13.10.2023 | 12:00

Кырыа кыһыммытын үөрэ-көтө көрсүөҕүҥ!

Көмүс күһүммүт ааһа охсон, кыстыкка киирэрбит бу кэллэ. Халлааммыт биллэ тымныйан, күммүт кылгаан, улам эрдэ хараҥарар буолан иһэр. Бары да буолбатар, үгүс киһи дьыл уларыйыытын этинэн-хаанынан билэр, уустуктук аһарар.
Кырыа кыһыммытын үөрэ-көтө көрсүөҕүҥ!
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Айылҕа уларыйыыта эппитигэр-хааммытыгар эрэ буолбакка, уйулҕабытыгар кытта сабыдыаллаах. Кыһыҥҥы хонукка киириини арыый да чэпчэкитик аһарынар курдук, исписэлиистэр, уйулҕаһыттар тугу сүбэлииллэрин көрүөҕүҥ.

Күммүт кылгааһына олохпутугар кэккэ уларыйыылары киллэрэр:

1. Күһүн үлэ, үөрэх саҕаланар. Бу кэмҥэ, күммүт арыый да хойут тахсар буолан, эрэсииммит ыһыллыан сөп, сарсыарда нэһиилэ уһуктабыт, уубутун хаммаппыт, күнү быһа утуктуубут. Аны киэһэ эрдэ хараҥарар, ити кэмҥэ биһиги дэлби сылайбыт-элэйбит, ньэҥирэ суох туруктаахпыт.

2. Күнү быһа сэниэтэ, настарыанньата суох буолуохпутун сөп, сороҕор киһи ис туругун туох эрэ баттыыр курдук буолар. Исписэлиистэр этэллэринэн, ити гормональнай уларыйыылары, күн сырдыга тиийбэтин уонна халлаан уларыйыытын кытта ситимнээх. 

Тугу гынабыт, бэйэбитигэр хайдах көмөлөһөбүт? Сатанар буоллаҕына, саҥа дьарыктары булабыт эбэтэр урукку хоббиларбытыгар төннөбүт: кинигэ ааҕабыт, хаартыскаҕа түһэрэбит, иистэнэбит, баайабыт, спордунан дьарыктанабыт. Ол курдук, фитнеһинэн, йоганан, үҥкүүнэн дьарыктанар бөлөхтөргө киириэххэ, бассейнҥа сылдьыахха (стреһи уонна санаа түһүүтүн кытта охсуһарга спорт биир бастыҥ ньыманан буоларын умнумуохха) эбэтэр омук тылын үөрэтиэххэ, урут саҕалаан иһэн бырахпыт дьарыкпытын сөргүтүөххэ, ахтыы суруйуутун саҕалыахха.

Аспытын-үөлбүтүн көрүнэбит, күннээҕи рациону уларытабыт: күһүҥҥү сибиэһэй фрукта уонна оҕуруот аһа ордук туһалаахтар, итилэри уонна да атын иҥэмтэлээх аһы, ол иһигэр доруобуйабытын бөҕөргөтөр элбэх битэмииннээҕи – эти, балыгы, тэллэйи элбэхтик сии сатыыбыт. Саһархай өҥнөөх фрукталары, цитрусовайдары умнубаппыт  – апельсины, мандарины, лимону чэйбитигэр, аспытыгар кутабыт.

Эрэсииммитин көрүнүөххэ, хайа сатанарынан чопчу биир бириэмэҕэ сытыахха-туруохха, оччоҕо киһи этэ-сиинэ бэйэтэ үөрэнэн барар. Суруйалларынан, саамай сүрүнэ 21 күн тулуһуохха наада, оччоҕо уларыйыыга бигэтик үөрэниэххэ сөп. Доруобуйабыт туругуттан көрөн, сэттэ-тоҕус чаас утуйуохтаахпыт.

Кыһын тыына билиннэҕин аайы күүмүт барахсан чаҕылыччы тыгара улам аҕыйаан иһэр. Сылаас күннэри баттаһа, элбэхтик пааркаҕа, уулуссаҕа сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайыахха. Күнтэн организмҥа олус наадалаах, иммунитеппытын бөҕөргөтөр D битэмиин үөскүүр, санаабыт да көнньүөрэр. Таһырдьа тахсар, дьаарбайар кыах суох буоллаҕына, түннүкпүт сабыыларын тэлэччи арыйан, дьиэҕэ саатар күн уотун киллэриэххэ. Хараҥа кэмҥэ лаампа уотун хайа сатарынан хос да муннугар туттуохха, дьиэ үрдүгэр уонна истиэнэҕэ, остуолга сырдатыыны туһаныахха. Ити эмиэ санаа көтөҕүллүүтүгэр туһалыыр диэн суруйаллар.

