Өлүөнэ очуостарыгар ойуур баһаара
Бэс ыйын 9 күнүгэр Хаҥалас улууһугар баар «Өлүөнэ очуостара” национальнай паарка ойууругар баһаар буола турара көстүбүтүн туһунан дириэктэр Аркадий Семенов биллэрбит.
«Бүгүн икки гектар курдук иэннээх сиргэ ойуур умайа турара булулунна. Ону тоҕус киһи умуруора сылдьар, эбии биэстии-алталыы киһилээх бөлөх барда. Киэһэ өттүгэр 20-25 киһи буолан сарсыҥҥа диэри умулларар былааннаахпыт”, - диэбит паарка дириэктэрэ.
Итини таһынан Хаҥалас улууһун Улуу Сыһыы диэн сиригэр икки гектар ойуур умайа турар эбит. Онно 40 киһи, 6 тиэхиньикэ үлэлиир. Эрдэ биллэрбиттэринэн, баһаар этиҥнээх ардахтан саҕаламмыт.
Өссө биир ойуур баһаара Тумул сэлиэнньэтин таһыгар 310 га сиргэ баара биллэр. Онно ДТ-75 тыраахтар, 105 киһи, 78 тиэхиньикэ үлэлииллэр. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суох дииллэр.