14.10.2023 | 20:00

КЫРАЧААН КҮРҮӨЙЭХ

Иккис чааһа
КЫРАЧААН КҮРҮӨЙЭХ
Ааптар: Александр Постников-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Тыы анныгар сыҥсыйа сытан иһиттэҕинэ эккирэтээччилэр: «Ылдьаана, сиэниҥ хайа диэки барбытын көрдүҥ дуо?» - диэн ыйыттылар. Сандал эбэм этэн биэрэрэ буолуо диэн сымыһаҕын быһа ытыран иһийиэҕинэн иһийэн сытта.

- Суох, көрбөтүм! Ол дьыссааттан куотта дуо, тоҕо куотар бэйэтэй? – диэн эбээтэ көрдөрөн туран мэлдьэһэн кубарыппытын иһиттэ.

- Ээ, сүгүн сылдьыбат, атааҕа бэрт!

- Оҕом наһаа атааҕа суох, көрсүө оҕо ээ…

- Ынах эриэнэ иһигэр дииллэр буолбат дуо, бэйэҥ сиэҥҥин хайҕаабынаҕын!  Эн өссө оҕону саһыарбыккын биллэхпитинэ сэбиэккэ тыллыахпыт, олох көмүскэһимэ. Эбиитин муннаҕына ким эппиэттиирий? – диэн иитээччи Харытыана саҥата умайыктанан эбэтин саба саҥарда.

Уол эбэтэ кини ханна сытарын эппэтэҕиттэн уйадыйда, эмиэ да кутталыттан иһиллэр иһиллибэттик сыҥсыйа, санна дьигиҥнии сытта. Ол сыттаҕына, аттыгар атахтар тыастара сурдурҕаата уонна: «Манан ааспыт курдуга! Хайа үөдэҥҥэ түстэҕэй, дьэ, бэйикэй, туттахпына оҕо бочоохпун кулгааххыттан эрийэрим буолуо!» - диэн кырыктааҕынан аатырбыт Балаайа саҥата иһиллэн ааста.

Уол Балаайаттан аһары толлор. Кини эрэ буолуо дуо, дьыссаат оҕолоро бары куттаналлар. Биирдэ дьуһуурустубатыгар түүн оҕолору барыларын ойутан туруорбута. Онно Миисэ диэн кыра уол утуйа сытан хойуулаан кэбиспитин оҕолор ортолоругар туруоран, ону тула эргитэ сылдьан мөхпүтэ-эппитэ саллыылаах да этэ. Сандал киниттэн үгүстэ кулгааҕа эриллибитэ, чанчыгыттан тардыллыбыта. Оччолорго дьыссаакка оҕолору кулгаах быһааччынан куттууллара! Тиэргэнтэн тахсыбыт оҕону кэтэһэ сылдьар диэн сүрдээн-киэптээн кэпсээн көҥүлгэ дьулуһар санааларын тохтотоллоро. Ол иһин оҕолор ити эҥэр олохтоох, киһи дьулайа көрөр хап-хара сирэйдээх, бар-түү бытыктаах Балапаат диэн киһи ааһан иһэрин көрдөллөр эрэ, бэл дьыссаат тиэргэнин иһигэр куотар, саһар аакка бараллара. Онон кулгааҕы быһыы, эрийии диэн тыллартан хас биирдии оччотооҕу оҕо туохтааҕар да күүскэ куттанара, дьыссаат тиэргэниттэн тахсар туһунан санаабат да этэ!!!

Оттон Сандал туох санааттан, күнүстэри күүлэйдиир кулгаах быһааччыттан толлубакка дьыссааттан күрээтэ?! Дьиҥэр иитээччилэр бары Балаайа курдук кытаанах буолбатахтар ээ, кырачааннары ким да буоллун араарбакка таптыыр, сыллыыр, көтөҕөр, ытаатахтарына уоскутар, элбэх остуоруйаны кэпсиир иитээччилэр элбэхтэр ээ. Оо, ол эрээри ким ийэ-аҕа, эһээ-эбээ курдук күндүттэн күндү дьоннору солбуйуой?! Итиэннэ дьааһыла, дьыссаат диэн туспа дойду булгуччу тутуһуллар сокуоннара, хааччаҕа – ама алаһа дьиэ көҥүл, сылаас тыыныгар хантан тэҥнэһиэй?!

