26.12.2023 | 18:00

Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута 2024 сыл саҥатыттан саҕаланыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев, ахсынньу 22 күнүнээҕи Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньахха Илдьитигэр иһитиннэрбитинэн, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута сотору кэминэн, 2024 сыл саҥатыттан саҕаланыаҕа.
Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута 2024 сыл саҥатыттан саҕаланыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, 2028 сылга муоста тутар-таҥар үлэтэ түмүктэниэҕэ. «Быйыл бырайыактааһын түмүктэнэн, федеральнай үбүлээһин кээмэйинэн бастакы быһаарыылары ылыннылар. Сир учаастактара чопчуланнылар, инженернай ситимнэр уларытан оҥоһулуннулар. Сүрүн үлэни саҕалыырга барыта бэлэм, чугаһынааҕы ыйдарга муоста тутуута саҕаланыаҕа. Дойду бэрэсидьиэнэ Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар уонна өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбатыгар Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута 2028 сылга түмүктэниэхтээх диэн биэрбит сорудаҕа толоруллуохтаах», – диэн тоһоҕолоон эттэ Айсен Николаев.

Кини бэлиэтээбитинэн, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста илиҥҥи тырааныспар систиэмэтин биир сүрүн эбийиэгинэн буолуоҕа. «Өрөспүүбүлүкэбит Илиҥҥи глобальнай экономическай хамсааһын кыттааччыта буолан эрэрин көрөбүт. Пекиҥҥа буолбут Норуоттар икки ардыларынааҕы форумҥа, бэрэсидьиэн Владимир Владимирович Путин, норуоттар икки ардыларынааҕы саҥа тырааныспар көрүдүөрүн чопчулаабыта, ол иһигэр Саха сиринээҕи. Ол курдук, биһиги  Азия – Чуумпу океан регионун Хотугу муора суолун кытта ситимниэхтээхпит. Онон Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста илиҥҥи тырааныспар систиэмэтин биир сүрүн эбийиэгинэн буолуоҕа», – диэн эбэн эттэ регион салайааччыта.

Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста дойду Суол үлэтин биэс сыллаах былааныгар уонна Уһук Илин социальнай-экономическай сайдыытын  Национальнай бырагырааматыгар дьоһун бырайыактартан биирдэстэрин быһыытынан киирэн сылдьар.

Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста үлэҕэ киирдэҕинэ Саха сиригэр тырааныспар сырыыта 20-тэн 87%-ҥа диэри тупсуоҕа. «Хотугу завозка» бүддьүөт сыллааҕы ороскуота 4,7 млрд солкуобайтан итэҕэһэ суох экономияланыаҕа.

Бырайыак саамай көдьүүстээх механизм – концессия көрүҥүнэн олоххо киирэн эрэр. Итиннэ олоҕуран, чааһынай хапытаал үбүлээһинин көмөтүнэн, бырайыак суһал болдьоххо олоххо киирэр кыахтанар. 2023 сыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр, 122 млрд солкуобай суумалаах, муоста уҥа кытыллааҕы тутуутун бырайыагын докумуона судаарыстыбаннай экспертиза сөбүлэҥин ылбыта.  Хаҥас кытылын бырайыактааһын салҕанар, муоста уопсай суумата барыллаан 130 млрд солкуобай курдук.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...