Өлүөнэ мууһун аллараа кытыыта Кангалааска кэллэ
Бүгүн сарсыарда Өлүөнэ эбэ мууһун аллараа кытыыта Кангалаас микрооройуонугар кэллэ.
Уу таһыма Табаҕа сэлиэнньэтин таһыгар 6 м 81 см (кутталлаах кэрдииһэ – 9 м 70 см).
Киин куорат Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениета иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай таһыгар уу таһыма сарсыарда 8 чааска 4 м 52 см (кутталлаах кэрдииһэ – 8 м 27 см). 4 чаас иһигэр уу таһыма 9 см намтаабыт, муус хойуутук барар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев эппитинэн, бүгүн күнүс быһа холоон 15 чааска Кангалаас аннынан харан турар мууһу дэлби тэптэрии буолуоҕа.
Нам сэлиэнньэтин аннынан муус хамсаабыт.
Өлүөнэ тардыытын ууга салалтатын иһитиннэрбитинэн, Алдан өрүс төрдүгэр Кэбээйи улууһун Батамай гидропоһугар муус харыыта үөскээбит. Уу таһыма – 9 м 39 см (4 чаас иһигэр 11 см эбиллибит, кутталлаах кэрдииһэ – 11 м 34 см).
Амма эбэҕэ Таатта улууһун Чымынаайы сэлиэнньэтин аннынан уу эбиллэ турар, уу таһыма – 11 м 63 см (кутталлаах кэрдииһэ – 12 м 60 см). Нэһилиэнньэлээх пуун намыһах турар сирэ ууга барда уонна суола алдьанна. Атын нэһилиэктэргэ барар суол баар.
Орто Халыма анныгар Халыма өрүс мууһа ыам ыйын 19-20 күннэригэр эстэрэ күүтүллэр.