17.05.2021 | 12:08

Өлүөнэ эбэҕэ уу таһыма үрдээн иһэр

Ыам ыйын 17 күнүгэр сарсыарда 8 чаас туругунан уу таһыма үрдээн иһэрэ бэлиэтэнэр.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Табаҕа сэлиэнньэтигэр баар гидропоска уу таһыма 637 см тиийбит, 4 чаас иһигэр 20 см үрдээбит (кутталлаах кэрдиис –  970 см).

Дьокуускай гидропоһугар уу таһыма 280 см тиийбит (кутталлаах кэрдиис – 827 см), 4 чаас иһигэр 7 см эбиллибит.

Кангалаас микрооройуонун таһыгар 4 чаас иһигэр уу 54 см эбиллибит. Уу таһыма – 484 см (кутталлаах кэрдиис – 1000 см).

Өлүөнэ эбэҕэ муус аллараа кытыыта Покровскай оройуонугар баар. Устан иһэр муус уопсай уһуна 800 км, ортотук устар.

Дьокуускай куорат Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениета бар дьону сэрэхтээх буолуҥ, өрүскэ уонна арыыларга кииримэҥ, доруобуйаҕытын уонна олоххутун харыстааҥ диэн ыҥырар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...