«Кыым» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ үлэлээбитэ 20 сыллааҕы үбүлүөйэ
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон үлэлээх буолууларын ситиһэн Горнай улууһун салалтата 2001 сыллаахха тэрилтэ арыйан үлэлэппиттэрэ номнуо 20 сыл тиһигин быспакка, дьон ортотугар тэҥҥэ хардыылаан үлэлээн кэллэ. Аан бастаан инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэсэдээтэлэ Ульяна Ивановна Романовна көҕүлээһининэн чилиэттэр бары, ким да туора турбакка харчы бырахсан уонна олохтоох дьаһалта, үлэлээх буолуу Киинэ өйөөн үлэлэрин саҕалаабыттар.
Билигин тэрилтэ салайааччыта Барашкова Анна Лукинична, күн бүгүнүгэр диэри сөптөөхтүк салайан тэрилтэтин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр гына үүннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр уопсастыбаларын салайааччыта Ирина Лебедева Анна Лукиничнаны «Уопсастыба сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэнэн наҕараадалаата.
Ити курдук, «Кыымтан» саҕыллан хас биирдии үлэһит бэйэтигэр туох эрэ туһалааҕы буларын, уопсастыбаҕа наадалаах үлэтигэр тус кылаатын киллэрэрин тутуһан биир тыынынан үлэлээн кэлбит үлэһиттэри, тэрилтэ салайааччытын бүгүҥҥү үбүлүөйгүтүнэн эҕэрдэлиибит.
Инникитин сайдар суолу тутуһан, кэҥээн, тупсан, ылсыбыккыт ыпсан истин диэн алгыс тылбытын аныыбыт.