02.07.2020 | 18:52

Кыталыктаах сквер баар буолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Губинскай уокуругун предпринимателлэрин сэбиэтэ (салайааччы Нина Барашкова) түмсүүлээҕин, көхтөөҕүн көрдөрдө. Ол курдук, бу күннэргэ актыбыыстар ытык-мааны бэтэрээннэргэ уонна куорат олохтоохторугар бэртээхэй сквери бэлэх ууннулар.

Саҥа сынньалаҥ сирэ Кыайыы болуоссатын уонна “Туймаада саллаата” мемориальнай комплекс икки ардыгар баар буолла. Кыталыктаах сквер – Аҕа дойду Улуу сэриитин дьоруойдарыгар сүгүрүйүү, өйдөбүнньүк, ытыктабыл бэлиэтэ. Айылҕа кэрэ көтөрдөрө инникигэ эрэли түстүүр аналлаахтар, ураты тыыны үөскэтэллэр.

Уокурук көхтөөх предпринимателлэрэ күһүөрү акация олордор санаалаахтар, онуоха сирдэрин бэлэмнииллэр. Сквер долгуйар дьоллоох Дьокуускай куорат олохтоохторо сөбүлээн сылдьар, сынньанар сирдэрэ буолуо диэн эрэнэбит.

Губинскай уокурук управатын аатыттан предпринимателлэрбитигэр үтүө дьыалаҕыт иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит. Чуолаан Нина Барашкованы, Афанасий Киприяновы, Оксана Бутыринаны, Инна Васильеваны, Елена Бабичеваны чорботон ааттыахпытын баҕарабыт. “Губинскай” ОДьКХ салайар хампаанньатын кэлэктиибигэр (сал. В.Д. Дмитриев) махтал тылларын аныыбыт.

Губинскай уокурук управата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...