20.08.2021 | 11:30

Өлүөнэ очуостарыгар бүтэһик баһаар бохсулунна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка территориятыгар баар улахан баһаар бохсулунна. Миэстэтигэр атын көрдүгэннэр күөдьүйбэттэрин курдук ЫБММ эбии бөлөҕө үлэлиир. 
«Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка – «ЮНЕСКО» аан дойдутааҕы нэһилиэстибэтин эбийиэгэ, Арассыыйа ЫБММ ураты хонтуруолугар сылдьар. Атырдьах ыйын 19 күнүгэр паарка территориятыгар РФ ЫБММ регионнааҕы управлениетын бөлөҕө кэлбит, биэдэмистибэ баһылыгын бастакы солбуйааччыта Александр Чуприян паарка территориятын авиациянан кэтээн көрбүт. 
Паарка территориятыгар баһаар бэс ыйын 27 күнүттэн умайар. Паарка дириэктэрэ Аркадий Семенов бэлиэтээбитинэн,  баһаары умуруорууга ыарахан тиэхиньикэни туттуу сатаммата усулуобуйаны уустугурдан биэрбит. Биир күн инники паарка сотрудниктара уонна баһаары умуруорааччылар «Өлүөнэ очуостара» территориятыгар өссө биир баһаары бохсубуттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...