12.08.2022 | 12:00

Өлүөхүмэ улууһун кытта бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥ баттанна

Куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтатын баһылыга Николай Харбин бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥи түһэристилэр диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Өлүөхүмэ улууһун кытта бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥ баттанна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сөбүлэҥ өрөспүүбүлүкэ улуустарын кытта муниципальнай сибээһи бөҕөргөтөр сыаллаах.

«Сөбүлэҥ сүрүнэ – Дьокуускай куорат территориятыгар кыттыгас бырайыактары олоххо киллэрии. Улуус дьаһалтатын сыала биһиги былааммытын кытта сөп түбэһэр. Ол иһин сөбүлэҥ көмөтүнэн тиһиктээх былаан оҥоруохпут, ол иһигэр спортка уонна култуураҕа сыһыаннаах маассабай тэрээһиннэри», - диэтэ Евгений Григорьев.

Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын элбэтии сүрүн хайысханан буоларын бэлиэтээтэ. Итиэннэ түүлээҕи таҥастааһын уонна ойуур промышленнаһа сайдан иһэрин кэпсээтэ.

Сөбүлэҥҥэ илии баттааһын кэмигэр тэрээһин кыттыылаахтара маннык ньыманан бииргэ үлэлээһин оройуон уонна өрөспүүбүлүкэ киин куората социальнай-экономическай сайдыыларын төрүөтэ буоларыгар эрэллэрин биллэрдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...