20.11.2019 | 13:41

КЫРГЫТТАРГА ИЛИИБИТИН УУНАБЫТ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Искэн ыарыы оҕону оҕо, эдэри эдэр диэбэккэ эпидемия курдук тарҕанан эрэрэ барыбытын дьиксиннэрэр. Урут маннык ыарыы тарбахха баттанар буоллаҕына, билигин аймаҕыҥ, билэр киһиҥ, чугас дьонуҥ ыалдьаллара олус элбээтэ. Инстаграм, социальнай ситимнэр, интэриниэт нөҥүө киһи дьулайар историялара, көмө көрдүүр суруктара аата-ахса суох тахса тураллар. Ааспыт ыйга Сунтаар улууһугар “Кыргыттарга илиибитин уунабыт” диэн аһымал-аахсыйа буолан ааста. Улуус дьоно бары өрө туран, биэс эдэр кыыс онкология ыарыытын утары охсуһалларыгар, эмтэнэ баралларыгар үп–харчы хомуйдулар. Бу далааһыннаах аахсыйаттан ким да туора турбакка, оскуола оҕотуттан тиийэ биэнсийэлээхтэргэ тиийэ биир киһи курдук кыргыттарга көмөлөстүлэр. Ол туһунан биллэр суруналыыс, култуура салалтатын салайааччыта Мария Кобельянова-Тускулаана куоракка кэлэ сырыттаҕына көрсөн кэпсэттим.

– Мария, бастатан туран, бу олус наадалаах, көмөлөөх аахсыйаҕыт хайдах барбытын, туохтан саҕаламмытын туһунан кэпсиэҥ дуу? – Биһиэхэ бастаан Лилия Архипова диэн кыыс дьүөгэлэрэ тахсыбыттара, алта, сэттэ буолан түмсэ сылдьаллар этэ. Тута көмөлөһөргө бэлэммитин эппиппит. Билигин дьоҥҥо харчы кырыымчык, онон атыннык толкуйдуохха диэн, араас өҥөнү оҥороллоругар ыҥырыы таһаарбыппыт. Оскуола оҕолоро, үһүс кылаастар, боҕоруускай от атыылаан, ол харчытын биэрбиттэрэ, кондитердар торт оҥорон атыыга таһаарбыттара. Лилия диагноһа – онкологическай ыарыы. Киниэхэ көмөлөһө сырыттахпытына, куораттар аккаастаан кэбистилэр, кыыспыт дойдутугар төннөн кэллэ. Онон аахсыйабытын тохтотон кэбистибит. Бу кэннэ Анжелика Егорова диэн Тойбохой кыыһа таҕыста. Онон аахсыйабытын сөргүттүбүт. Аны Элгээйиттэн кийиит Айгылаана Павлова эмиэ бу ыарыынан ыалдьыбыта билиннэ. Дьэ бу кэннэ улуус баһылыгын, туох баар бас-көс эр дьоммутун аахсыйаҕа кыттыһыҥ диэн ыҥырыы оҥордубут. Көмөлөһөр баҕалаах дьон элбээн истэ, тэрилтэлэр эҥин туора турбатылар. Ол курдук алтынньы 25 күнүгэр марафон тэрийбиппит. 57 эр киһи кыттыылаах кэнсиэр буолла. Бу күн нэһилиэктэринэн эмиэ кэнсиэрдэр ыытылыннылар. Аахсыйа биллэрээппитин кытта 600–700 тыһыынча солк. киирдэ. Бу харчыбытын кыргыттарбытыгар тыырдыбыт. Сотору биһиэхэ Хоро кыыһа Татьяна таҕыста, онон киниэхэ эмиэ көмөлөстүбүт, тиийбэт сууматын убайа уйунуох буолла. Лилия билигин бүөрүн эмтэнэн баран, салгыы көрдөрө барыахтаах. – Оччоҕо биир киһиэхэ көмөлөһөөрү гыммыккыт, кэлин тиһэҕэр биэс кыыс буолбут дии… – Оннук. Барыта Лилияттан саҕаламмыта. Ол кэннэ түөрт кыыс эбиллэн, биэс киһиэхэ көмөлөстүбүт. Хомойуох иһин, бары эдэр ийэлэр, саастара 23–30 эрэ. Биир кыыспыт Клава кыамматтык олорор эбит, астара да, таҥастара да суох. Эпэрээссийэ туһунан толкуйдаабакка да сылдьыбыт. Онуоха ырыынактар төбөтүттэн атаҕар тиийэ, оҕолорун кытта таҥыннардылар, аһынан, бородууктанан көмөлөстүлэр. Хоробут кыыһа Туйаара Дьокуускайга олорор, эмиэ харчым суох диэн пересадкаҕа санамматах даҕаны. Билигин эмтэнэргэ туруна аҕай сылдьар. Онон бу суостаах ыарыыттан биир дойдулаахтарбытын, эдэр ийэлэрбитин быыһыыр аахсыйабыт үтүө түмүктээх буолбутуттан үөрэбит. Инникитин Алтынньы 25 чыыһылатын Аһымал, үтүө санааланыы күнүнэн биллэриэххэ диэн баһылыкка илии баттата киллэрээри сылдьабын. – Харчы киириитэ тохтоото дуу, билигин да көмөлөһөллөр дуу? – Билигин да киирэ турар. Счеппутугар 50–ча тыһыынча баар. Пуонда тэринэр баҕа санаалаахпыт. Нэдиэлэ аайы түмсэн отчуоттаһабыт. Улууспут дьоно бары түмсүүлээх буоларбытын көрдөрдүлэр, оскуола оҕолоруттан саҕалаан, уһуйаан, оскуола, култуура үлэһиттэрэ, улахан көмөнү предпринимателлэр оҥордулар. Онон биир дойдулаахтарбытыгар махталбыт муҥура суох. – Эн санааҕар, куорат сиргэ итинник тугу толкуйдуохха сөбүй? – Биһиэхэ кондитертар үс төгүл дьаарбаҥка тэрийдилэр. Инстаграм нөҥүө тэрийдэххэ, дьон быдан интэриэһиргиир эбит. Кэнсиэргэ мал-сал, ас астаан атыылаан эмиэ үп киллэрдибит. Онно элбэх киһи сабыс-саҥа таҥаһы аҕалан биэрдэ. Биллэн турар, ыарыыга ылларбыт киһи санаалыын самнар, онон ордук онкологическай ыарыылаахтары өйүүр киин баар буолуон наада, саатар сүбэ-ама биэрэр, атыннык да көмөлөһөр. Баалатан кэбиспит дьону быраастар да аккаастыыллар, балыыһаҕа да киллэрэ сатаабаттар. Онон судаарыстыба хабааннаах бырагыраама толкуйданар, былаас эмиэ болҕомтотун уурар кэмэ кэллэ диэн этиэххэ наада. – Арассыыйа киин ханаалларыгар кыһалҕалаахтарга көмөлөһөргө “смс” ыытар нүөмэрдэр бааллар. Оттон биһиэхэ биир оннук көмө нүөмэрин оҥорор тоҕо кыаллыбатый? – Бырабыыталыстыба нөҥүө тахсыахха наада. Анал пуонданы тэрийэр туһунан этии киллэриэххэ сөп этэ. Онно чопчу, улахан хонтуруол наада буолуо. Мин күн аайы сонуннары таһаарабын, онно бассаап нөҥүө ким көмө оҥорбутун, төһө үп киирбитин отчуоттуу олорбутум. Дьон итини сэргиир эбит. Наһаа элбэҕи көмөлөспүт эбиппит диэн бэйэлэрэ да астыммыттара. Бу аахсыйабыт Ийэ декадатыгар сөп түбэһэн, кыргыттар араас аукцион оҥорон, куонкурустары тэрийэн, толкуйдаан, аахсыйабыт табылынна дии саныыбын.

