14.07.2021 | 13:00

«Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа үс баһаары парашютист-десантниктар тохтоппуттар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа ойуур баһаарын төрүөтүнэн ардаҕа суох кураанах этиҥнэр буолбуттар диэн этэллэр «Авиациянан ойууру харыстыыр» ФБТ. 
ЮНЕСКО испииһэгэр сылдьар ураты айылҕалаах территорияҕа Федеральнай, Тыва, Хабаровскай, Забайкальскай уонна Свердловскай Авиациянан ойууру харыстыыр ФБТ 159 парашютист-десантниктара көмөҕө кэлбиттэр.  Киһи сылдьарыгар уустук сирдэргэ, күүстээх тыал кэмигэр Авиациянан ойууру харыстыыр тэрилтэ этэрээтэ аҥаардас кыһыл илиинэн 4,9 тыһ. га сиргэ 3 баһаары тохтоппут. 
Бэҕэһээ күнү быһа парашютист-десантниктар салгыы умуруорааһыҥҥа үлэлээбиттэр, онно эбии икки баһаары тохтоторго киирсэллэр. 
Ааспыт сууккаларга кинилэр тастан көмөлөһөөччүлэри кытта 65, 3 тыһ га сири барбыт 2 улахан баһаары, итини сэргэ Саха сирин ойуурун пуондатын 7,8 га сиригэр 13 баһаары тохтоппуттар. 
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр уоту кытта 2 тыһ. тахса киһи, ол иһигэр 1 тыһ. кэриҥэ Федеральнай, Дьокуускайдааҕы уонна 12 регион Авиациянан ойууру харыстыыр тэрилтэ парашютист-десантниктара уонна 300-тэн тахса тиэхиньикэ үлэлииллэр. 
Ойуур баһаара буола турар сирдэригэр парашютист-десантниктары уонна тэриллэрин таһарга  Ми-8 бөртөлүөттэр көтөллөр. 
Баһаары намыратар сыаллаах Федеральнай Авиациянан ойууру харыстыыр тэрилтэ Ан-26 зондировщик сөмөлүөт көмөтүнэн ардаҕы түһэртэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...