Бэйэбитигэр тугу баҕарарбытын – минньигэс аһылык буоллун, кыра бэлэх да буоллун, ылыныахха, бэйэбитин атаахтата түһүөххэ. Иллэҥ кэмҥэ үчүгэй киинэтэ көрүөххэ. Кыаллар буоллаҕына дьиэ кэргэммитин бииргэ түмэн, сөбүлүүр аспытын астанан дуоһуйа аһыахха, налыччы кэпсэтиэххэ. Чугас дьоммутун, доҕотторбутун кытта кафеҕа, рестораҥҥа көрсүөххэ, сонуммутун үллэстиэххэ, үөрүөххэ-көтүөххэ эбэтэр киинэҕэ, кэнсиэргэ сылдьыахха. Дьиэтээҕи усулуобуйа онно сөп түбэһэр буоллаҕына, соҕотоҕун олорон сөбүлүүр муусуканы истиэххэ, хомустуохха, медитациялыахха сөп.

Медитацияҕа тохтоон аастахха, манна сөпкө тыыныы тиэхиньикэтин баһылааһын туһалыыр. Саамай судургу тиэхиньикэни үөрэтиэххэ, кини «4-7-8» диэн ааттаах. 4 сөкүүндэ иһигэр салгыны эҕирийэбит, 7 сөкүүндэ тыыммаппыт, онтон 8 сөкүүндэ устата тыыммытын таһаарабыт. Итинник хас да төгүл оҥоробут. Ити тиэхиньикэ үрдүк артериальнай хаан баттааһынын намтатарга эмиэ туһалыыр.

Күһүөрү кыһын тымныйан ыалдьыы, ОРВИ, ОРЗ, грипп үгэнниир кэмэ. Бары билэрбит курдук, саамай көдьүүстээҕинэн ыарыыны эрдэттэн сэрэтии буолар. Бэйэбитигэр сөп түбэһэриттэн көрөн, араас битэмииннэри, БАД-тары ылан иһиэххэ сөп, ол эрэн бырааһы кытта сүбэлэһэр уонна лицензиялаах тэрилтэлэртэн – аптекалартан атыылаһар ордук. Саамай туһалааҕынан бэстэн оҥоһуллубут «Сосновая пыльца» бэлиэтэнэр, кини иммунитеты бөҕөргөтөр.

Вируснай ыарыылартан аскорбиновай кислоталаах, С битэмииннээх астар, утахтар туһалаахтар, киһи иммуннай систиэмэтин бөҕөргөтөллөр. Ыарыы үгэннээн турар кэмигэр, ыалдьыбатах даҕаны киһи ыйааһыныттан көрөн, күн аайы 1,5-2 г диэри аскорбиновай кислотаны сиирэ ордук диэн быраастар сүбэлииллэр. С битэмиин ордук уулаах отоҥҥо, дөлүһүөҥҥэ, оҕуруот аһыгар баар.

Арай, төһө да харыстаннарбыт, тымныйан ыалдьан хааллыбыт? Чуолкай тымныйан ыарыйдахпытына, кыраадыспыт тахсыбат буоллаҕына, маннык эмтэнэн көрүөххэ сөп. Хас даҕаны ньыманы боруобалаан көрүөххэ. Киэһэ утуйуохпут иннинэ тилэхпитигэр дьуотунан сиэккэ ойуулуубут. Ол кэнниттэн халыҥ наскы кэтэн утуйабыт.

Наскыга хартыыһа куттан, хаамыталыы түһэн баран утуйдахха, тымныйыыны оборор дииллэр.

Икки-үс хааппыла сүбүөкүлэ уонна моркуоп сүмэтин муннубутугар таммалатабыт. Ити инфекцияны өлөрөр, тыынары чэпчэтэр.

Луук уонна чосунуок сүмэтин ыгабыт, итинтэн кыра уулаах ньуоскаҕа биир хааппыланы таммалатабыт. Мүөттээх буоллахпытына, кыратык итиннэ эбэн булкуйуохха сөп. Бу суурадаһыны биирдии-иккилии хааппыланан күҥҥэ иккитэ-үстэ муннубутугар кутуохпутун, дозатын арыый эбэн иһиэхпитин да сөп.

Утуйуохпут иннинэ муннубутун ромашкалаах эбэтэр туустаах уунан суунабыт. Ити эмиэ наһаа туһалаах ньыма, тыынарга тута чэпчии түһэр.

Күөмэйбит ыарыйдаҕына маннык суурадаһыннары оҥостобут:

- Биир ыстакаан сылаас ууга (200 мл) 3 улахан ньуоска 9 %-наах уксууһу уонна 2 кыра ньуоска мүөтү суурайабыт. Итинэн күҥҥэ 3-4-тэ күөмэйбитин сайҕанабыт.

- Суоданы уонна тууһу (кыра ньуоска түөрт гыммыт биирин) сылаас уулаах ыстакааҥҥа кутан суурайабыт. Итиннэ биир хааппыла дьуоту эбиэххэ сөп. Сылаастыы күөмэйбитин сайҕанабыт.

- Оргуйбут итии уулаах ыстакааҥҥа ньуоска аҥаардыыта тууһу уонна суоданы кутабыт. Дьуот баар буоллаҕына, биир-икки хааппыланы таммалатабыт. Чаас аҥаара туруоран баран күҥҥэ үстэ-түөртэ сайҕанабыт.

- 100 г чосунуогу кыра гына кырбаан баран, оргуйбут сылаас ууга кутабыт. 15-20 мүнүүтэ туруора  түһэн баран күөмэйбитин сайҕанабыт.

(Сүбэлэр интэриниэт ситимиттэн ылылыннылар)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...