Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо Ыһыаҕа түмүктэннэ
Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаха бэс ыйын 26-27 күннэригэр Өлүөхүмэ оройуонун «Аанньаах Хочото» диэн сиригэр буолан ааста.
Эпидемиологическай туругунан сибээстээн ыһыах манна эрэ уруккулуу көрүҥүнэн ыытылынна. Атын улуустар, нэһилиэктэр ыһыахтара тохтотуллубуттара. Туймаада ыһыаҕа дистанционнай көрүҥүнэн ыытыллыбыта.
Өрөспүүбүлүкэ ыһыаҕын чэрчитинэн, манна араас көрүҥнээх күрэхтэр, ол иһигэр олоҥхоһуттар, оһуохай тылын этээччилэр, хомусчуттар күрэхтэрэ буолан ааста.
Аҕа саастаах олоҥхоһуттарга кыайыылааҕынан Таатта улууһун олоҥхоһута Александр Багардынов буолла. Эдэр олоҥхоһуттарга Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан Виталий Никифоров бастыҥынан ааттанна.
Хомусчуттар күрэхтэригэр кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан Варвара Степанова таҕыста.
Оһуохай тылын бастыҥ этээччитинэн Олоҥхо дойдутунан ааттанар Сунтаар улууһуттан сылдьар Светлана Зедгенидзева буолла.
Эһиил, 2022 сылга, Олоҥхо Ыһыаҕа Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллара былааннанар.