Үс саха үтүөтэ үс үйэҕэ умнуллубат диэн сүрдээх бэргэн өс хоһооно баар. Сунтаардар оҥорбут аахсыйалара атын нэһилиэктэргэ, улуустарга тарҕанан, дьон кыһалҕатыгар көмөлөһөн барҕа махталларын ылыан ыллын.

Кыргыттар мустан былаан оҥостон, инстаграм нөҥүө ыҥырыы ыытан, бэйэ сатабылынан оҥорон таһаарбыт оҥоһуктарын, туһата суох сытар маллары атыылаан уонна эр дьон кэнсиэрин тэрийэн көмө буолуохха диэн быһаарыммыппыт уонна нэһилиэктэринэн ыытар туһунан улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин У.Д. Поповалыын идиэйэлэнэн тэриллибитэ эмиэ кэскиллээх буолла.

Ол, курдук аахсыйа көмөтүнэн Тойбохойтон Анжелика Егороваҕа, Элгээйи кийиитигэр Айгылаана Павловаҕа, Кэмпэндээйиттэн Лилия Архиповаҕа көмө буоллубут, онтон кэлин бу ааксыйаны истэн атын кыргыттарбыт эмиэ көмөҕө наадыйалларын биллэрэн Клавдия Старостинаҕа уонна Туяра Яковлеваҕа обследование баралларыгар көмө буоллубут.

Аһымал ааксыйабыт улахан тэрээһинигэр 57 эр киһи кыттыылаах кэнсиэр тэриллибитэ дьон сүргэтин көтөхтө

Улууспут кондитердара үс төгүл дьаарбаҥка тэрийбиттэрэ, Сунтаардааҕы кииннэммит балыыһа «мобильнай доруобуйа» диэн ааксыйата тоҕоостоох буолла

Сыл аайы Алтынньы 25 күнэ – ҮТҮӨ САНАА КҮНЭ буоларын туруорсабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...