Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан туһунан сокуоҥҥа уларыйыылары киллэриини дьүүллэстилэр
Дьокуускай куораттааҕы Дуума уонна Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах дьокутааттара ахсынньы 11 күнүгэр Олохтоох дьаһалтаҕа 2018 сыл ахсынньы 27 күнүнээҕи 498 №-дээх «Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан уонна РФ сокуонун аакталарыгар уларыйыылары киллэрии туһунан» федеральнай сокуон олоххо киириитинэн сибээстээн үөскээбит кыһалҕалаах боппуруостары дьүүллэстилэр.
Мунньах кыттааччылара федеральнай сокуоҥҥа уларыйыылары киллэриигэ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньахха киирбит сокуон таһаарар көҕүлээһинин дьүүллэстилэр. Дьыаланы көрүүгэ РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова, куорат баһылыга Евгений Григорьев, СӨ ветеринарияҕа Департаменын салайааччыта Петр Петров кытыннылар.
Ветеринария Департаменын салайааччыта Петр Петров бэлиэтээбитинэн, 498-ФЗ федеральнай сокуон олоххо киириэҕиттэн хаһаайына суох кыыллар ахсааннарын бэрээдэктээһиҥҥэ уонна дьиэ харамайдарын булгуччу регистрациялааһыҥҥа кыһалҕалар үөскээбиттэр.
«Биллэрин курдук, билигин хаһаайыттар кыылларын бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн регистрациялыыллар. Бэлиэтээн эттэххэ, кыыллары булгуччу регистрациялааһын 2002 сыл от ыйын 10 күнүнээҕи «Ыттары, куоскалары, экзотическай кыыллары иитии бэрээдэгин уонна хаһаайыттар эппиэтинэстэрин туһунан» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоҥҥа сурулла сылдьар, ол эрэн ити сокуон 498-ФЗ федеральнай сокуон принциптэригэр сөп түбэспэт диэн буолбута», – диэн бэлиэтээтэ ветеринария Департаменын салайааччыта.
2014 сыл атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи СӨ Бырабыыталыстыбатын Уурааҕынан бигэргэтиллибит сокуоҥҥа кыыллары регистрациялааһыны киллэрэр туһунан этии киирдэ. Ол эрэн федеральнайга сокуоҥҥа сөп түбэспэтинэн сибээстээн СӨ Прокуратурата сөбүлэспэт түмүгү таһаарбыт.
«Федеральнай сокуоҥҥа ыт кырыктааҕын быһаарар уонна дьэллик кыыллар ахсааннарын чуолкайдыыр ньыма суох. Үлэбитин кинилэр оҥорбуттарынан ыытабыт», – диэн бэлиэтээтэ Петр Петров.
Итини таһынан, киин куоракка дьэллик кыыллар приюттара суоҕа сүрүн кыһалҕанан буолар. Очиченко уул., 57 баар быстах кэмҥэ тутар Пуун кыыллары барытын тутан олорор уонна федеральнай сокуон бары ирдэбиллэригэр эппиэттиир кыаҕа суох.
«Сокуон быһыытынан, тутан, быһыыны туруоран уонна стерилизациялаан баран хаһаайына суох кыылы төттөрү ыытыллар уонна быстах кэмҥэ тутар Пууҥҥа хаттаан киллэриллибэт. Ол иһин приют тутуута булгуччулаах», – диэтэ Петр Петров.
