05.06.2020 | 09:11

Кырсаһыт ыттар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Илья Ильич  Афанасьев-Алмаас, Дьокуускай куорат:

– Арай биирдэ сааскы күн сандааран турдаҕына, күн уһаан, биир үтүө ылааҥы күн, куорат уулуссатыгар уун-утары оҕо сааһым доҕорун көрсө биэрдим. Уолум, аармыйаттан кэлээт да, сылгыһыттыы баран, аар тайҕаны уһаты-туора сырыы бөҕөнү сылдьыбыт сорсуннаах булчут этэ. Кырдьыгынан эттэххэ, биир куоракка олорбуппут өр буолла даҕаны, көрсүбэтэхпит быдан өр буолбут эбит.

                                                                                                                         – Дорообо, доҕор. Хайа, дойдуҥ диэки бара сылдьыбатыҥ дуо?                                                          – Суох, быйыл барбатым. Табылыннаҕына күһүн, баҕар, бара сылдьыам. Бу эмпэр баран иһэбин, күһүн, саас барар да кыах суох.                                                       – Былырыын кырса биллибит дииллэр этэ, быйыл биллибэтэ буолуо?                                         

– Суох буоллаҕа дии. Урут үстүү сыл арыттаах биллэр быһыылааҕа дии. Кырдьык, били, элбэх кырса биллэр сылын кэннэ сүтэн хаалта дии.

Киһим, бэрт өрдөөҕүнү санаан, чочумча олоро түһээт: “Дьэ, доҕор, миэхэ биир кэпсээнтэн кэпсээн баар, кэпсиибин дуо?” –  диэн баран, кэпсээн киирэн барда.

– Миэхэ биирдэ биир соноҕоһу сыһыттара биэрдилэр. Атаҕар чэпчэкитэ сүрдээх, хаамыылаах даҕаны. Дьэ, биир күн ол соноҕоспунан арыыга сылгы көрө бардым. Били, кырса киирбит дьыла этэ. Бэйэм икки ытым уонна таһынааҕы ыалларым ыттара батыстылар. Үүртэлии сатаатым да, истибэтилэр, барса турдулар. Ол курдук айаннаан иһэн, сыыр тахсыытыгар ыттарым бу сырсан иһэллэр ээ. Дьэ, туохтан куотар буоллахтарай диэн, тохтоон, көрөн олордум. Онтон биирдэ өйдөөн көрбүтүм, иннилэригэр кырсаны сырсан иһэллэр эбит. Дьэ, мин туран, суолу бүөлүү күөйэ турунан кэбистим. Өссө хаһыытааһыннаах эҥин. Кырса, бу ойон кэлэн баран, түөрт ыты эрийэ-буруйа ойуолаан, төттөрү ойдо. Начаас ыккардыгар ыттыын бэйэлиин мэлис гынан хааллылар. Дьэ, мин соноҕос баҕайыны кэннилэриттэн ыытан кэбиспитим, кулгааҕым көннөрү сирилии түстэ. Чочумча буолан баран, туох баар ыттары, кырсалары ситэн, ааһан иһэн көрдөхпүнэ, кырсам хаарга туора ойон эрэрэ, ол кэннэ ыттар ыстаннылар. Мин соноҕоһум үүнүн ытыран кэбиспит, тохтуур диэн аат суох. Айаҕын нэһиилэ ханньары тардан тохтотон баран, төттөрү эргийэн кэллим. Кырсаны түөрт ыт, түөрт аҥыы тардыалыы сылдьар эбит. Хайа тардаллара чугаһаабыт. Били кылбаа маҥан кырса, ханна да суох кып-кыһыл саһыл курдук, хааныгар ньаҕайдаммыт. Хата, тириитин алдьаппатахтар, көннөрү дьөлүтэ ыстаабыттар. Дьэ, ол барыы тэтимнээх этэ. Ыттартан куотан иһэр кырсаны эккирэтэр ыттар, арааһа, муҥутуур кыраайынан сүүрэн истэхтэрэ буолуо ээ, – диэн сылгыһыт доҕорум кэпсээнин түмүктээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....