Саха оҕото барахсан нэдиэлэ алта күнүн тухары төрөппүттэриттэн, чугас дьонуттан тэйитиллэн хоно сылдьан, туора дьон талбытынан иитэр ньымаларыгар оҕустаран өйө-санаата өрүкүйдэҕэ, кута-сүрэ ороһуйдаҕа… Дьиэмсэх баҕайы оҕо сырыы аайы дьыссаакка кэллэҕин ахсын төрөппүттэрин сайыһан ытаан да биэрэр. Кини хаайыыга тэҥнээх дьыссаакка хоно сытыан кэриэтин эбэлээҕэр олоруо, күн аайы ынах хомуйууга, ыаһыҥҥа, дьиэ ис-тас үлэтигэр үөрүүнэн көмөлөһүө этэ. Онон бу куотуу – Сандал өрөбөлүүссүйэтэ, көҥүлгэ дьулуһуута.

Кини ийэлээх аҕата учууталлар, онон күн аайы сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри күн иллэҥэ суохтар. Ол да иһин оҕолорун умуннара-умуннара көрдөрөр дьыссааттара бука кинилэргэ абыраллаах тэрилтэ дэнэн эрдэҕэ. Биирдэ эмэтэ дьаҥ-дьаһах туран карантин биллэрдэхтэринэ, Сандал балтылара Сардааналаах Ньургуһу кытта үөрүү бөҕөнү үөрэн, дьиэлэригэр бэйэлэрэ эрэ хаалан хаайтардыбыт диэбэккэ, кыһыҥҥы кылгас күннэргэ астына-дуоһуйа мэниктииллэр. Ардыгар ыаллара Коля уол үүт аҕалар. Ыарахан хоппонон баттатыллыбыт ааны аһан, тымныы туманы бурҕачытан киирэн кэлэр. Оччоҕуна Сандал балтыларын кытта аан аһылларын кэтэһэн тураннар, мүччү туттаран таһырдьа ойон тахсаллар. Үөрүү-көтүү үлүскэнэ онно саҕаланар. Коля мичээрдээбитинэн тиэргэни биир гына сырса сылдьан, бычыгыраһа-бычыгыраһа тапочканан хаары оймуур оҕолору эккирэтэр. Өр гыммакка биир-биир ситэ баттаан тутан, үһүөннэрин мөҕүһүннэрбитинэн кум-хам тутан дьиэлэригэр көтөҕөн киллэрэр уонна күлэ-күлэ: «Чэ, хорооҥҥутугар киириҥ!» - диэт били ыарахан хоппотунан ааны баттатан кэбиһэр. Сандал балтыларын кытта көмөлөөн ааннарын аһаары анньан да көрөллөр, сүүрэн кэлэ-кэлэ тэбэллэр да – хоппонон баттаммыт ааннара хамсаан да көрбөт.

Кыһыҥҥы кылгас күн хараҥарыар диэри өрө эккирэспит оҕолор кэмниэ-кэнэҕэс сылайан-элэйэн, ийэлээх аҕалара  кэлиэхтээх суолларын диэки турар түннүгүнэн маныыллар. Халыҥ куруһубанан бүрүллүбүт кырыатын үрэ-үрэ, ытыстарынан сотон ириэрэ сатыыллар. Тарбахтара тоҥуор, ытыстарын суола хаалыар диэри түннүктэрин имэрийэ-имэрийэ мыҥыы сатаан баран, сойон эрэр дьиэҕэ тиһэх итиитин ыытар оһохторугар тоһугурайаллар. Ол тиийэн систэрин оһох эркинин сылаас кирпииччэтигэр угуттуу олорон арааһы бары кэпсэтэллэр, устунан утуйан ылаллар. Оччоҕо Сандал куруук эбэлээҕин түһүүр: хас сарсыарда аайы эбэтэ күөрчэҕин ытыйарыгар биһилэҕэ ытыкка охсуллан лаһыгырыырын, күп күөх оттоох алааска Чинара диэн ынахтарын үүрэн иһэллэрин...

