Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутарга көҥүл бэрилиннэ
Өрөспүүбүлүкэ Архитектураҕа уонна куорат тутуутугар управлениета Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутуу бастакы түһүмэҕэр – тутуу территориятын бэлэмнээһиҥҥэ көҥүлү биэрдэ. Ол туһунан управление пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
2022 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр диэри болдьохтоох көҥүлү тутууну ыытааччы – «Восьмая концессионная компания» ылла. Генеральнай бырайыактыыр тэрилтэнэн «Гипростроймост институт – Санкт-Петербург» буолар.
«Үлэ чэрчитинэн инженернэй ситимнэри уларытан оҥоруу былааннанар. Ол курдук 14 тирээбиллээх 3521 м уонна 48 тирээбиллээх 9210 м уот ситимнэрин уларытан оҥоруохтара», – диэн этиллэр пресс-сулууспа иһитиннэриитигэр. Итини таһынан, 133 мм – 565 м уонна 159 мм – 337 м эргимтэлээх үрдүк баттааһыннаах гаас уонна 7430 м сибээс ситимэ оҥоһуллара былааннанар.
Өлүөнэ муостата Транссибирскай уонна Байкал-Амур сүрүн суолларын Хотугу муора суолун кытта, ону ааһан инники өттүгэр Европа уонна Азия-Чуумпу акыйаан регионун икки ардыларын холбуур көрүдүөр буолуон сөп.
Муоста Эргэ Табаҕа сэлиэнньэтиттэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай сэлиэнньэтигэр диэри буолуоҕа. Кини Дьокуускайга тырааныспар логистикатын түмүөҕэ уонна федеральнай маршруттары арыйыаҕа: тимир уонна уу суоллара, авиация, ону сэргэ «Бүлүү», «Өлүөнэ» уонна «Халыма» федеральнай суолталаах суоллары. Муоста көмөтүнэн таһаҕас таһыыта региоҥҥа үс төгүл – сылга алта мөлүйүөн туоннаҕа тиийэ үрдүөҕэ.