Маны сэргэ, ахсынньы 25 күнүттэн тырааныспар уйуга «Халыма» Р-504 трасса Алдан өрүһү туоруур «Хаандыга – Мэҥэ – Алдан» хайысхатын 365-с км үрдэтилиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытык сирдэнэр буоллубут!
Куорат олоҕо | 09.05.2024 | 18:00
Ытык сирдэнэр буоллубут!
Кулун тутар 15 – муус устар 30 күннэригэр ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһыҥҥа Саха сириттэн хаһааҥҥытааҕар да элбэх – 125 156 киһи кыттыыны ылбытын туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.   Ол иһигэр Дьокуускай куораттан былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх – 52 271 киһи куоластаабыт (былырыын – 29 679 киһи).  «Куорат...
Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...