13.10.2023 | 20:00

КЫРАЧААН КҮРҮӨЙЭХ

- Эбээ, эбээ! – дии-дии оҕо ис-иһиттэн эҥсэн ытамньыйа-ытамньыйа атах балай сүүрэн истэ. Ол иһэн суолун быһа түспүт үрэхтэн иҥнэн чугурус гынна. Чочумча, харылыыр-курулуур сааскы хара ууну саллыбыттыы, эмиэ да сонурҕаабыттыы көрөн турда. Моһолго түбэспит кырачаан хараҕар мунаарыы күлүгэ элэҥнээтэ…
КЫРАЧААН КҮРҮӨЙЭХ
Ааптар: Александр Постников-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Онтон синим биир диирдии ыйылыы түһээт иэҕэҥниии турар мас күргэтин, сүүрүк үрүҥ күүгэннэринэн үллэ-үллэ эргичитэр, хамсатар дүлүҥнэринэн кырачаан атахтара ибигирии-ибигирии, нөҥүө кытылы булла. Уонна эмиэ сыҥсыйа-сыҥсыйа иннин хоту түһүнэн кэбистэ. Сүүрэн элэстэнэн иһэн иннигэр арылла биэрбит киэҥ алаастан сүрэҕэ дьолунан туолла: дьэрэкээн көбүөрдүү тэлгэммит сибэккилэртэн, харах үөрэр торҕо күөх сыһыыттан көнньүөрдэ, айылҕа балысханнык тыллар минньигэс сытыттан туймааран ылла, көҥүлгэ көтөн иһэр лыахтыы сананан, күүһүгэр күүс эбиллэн дьиэрэҥкэйдээн ылла. Күөрэгэй кинини уруйдаан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа тиийэ дьырылаан таҕыста, куула тыаттан кэҕэ этэн чоргуйда. Айылҕа, көтөр-сүүрэр, хамсыыр-харамай – бары көҥүлгэ сүүрэр кырачаан киһини үөрэ-көтө уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.

Арай, ити иһэн суол тумулугар, киһи уҥуохтарын барча тутуулара харааран көстүбүттэригэр хорус гына тохтуу түстэ. Дьыл-хонук баттаан, тыал-күүс эрийэн хараарбыт, күөрэ-лаҥкы түспүт эргиирдэр чаппа тутууларыттан ким эрэ уоттаах чолбон хараҕа супту көрөр курдук. Сандал этэ саласта, хараҕын быһа симээт ырааҕынан эргийэ сүүрэн элэстэннэ…

Биирдэ ити тумулунан эбэлэрин кытта баран истэхтэринэ, холорук буору-сыыһы өрүкүтэн харааран, өрө ытыллан тахсыбыта. Эбэлэрэ Ылдьаана барахсан сиэннэрин илиилэриттэн харбаан ылан тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, холоруктан туора хайыспытын Сандал дьиктиргии санаабыта. Кэлин эбэтэ, өлбүт дьон дууһалара саас айылҕа тиллиитэ, улугура утуйа сытар уһун ууларыттан уһуктан, холорук буолан сири-дойдуну кэрийэллэр диэбиттээх. Ол да иһин уол  холоруктан олус куттанар.

Сандал оҕо сааһын умнуллубат үтүө өйдөбүллэригэр, сыа быыһыгар былчархай кыбыллыбытын курдук, күлүк өрүттэрдээх, ааспытын кэннэ эмиэ да күлүүлээх түгэннэр бааллар. Ол туохха да тэҥнэммэт дьикти чаҕыл күннэрэ - дохсуннук доллоһуйа устар Аллан эбэ таастаах кытылларыгар, биир өттүгэр кылыгыр ыраас уулара мөлбөһүйэ сүүрүгүрэр Таатта үрэх кумахтаах модьоҕолоругар ыраах да чомполоно хаалбыттар… Кэлин олдьу оҕо сааһыгар куруук түүлүгэр ол оһуор ойуулаах дойдутун чээлэй күөх айылҕатын, үрдүк мэҥэ халлаантан сырдыгынан тыргыллар күнүн уотун, күнү күннүктээн талбыт курдук угуттуур сылаас уулардаах эбэлэригэр биэрэс тэбэллэрин, оҕо-аймах чуопчаарар саҥатын уонна… уонна эбэтэ Ылдьаана барахсаны түһээн тахсар…