Чинара алаас эҥэр ыаллар ынахтарын хотуннара. Бөдөҥ-садаҥ, ласпайбыт самыылаах, улахан синньилээх боруода ынах. Аны туран оҕоҕо, дьоҥҥо сымнаҕаһа сүрдээх. Мэччирэҥҥэ кини урут хаамар, ыам кэмэ кэллэҕинэ эмиэ соруттарыыта суох дьиэтин диэки инники түһэн хааман ласпайар. Кырачаан сиэннэр үүрэр хаһыыларыгар ымыттыбакка, барыны-бары өйдүүр хараҕынан бүлтэччи көрө-көрө соруктаах баҕайытык таҥкычахтанар, моонньугар кэтэ сылдьар чуораана биир кэмник чыллыргыыр. Ол чуораан тыаһа Сандалыга куруук ыраахтан иһиллэр, ыҥырар курдук.

Дьыссаакка субуота күн оҕолорго улахан үөрүүлээх бырааһынньык. Эбиэттэн киэһээ оҕолор бары дьиэлэригэр бараллар. Сарсыардаттан түннүгү мыҥааһын, соҕотох телефон тыаһын кэтэһии-манаһыы… Нэһилиэккэ сопхуос дириэктэрин бастакы суоппара, соҕотох массыыналаах Миитээни үгүс төрөппүт көрдөһөр. Онуоха: «Бу барыта мин оҥорбут оҕолорум дуо? Тура-тура мин үрдүбүнэн эрэ!» - диэн охсуоламмыта күн бүгүнүгэр диэри кэпсэлгэ сылдьар эрээри, Миитээ төһө да көр-күлүү, ардыгар бас-баттах тыллааҕын иһин,  кыһалҕаны өйдүүр суоппар. Кини «ГАЗига» кэлэн-баран, урут көрдөспүт төрөппүттэр оҕолорун илдьибитэ эрэ баар буолар. Били Тобуруокап бэйиэт суруйбутун курдук:

Түргэн сыыдам газикка

Төрдүө буолан олорон,

Тиийэн кэллим дьыссааппар

Түөтэм, эдьиий дорообо!

Сандаллаах олорор дьиэлэрэ дьыссааттан тэйиччи Төбүлэх үрдүгэр баар. Онон массыынаҕа олорсор чиэскэ син тиксибитэ эрээри, үксүгэр эһэтэ оҕонньор кыһынын атынан, сааһыары оҕуһунан дьиэлэригэр илдьэрэ. Арыт аҕалара Сүөдэр ыксал муҥутаан, оскуолатыгар хойутаамаары ат сыарҕатыгар дыраччы тэбинэн туран эрэ муоһалаан сүүрдэн тибилиннэрэр. Оччоҕо Сандал балтыларын кытары, эһэлэрэ анаан оҥорбут хаххалаах сыарҕатыгар суорҕанынан суулана сытан, сүүрэн уунаҥнатан иһэр ат туйаҕын иһэҕэ сирэйдэрин сиирэ-халты түһэриттэн күлсэн аҕай биэрэллэр. Аҕалара ол аайы үрүҥ туманынан үллэ иһэр хара соноҕоһу өссө тиэтэтэн, муоһатынан илгиэлээн бөтөрөҥүнэн түһэрэр. Кыһын ардыгар оннук тыал курдук көтүтэн дьыссааттарыгар тиийбиттэрэ эрэ баар буолар.

