14.05.2021 | 14:06

Кытаанах бөҕү арааран мунньуу киэҥник тарҕанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка дьон олорор сиригэр бөҕү арааран мунньуу пилотнай бырайыага үлээбитэ 1 сыл буолла. Онно «Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа» ХЭТ, ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэлэрэ кытталлар. Маны сэргэ, Дьокуускай куорат дьаһалтата үлэлэһэр. 
Киин куоракка уопсайа бөҕү арааран мунньар 31 пуун баар, онтон 6-та олохтоох салалта сакааһынан оҥоһуллубут. «Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа» ХЭТ бөҕү арааран мунньар дьон күн аайы элбээн иһэрин бэлиэтиир. 
2021 сыл саҥатыгар кытаанах бөҕү мунньар пууннары тэрийиигэ Дьокуускай куорат дьаһалтата үлэлэһэн саҕалаабыта. Куорат бөҕү араарар алта пууна оҥоһулларыгар 261 тыһыынча солкуобай үп тыырыллыбыта. Бу пууннары «Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа» ХЭТ дьаһайан үлэлэтэр. 


Кытаанах бөх тэрилтэ баазатыгар мунньуллар, суордунан араарыллар, престэнэр уонна ол эрэ кэнниттэн Иркутскай куоракка переработкаҕа барар. Холобур, бөххө быраҕыллыбыт батарейка 1-2 туонна буолуор диэри баазаҕа мунньуллар. «Массыына шинатын бииргэ үлэлэһэр тэрилтэбитигэр тиэрдэбит, ону переработкалыыр уонна эрэһиинэ бытархайын оҥорор таһаарар», – диэн хампаанньа үлэһиттэрэ кэпсииллэр.
Кинилэр кытаанах бөҕү переработка иннинэ бэлэмниир наадатын тоһоҕолоон бэлиэтииллэр.  «Куорат олохтоохторун кытаанах бөҕү быраҕыахтарын иннинэ суордунан арааралларыгар ыҥырабыт. Холобур, сыа-арыы биһиллибит хортуоҥка прескэ ыраас хортуоҥканы кытта киирдэҕинэ, бүтүн партия буорту буолуон сөп», – диир «Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа» ХЭТ бэрэстэбиитэлэ. 

Бөҕү арааран мунньар пууннар аадырыстара:
Бүлүү трагын 6 км, 11/1
Автодорожнай уул., 2/4
Ойуунускай уул., 10
П. Алексеев уул., 72/1
203-с микрооройуон 1, 4/1, 12, 18 уонна 29 куорпустара 
Ойуунускай уул., 41
Курашов уул., 6 
Каландаришвили уул., 39
Ленин пр., 17
Октябрьскай уул., 17
Киров уул., 31/1,
Дзержинскэй уул., 25,
Поярков уул., 17/2,
Ярославскай уул., 48,
Лермонтов уул., 49,
Короленко уул., 25,
Каландаришвили уул., 25/6
Киров уул., 31/4б
Аммосов уул., 4/1 уонна 4/2
Петра Алексеев уул., 7/2 уонна 15/2
Автодорожнай уул., 13/1 1к
Автодорожнай уул., 13а, 
Автодорожнай уул., 13/1 е,
Автодорожнай уул., 13 к2.
Лермонтов уул., 102, 
Ленин пр., 56,
Лермонтов уул., 98.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...