19.03.2020 | 09:46

Кытыантан маас оҥороллор

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн Бүлүү улууһун Бөкчөҥө нэһилиэгин агропрофилированнай хайысхалаах оскуолатын (дириэктэр С.И. Бубякина) үлэтин билиһиннэриэхпит. Кэлэр үөрэх дьылыгар орто оскуола төрүттэммитэ 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ.

Ыспараапка:

* Оскуола тэриллибит сыла – 1931

* 2015 сыл ахсынньы 26 күнүгэр саҥа таас оскуола тутуллан үлэҕэ киирбит

* Үөрэнээччи ахсаана – 72

* Быйыл оскуоланы 6 оҕо үөрэнэн бүтэрэр

* Комплект кылаас – 11

Оскуола үс сүрүн хайысхаларынан үлэлиир:

1. Агропрофилированнай

2. Бизнес-инкубатор

3. Экологическай хайысха

Агропрофилированнай хайысхалаах оскуола

Оскуола агропрофилированнай хайысханы 2013-2014 үөрэх дьылыттан тутуһар. 2015 сылтан агрохайысхалаах статустаммыт. 2015-2016 үөрэх дьылыгар “Подсобное хозяйство в малокомплектной школе” муниципальнай инновационнай балаһаакка статуһун көмүскээбит.

Оскуолаҕа 26 учуутал уонна педүлэһиттэр үтүө суобастаахтык үлэлииллэр. Манна учууталлар методическай холбоһуктара ситиһиилээхтик үлэлиир. Ордук таһаарыылаахтык естественно-математическай, алын сүһүөх кылаастар учууталларын холбоһуктара бэйэлэрин таһаарыылаах үлэлэрин быйылгы үөрэх дьылыгар көрдөрбүттэр.

Бу оскуола үөрэнээччилэрэ предметнэй олимпиадалар кыайыылаахтара, Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай конференциялар кыайыылаахтара, спортивнай, култуурунай күрэхтэргэ сыл ахсын инники күөҥҥэ сылдьар бастыҥ үөрэнээччилэрдээх оскуоланан улууска биллэр. 2017-2018 үөрэх дьылыттан оскуола “Бизнес-инкубатор” бырайыагынан үлэлиир.

Оскуола материальнай-техническэй базата:

- Үөрэнэр корпуһа 80 миэстэлээх

- Бас билиигэ баар сирин иэнэ – 3,34 га

- Овощехранилище тутулла турар (63 кв,м.)

- Тэпилииссэ – 92 кв.м.

- “Беларусь-402” тыраахтар баар

- УАЗ массыыналаахтар

- Уу тардыллар ханаабалаахтар (водопровод)

Оҕону үлэнэн иитэллэр

Сайыҥҥы бириэмэҕэ оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанар Оҕо үлэ-сынньалаҥ лааҕыра ситиһиилээхтик үлэлиир.

Сайыҥҥы лааҕыр (сал. агроном үөрэхтээх Д.С. Ефремова) үс сезонунан үлэлиир, биирдии сезоҥҥа 25-тии оҕону хабаллар эбит. Оскуолаларын тэпилииссэтигэр хортуоппуй, хаппыыста, оҕурсу, помидор, биэрэс, моркуоп, сүбүөкүлэ, укроп арааһын олордоллор. Манна оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларыгар, үлэлииллэригэр усулуобуйа барыта баар. Оҕуруот аһын хайдах олордорго, көрөргө-харайарга үөрэнэллэрэ инники олохторугар туһалаах буолара саарбахтаммат.

Тыа сири олоҕун үөрэтиигэ туһуланар

Оскуола агро хайысханан үлэлиир сыалынан буолар: оҕону тыа хаһаайыстыбатын сайдар саҕахтарыгар иитии, үөрэтии, үлэ сатабылларын үгэстэрин иҥэрии, оскуола остолобуойун сибиэһэй оҕуруот аһынан толору хааччыйыы, оскуолаҕа эбии дохуоту киллэрии. Өскөтүн бу ылыныллыбыт бырагырааманы толору туһаннахха, оҕолор тыа сирин олоҕор толору бэлэмнээх,

сатабыллаах буола улааталларын ситиһиэхтээхпит диэн учууталлар баҕа санаалаахтар эбит.

100.000 солкуобай дохуот киллэрэллэр

Үүннэрбит бородууксуйаларын ордугун Бүлүүгэ, Дьокуускай куоракка араас таһымнаах дьаарбаҥка-быыстапкаларга кыттан, сороҕун нэһилиэнньэҕэ атыылыылларын истэн сэҥээрдим. Аҥаардас оҕуруот аһын үүннэрэн, 100.000 солкуобайдаах дохуоту киллэрэллэр эбит. Өссө биир кэрэхсэбиллээҕэ, оскуола араас таһымнаах граннарга кыттан, кыайан, материальнай-техническэй базаларын бөҕөргөтөллөрүгэр сэмэй кылааттарын киллэрэллэрин биһирээтим. Улуустарыгар ыытыллар тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттан, өрүү 1-кы миэстэлэргэ тиксэр.