СӨ ветеринарияҕа Департаменын салайааччыта босхо күүлэйдии сылдьар кыылларга нуорма быһыытынан СӨ КоАП олоҕуран ыстарааптары туттуохха диэн этии киллэрдэ. Итини таһынан, куорат уокуругар баар дьиэ кыылларын 2021 сыл балаҕан ыйыттан үлэлиир «Регагро» кыыллары учуоттуур уонна регистрациялыыр национальнай систиэмэ муодулугар киллэрэргэ сүбэлээтэ.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев 498 №-дээх «Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан уонна РФ сокуонун аакталарыгар уларыйыылары киллэрии туһунан» федеральнай сокуон олоххо киириитин миэрэлэрин таарыйда. Кини дьэллик кыыллар ахсааннарын бэрээдэктээһиҥҥэ боломуочуйалар үбүлэнэр таблицаларын көрдөрдө. Ол курдук, 2020 сылга хаһаайына суох ыттары кытта үлэни тэрийиигэ судаарыстыба бүддьүөтүттэн 14 мөл 727 тыһыынча солкуобай суумалаах субвенция көрүллүбүт, оттон 2021 сылга – 27 мөл 928 тыһыынча солкуобай.
«2021 сылга 4 018 төбөнү тутарга 42 мөлүйүөн солкуобай үбүлээһин ирдэннэ. 2022 сылга 31 мөлүйүөн солкуобайтан тахса субвенция бэриллэрэ былааннанар», – диэтэ баһылык.
СӨ ветеринарияҕа Департаменын салайааччыта дьэллик кыылларга анаан приют тутуутун туһунан этиитигэр Евгений Григорьев РФ Сирин кодексатыгар олоҕуран чааһынай приюттарга босхо сир учаастактарын биэрэр көҥүллэммэт диэн быһаарда. «Сокуоҥҥа олоҕуран чааһынай илиигэ сири биэрэр кыахпыт суох, ол иһигэр «Помоги выжить» аһымар пуондатыгар», – диэн быһаарда куорат баһылыга.
Кини эппитинэн, хаһаайыттар эппиэтинэстэрин үрдэтэр курдук дьиэ кыылларын босхо ыытыы иһин ыстарааптар үрдүүллэрэ ирдэнэр. Элбэх дьэллик кыыл хаһаайыннаахтара кистэл буолбатах, ол эрэн кинилэр көҥүл-босхо сылдьан дьоҥҥо кутталы үөскэтэллэр.
Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, 2021 сыл сэтинньи 29 күнүттэн, куорат олохтоохторугар ыттар саба түһэллэрин туһунан иһитиннэрии киирбитин кэннэ дьэллик ыттары тутарга суһал штаб тэриллибит.
«АГАТУ оройуонугар дьахтарга саба түһүү бастакы түбэлтэтин кэнниттэн ити оройуоҥҥа уонна Автодорожнай уокурукка бүтүннүүтүгэр ыттары тутар туһунан сорудах бэриллибитэ. Дьэллик кыыллары быстах тутар пуун үлэһиттэрэ 70-ча ыты туппуттара. Ыттар саба түһүүлэрин сэрэтэр үлэҕэ ППБЖ уонна Автодорожнай уокурук үлэһиттэрэ кыттыстылар», – диэн бэлиэтээтэ куорат баһылыга.
Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин «гуманнайдык өлөрүүнү (эвтаназияны)» киллэрэр уонна «гуманнайдык өлөрүү» бэрээдэгин бигэргэтиини, итини сэргэ дьиэ кыылларын булгуччулаахтык регистрациялааһыны уонна «урут олорбут сирдэригэр төннрүү» пууну суох гынар туһунан этиилэри киллэрдэ.
РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова 498 №-дээх «Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан уонна РФ сокуонун аакталарыгар уларыйыылары киллэрии туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларыйыылары киллэрии болдьохторун уонна көрүҥнэрин быһаарда.
«Куораттааҕы уокурук федеральнай сокуоҥҥа уларыйыылары киллэрии туһунан этиитин сайаапкаҕа киллэрдибит. Сайаапка тохсунньу 15 күнүгэр көрүллүөҕэ. Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньахха көрүллүөхтээх көннөрүүлэри РФ КоАП нуормаларыгар олунньу 17 күнүгэр диэри киллэриэххэ сөп», – диэтэ Галина Данчикова.