29.04.2021 | 10:21 | Просмотров: 859

Икки саха аан дойду бастыҥнарын рейтинигэр

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

UWW (Тустуу аан дойдутааҕы ассоциациятын) рейтинигэр бу ыйга бастакы оҥоһуллуутугар Айаал Лазарев Азияҕа үрүҥ көмүһүнэн бэйэтин ыйааһыныгар үһүс бастыҥынан сурулла сырытта. Урут саха ыарахан ыйааһыҥҥа итинник үрдүк таһымҥа тахсыа диэтэххэ, туолбат ыра курдук саныа этибит. 
UWW Европа чемпионатын түмүгүн киллэрэн рейтини хамсаппыттарын үрдүнэн төрдүһүнэн сурулунна. Бу да па дуо? 
57 кг. Европа саҥа призера Эдуард Григорьев ыйааһыныгар бэһис рейтиҥҥэ таҕыста. Ыам ыйын 6 күнүттэн Болгария киин куоратыгар Софияҕа Токио Олимпиадатыгар аан дойдутааҕы лицензияны былдьаһыы саҕаланыаҕа. Иккис миэстэ иһигэр киирбиттэр оннук докумуону тутар дьоллонуохтара. Сахалартан 125 кг Айаал Лазарев, Владимир Иванов, Владислав Андреев (иккиэн 57 кг) уонна Ньургун Скрябин (65 кг) өссө төгүл спортсмен эрэ барыта дьулуһар оонньууларыгар тиийэр суолу көрдүүргэ бүтэһик ааны аппата сатыахтара. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.