Өлүөнэ мууһа Дьокуускайга ыам ыйын иккис дэкээдэтигэр хамсыыра күүтүллэр
Гидрометцентр кэтээн көрүүтүнэн, ыам ыйын маҥнайгы дэкээдэтигэр муус Ленскэй, Өлүөхүмэ, Хаҥалас уонна Нам оройуоннарынан ааһыаҕа, Дьокуускайга – ый иккис дэкээдэтигэр.
Былырыын муус Ленскэйгэ ыам ыйын 13 күнүгэр хамсаабыта уонна сууккаҕа уу таһыма 214 см тэҥнэспитэ. Дьокуускай куорат эргин муус күүскэ барыыта ыам ыйын 17 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Амма, Чурапчы, Уус Алдан, Таатта, Горнай, Кэбээйи уонна Анаабыр оройуоннарыгар нуорматтан элбэх хаар түспүтүн суотугар уу таһыма үрдээн, ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата үөскээбитэ. Быйыл муус барыыта 1-3 суукканан эрдэлиирэ сабаҕаланар. Хоту улуустар өрүстэрэ ыам ыйын иккис дэкээдэтиттэн саҕалаан бэс ыйын саҥатыгар диэри хамсыахтара, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.