Хаһан баҕарар кэлии суол кылгас… Оҕолор алта хонугу быһа хааһы сии-сии ийэлэрин-аҕаларын ахтан, эмиэ дьиэлэригэр баралларын кэтэһэр «хаппахчыларыгар» кэлбиттэриттэн хомойон сыҥырҕаһан бараллар. Сандал улахан киһи быһыытынан төһө да  боччумнаахтык тутуннар, хараҕын уутун көрдөрүмээри умса туттан  дьыссаатыгар киирэр. Оттон балтылара аҕаларыгар көтөхтөрөн киирэн иһэн ытаан марылааһын бөҕөлөр. Аҕалара барахсан хайыай, иитээччилэргэ оҕолорун куду анньаат, кулук-халык туттан таһырдьа ыстанар. Бүттэхпит ол – аны алта хонукка ийэ-аҕа, эбээ-эһээ диэн күндүттэн күндү дьону көрбөккүн.

Кыһын үксүн эһэлэрэ аҕалар күнүгэр балачча уһуннук сиэллэрэн дибдитэн кэлэллэр. Эһэлэрэ сотору-сотору: «Тоҥнугут дуо?» - диэн кэннин хайыһан ыйытар, атын тохтото түһэн бойбоччу сууламмыт суорҕаннарын хайар, иэдэстэрин имэрийэн ылар. Хаар уулуннаҕына эһэлэрэ сүрдээх бөдөҥ, саадьаҕай ат оҕуһунан таһар. Балтыларын сыарҕаҕа олордор уонна Сандалга: «Эр киһи элээмэтэ буоллаҕыҥ!» - диэн мүчүк гына-гына көтөҕөн ылан оҕуһу мииннэрэр. Бэйэтэ хамсатын туора уобан оҕуһун сиэтэн лэппэрдиир. Үрдүк тахсыы сыырга Сандал оҕуһун кэннинэн сулбуруйан түһээри ыксыыр, түүтэ үргэниэр диэри хам тутар уонна аны оҕуска мииннэриэ суоҕа диэн эһэтигэр эппэт, кыҥкыйдаабат.

Аарыма күүстээх-уохтаах оҕус барахсан аа-дьуо холкутук алтахтаан истэҕинэ, сылаас баҕайы көхсүгэр угуттана кууһа сытан, күн уотугар сыламньыйан ылара үчүгэйэ сүрдээх. Саха дьоно барахсаттар былыр ол да иһин киэҥ-холку көҕүстээх, киэҥ-ыраас санаалаах буолан эрдэхтэрэ. Сандал ити наҕыл айаны олус сөбүлүүр: оҕус сиэтэн иһэр эһэлэрин хамсатыттан күөх буруо унааран, мохуорка минньигэс сыта сүрэҕи ортотунан киирэр, сыарҕаҕа туорахтана олорор балтылара кыра да иҥнэл-таҥнал түһүү кэллэҕинэ күлсэн бычыгыраһаллар, модун көлөлөрө бадараантан да иҥнибэккэ иннин диэки тохтоло суох дьүккүйэр.

Оттон кинилэри бүгүн дьиэлэригэр тапталлаах ийэлэрэ, аҕалара күүтэллэр, утары сүүрэн тахсан көтөҕүөхтэрэ, сылаастык кууһан ылыахтара… Сандал бастакы кылааска үөрэнэр эдьиийэ Саргыны көрсүөҕэ, тиэргэннэригэр тахсаннар туох кистэлэҥнээхтэрин сибигинэһэн кэпсэтиэхтэрэ. Кини биир сыл улахан эдьиийэ Саргы барахсаны наһаа сөбүлүүр. Саастарынан араа-бараа буолан кистэлэҥнэрэ да элбэх, ити аамай кыра балтыларын курдук буолуохтара дуо?! Аар хатыҥ суон лабаатыгар хатаастан кууһа олорон, хатыҥ хайдыбыт субатынан бычылыйан тохтор минньигэс уутун оборон иһэллэр. Кэлин аҕалара ону көрөн, хатыҥы кыра быһыччанан бааһырдан баран, онно хатыҥ лабаатын уган таас бытыылкаҕа түһэр гына оҥорбута. Ол иһиттэрэ күн аайы туолан иһэрин хомуйан, дьиэ кэргэн барыта астына иһэр буолбуттара.

 

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....