Экологическай үөрэхтээһини өрө туталлар

Оскуола биир сүрүн хайысхатынан экологическай үөрэхтээһин буолар. Оҕолор экспедицияларга сылдьан төрөөбүт дойдуларын айылҕатын үөрэтэллэр, чинчийэллэр. Бу үлэлэринэн научнай-практическай конференцияларга кытталлар. Улуус, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттан ситиһиилэнэллэр. Ол курдук, “Сордоҥноох” күөлү чинчийэн, эмтээх дьайыылааҕын быһаарбыттар. Бүлүү улууһугар түөрт регистрацияламмыт школьнай лесничество үлэлиириттэн, биирэ бу оскуолаҕа таһаарыылаахтык үлэлиир. 2018 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ школьнай лесничестволарын слетугар кыттан, кыайыылаах үрдүк аатын ылбыттар. Дьэ, бу улахан ситиһии диэххэ.

Оҕолор 2014 сыллаахха нэһилиэк чугаһынан буолбут ойуур баһаарын содулун үөрэтэн, билигин ойуур баһаар кэнниттэн хайдах чөлүгэр түһэн иһэрин чинчийэллэр, кэтээн көрөллөр эбит. Ону таһынан, экологическай аахсыйаларга, субуотунньуктарга көхтөөхтүк кытталлар. Нэһилиэк дьонун экологическай култуураҕа көҕүлүүллэрин сэҥээрдим. Сылын ахсын улуустааҕы “Знатоки природы” экологическай оонньууну “Зеленый пояс Вилюя” Д.Г. Макаров аатынан экологическай пуонданы, Бүлүүтээҕи Айылҕа харыстабылын инспекциятын кытары тэрийэн ыыталларын, бу оонньуу оҕоҕо экологическай култуураны иитии, дойдугабэриниилээх дьону иитэн таһаарар сыаллаах ыытыллара ханнык баҕарар оскуолаҕа холобур буолуон сөп дии санаатым.

Бизнес-инкубатор

“Школьный бизнес-инкубатор” бырайыак 2017-2018 үөрэх дьылыттан үлэтин саҕалаабыт. Кураторынан география учуутала П.С. Калачев үлэлиир. Бу бырайыак сүрүн соруга оҕолору предпринимательство эйгэтигэр иитии, эргиэҥҥэ сыһыаннаах оҕолору сайыннарыы, оскуола усулуобуйатыгар бэйэ дьыалатын арыналларыгар өйөөһүн буолар. Бизнес-инкубатор тыа сиригэр эргиэн сайдыытыгар төһүү күүс буолуохтааҕын, оҕо инникитин ханнык идэҕэ сөп түбэһэрин быһаарынарыгар көмө буолуоҕа диэн сыаллаах бэрт дьоһуннаах бырайыак буоларын истэн сөхтүм. Оҕолор оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларыттан бэйэлэригэр эбии дохуот оҥостоллор эбит.

Оҕолор дохуот киллэринэллэр

Надежда Иванова, 7-с кылаас үөрэнээччитэ, “Бизнес-инкубатор” ситиһиилээх резиденэ. Кини “Начинающий мастер по маникюру “Надежда”, “Мыловарение “Единорожек” бырайыактарга бэйэтин холонор эбит. Илиитинэн мыыла оҥорон уонна маникюр оҥорон, кырата суох дохуот киллэринэр.

Альберт Саввинов, 10-с кылаас үөрэнээччитэ, айылҕа эмтээх үүнээйилэриттэн чэй араас көрүҥүн оҥорор. Өссө кытыантан маас оҥорорун соһуйа истибитим. Кытыантан оҥоһуллар бородууксуйаларын кэҥэтэн, араас эмтээх настойдары кытта оҥорон саҕалаабыттар.

Альбертан маастар кылаас: Кытыантан мааһы оҥорорго натуральнай сырье туттуллар. Ол курдук, кытыан уонна ынах арыыта. Кытыантан оҥоһуллубут маастан маннык ыарыылары эмтэниэххэ сөп: сүһүөх, былчыҥ, радикулит, ревматоиднай артрит, хондуруос, сөтөл, тыынар уорган ыарыыларын мүлүрүтүү, бааһы оһордууга көмөлөһөр.

Бородууксуйалара атыыга хамаҕатык барар

“Кулинардар кулууптара” (сал. А.П. Николаева) бырайыагынан Бүлүү улууһун баһылыгын (баһ. С. Винокуров) граныгар “Производство свежезамороженных овощей” бырайыагынан кыттан, кыайыылааҕынан тахсан, 100.000 суумалаах граны сүүйэн, оскуолаларыгар анал оборудование атыылаһан, 2019 сылтан сибиэһэй оҕуруот аһыттан вакуумнай упаковкаҕа оҥорон, нэһилиэнньэҕэ атыылаан саҕалаабыттар. Бу бородууксуйалара олохтоох нэһилиэнньэ сэҥээриитин ылан, атыыга хамаҕатык барар буолбут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...