21.12.2022 | 15:00

Кырдьаҕастар сэбиэттэрин мунньаҕа ыытылынна

Ахсынньы 20 күнүгэр Олохтоох дьаһалтаҕа Дьокуускай куорат Кырдьаҕастарын сэбиэтин отчуоттуур-быыбардыыр мунньаҕа ыытылынна. Отчуоту куорат баһылыга Евгений Григорьев иһиттэ.
Кырдьаҕастар сэбиэттэрин мунньаҕа ыытылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат Кырдьаҕастарын үрдүкү сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Лепчиков Сэбиэт 2016-2020 сыллардааҕы үлэтин туһунан дакылааты иһитиннэрдэ. Пандемиянан сибээстээн, кэнники икки аҥаар сыл мунньах очнай көрүҥүнэн ыытыллыбата, ол эрэн үлэ тохтообото.

Кырдьаҕастар үрдүкү сэбиэттэригэр Дьокуускай бочуоттаах гражданнара, араас салаа, ол иһигэр үөрэҕирии эйгэтин, доруобуйа харыстабылын, норуот хаһаайыстыбатын эйгэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ бааллар. Ол эрэн, болдьохторо ааһан, 5 сылга  Сэбиэт саҥа састааба талыллар.

«Балаһыанньаҕа олоҕуран, Сэбиэт кырдьаҕастара – 60 саастарын ааспыт уопуттаах дьон, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһиттэрэ. Кинилэр соруктара – Олохтоох дьаһалтаҕа уонна  Дьокуускай куораттааҕы Дуумаҕа көмө, өйөбүл, былааһы кытта бииргэ үлэлээһин. Сэбиэт хас биирдии чилиэнэ үлэҕэ баай уопуттаах, онон билиитинэн-көрүүтүнэн үллэстэр кыахтаах. Саҥа састаап – саҥалыы көрүүлээх дьон», - диэн бэлиэтээтэ Николай Лепчиков.

Николай Васильевич иһитиннэрбитинэн, Сэбиэт 5 сыл тухары куорат тыын суолталаах боппуруостарын көрдө – нэһилиэнньэни ыраас уунан хааччыйыы, оскуолалары тутуу, физкультурнай-чэбдигирдэр үлэ, оскуолалар спортивнай саалаларын хааччыйыы, аптекалар эминэн хааччыллыыларын ситиһии, куорат суолларын өрөмүөнэ, «Туймаада саллаата» пааматынньыгы оҥоруу уо.д.а.  

Отчуот түмүгүнэн Сэбиэт билиҥҥи састаабын оннунан хаалларарга, ол эрэн, аһаҕас куоластааһынынан саҥа чилиэннэри киллэрэргэ диэн быһаарыы ылылынна.

 

«Сэбиэт аатыттан куорат салалтатыгар нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар бииргэ үлэлээһиммит, итиэннэ көмөлөрүн уонна өйөбүллэрин иһин махталбытын тиэрдэбин», - диэтэ Кырдьаҕастар үрдүкү сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Николай Лепчиков.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев, дакылааты истэн баран, Кырдьаҕастар үрдүкү сэбиэттэрин билиҥҥи састааба Айсен Николаевтан саҕалаан, үс баһылык тухары үлэлээбитин бэлиэтээтэ.

«2017 сылтан куораппытыгар күн аайы улахан уларыйыылар тахсаллар, ол иһигэр, Кырдьаҕастар сэбиэттэрин үтүө сүбэлэрин көмөтүнэн. Кырдьаҕастар үрдүкү сэбиэттэрин мунньаҕар кыттарбыттан уонна үлэбэр саҥа хайысхалары киллэрэрбиттэн үөрэбин. Олохтоох дьаһалта Дьокуускай бочуоттаах гражданнарын уонна араас салаа үтүөлээх үлэһиттэрин кытта көрсөр, алтыһар кыахтааҕа үөрүүлээх. Бүгүн, анал байыаннай эпэрээссийэ ыытылларынан сибээстээн, кыттыылаахтар дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ элбэх боппуруос тахсар, итиннэ  Кырдьаҕастар сэбиэттэрин көмөтүгэр эрэнэбин», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.       

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...