Кытыы нэһилиэктэргэ суол үлэтэ күөстүү оргуйар
Тулагы Киллэм нэһилиэгин Сыырдаах бөһүөлэгэр «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн суол-уулусса ситимин хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллар. Манна икки уулусса уонна хас да ааһар суол хабыллыахтара – Скрябин уул., Сайдыы, Крестьянскай, Фермерскэй, Кэскиллээх ааһар суоллара уонна Церковнай уул.
Эбийиэк уопсай устата – 2187 миэтэрэ. Ааһар суоллар 3-түү миэтэрэ кэтиттээх икки балаһалаах буолуохтара, айанныыр өттө – 6 миэтэрэ, суол кытыыта – 1,5 миэтэрэ, сир болотуната – 9 миэтэрэ. Маны таһынан 91 тирээбили уонна светильниги туруоруохтара.
Балаҕан ыйын 16 күнүнээҕи туругунан сир болотунатын уонна суол таҥаһын оҥорор үлэлэр ыытыллаллар. Ити күн тутуу уопсай бэлэмэ 45% тэҥнэспитэ бэлиэтэнэр. Үлэҕэ экскаватордар, самосваллар уонна погрузчиктар туһаныллаллар.
Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, хапытаалынай өрөмүөн 2025 сыл сэтинньи 30 күнүгэр түмүктэнэрэ былааннанар. Бэдэрээтчит – «Дороги Саха» сабыылаах акционернай уопсастыба.
Быйыл Кангалаас дьоҕус оройуонугар «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак иитинэн Ольховай уулусса хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллар. Маны сэргэ бөһүөлэк икки өттүн ситимниир күргэ өрөмүөннэнэр.
Ол курдук, Ольховай уулуссаҕа бордюр таастарын туруоруу, сатыы дьон сылдьар тротуардарын оҥоруу, үлтүркэй таас уонна кумах булкааһыттан суол кытыытын бөҕөргөтүү, суол ситимнэһэр уонна түһэр сирдэрин бэлэмнээһин, уу сүүрэр ханаабатын оҥоруу курдук үлэ араас көрүҥэ ыытыллар.
Эбийиэк уопсай устата – 1 км 314 м. Бэдэрээтчит – «Монтаж Сервис» ХЭУо.
Күргэ өрөмүөнүн туһунан эттэххэ, балаҕан ыйын 13 күнүнээҕи иһитиннэриинэн, ууну аһардар турбаны уурар үлэ түмүктэммит. Билигин суол кутуута оҥоһуллар, дьапталҕанан бөҕөргөтүү ыытыллар. Бэдэрээтчит – «Дороги Саха» сабыылаах акционернай уопсастыба.
Санатан эттэххэ, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киириэҕиттэн биэс сыл иһигэр Дьокуускай куорат 133 эбийиэгэр 164 км кэриҥэ суол өрөмүөннэннэ. 2024 сыл бүтүөр диэри киин куорат 80% тахса суола нуормаҕа эппиэттиир курдук оҥоһуллуохтаах.