Эбэтэ сэрии сылларыгар эдэр сааһа ааспыт буолан, олох очурун-чочурун, кыһалҕатын билбэхтээбит эмээхсин. Барыта уон аҕыста оҕоломмутуттан – аҕыһа эрэ атахтарыгар турбут. Оччотооҕуга оҕолонон баран хаана тоҕо бардаҕына, эһэтэ Сүөдэр атаҕыттан таҥнары ыйаан хаанын тохтоторо үһү. Бука эһэтэ нэһилиэккэ бастакы бэтэринээр үөрэхтээх киһи билэн эрдэҕэ. Дьэ, онно биирдэ, эбэтэ кэпсииринэн уоттаах сэрии сылларыгар иэдээннээх холорук кэлэн ааспыт. Быры-бытырыыс оҕолоро таһырдьа оонньуу сырыттахтарына, хара холорук буору-сыыһы өрүкүтэн, тыас-уус бөҕө буолан биир кэм куугунаан өрө ытыллан кэлбит. Көрдөхтөрүнэ - холорук ортотугар хара куоска ньааҕыныы-ньааҕыныы ытылла сылдьар эбит. Ол сирилээн кэлэн куоппакка хаалбыт оҕолору хаарыйбыт. Онуоха алта саастаах Улахан Сүөдэри тоҕо сөрөөн көтүтэн таһааран, уонча миэтэрэлээх сиргэ умса бырахпыт, кини аттыгар сылдьар инитин - Сандал аҕатын Кыра Сүөдэри тобуктатан ааспыт… Муннуттан-айаҕыттан хаана барбыт, кутталыттан өй-мэй баран умса бырахтарбыт Улахан Сүөдэри дьоно көтөҕөн киллэрэн ыарыылаабыттар. Уол туга да улаханнык эчэйбэтэх курдук эрээри, кутталыттан эппэт кэлэҕэй буолбут.

Добун холорук ол кэннэ өссө ордук тыаһаан-ууһаан киэптэнэн, Кутаакы эбэ кытылыгар турар аар хатыҥы силистэри-баҕастары түөрэ тардан ытыйан таһааран, күөл ортотугар бырахпыт уонна үрдүк мэҥэ халлааҥҥа диэри ууну күөрчэхтии ытыйбытынан, уҥуоргу кытылга тиийэн оту-маһы барчалаан охторон, турута тыытан, уонча ыллар хаамыылаах сири хара буорунан көрдөрөн илин диэки түһэ турбут. Хантан кэлбитэ биллибэт холорук алааска киириитигэр, мэччийэ сылдьар сүөһүлэр орулаһа-орулаһа сырсыбыттар, балаҕаҥҥа олорор дьон үгэх иһигэр түспүттэр. Олохтоохтор кэлин уоскуйан, добун холорук үнтү ытыйан тэҥнээн ааспыт суолун көрбүттэрэ – балык-чоху бөҕө ыһыллан сытар эбит. Ону сэрии аас-туор кэмин дьоно халлаантан түспүт бэлэм ас диэн, иһит-хомуос киллэрэн хомуйан уос-тиис үллэстибиттэр.

Ити киэһэ олохтоохтор «халлаантан түспүт бэлэх» мундуну, быччыкыны ыргыччы буһаран, алаас үрдүнэн минньигэс дыргыл сыт тарҕаммыт, өтөрүнэн буолбатах дьоро киэһэ олохсуйбут. Ол эрээри ити үөрүүлэрэ уһаабатах, сарсыҥҥы күнүттэн саҕалаан бу эргин ыаллар ис тиибигэр охтубутунан барбыттар. Ону үгүс дьон «халлаантан бэлэх түспүт» балыктан диэн күтүрээбиттэр. Биир бастакынан ыарыылана сытар улахан уоллара Сүөдэр «бараахтаабыт». Оҕолор тугу аһаабыттара барыта истэригэр иҥпэккэ – уу буолан тахса турар эбит. Аҕыйах хонук иһигэр оҕолор кубарыһан, уҥуохтаах-тириилэрэ эрэ хаалан, мэктиэтигэр эттэрэ-сииннэрэ көҥдөйдүү көстүөх курдук. Хоргуйан өлбүт дьону эмиэ оннук дьэҥкэрэн өлөллөр дииллэрэ үһү. Эбэтэ барахсан дьэҥкэрэн эрэр оҕолорун араас отунан-маһынан эмтии сатаабыта туһалаабатах. Онуоха ыала эмээхсин сүбэтинэн – хаһаас ынах арыытын уулларан, дьэҥкирин халбыйа-халбыйа өссө үс төгүл уулларан иһэрдэн, атын оҕолорун тыыннаах хаалларбыт. Ону кэлин уйадыйа-уйадыйа кэпсээхтиир буолара.

Эбэлэрэ Ылдьаана өр сылларга хараҕынан ыалдьан, аҥар хараҕын ылларан кэбиспитэ. Онно таас хараҕа утуйарыгар ыраас уулаах ыстакаантан көрөн дьэргэтэ сытарыттан оҕолор саллаллара. Эмээхсин табахтыыр этэ, онтукайын сэттэ уон сааһын лаппа ааһан баран бырахпыта. Табаҕыттан аралдьыйаары таас кэмпиэти эмэ сылдьара. Кэлин санаатахха, былыргы дьон сиэринэн оҕо эрдэҕиттэн кытта кырдьыбыт идэтин табаҕы, итиччэ сааһыгар тиийэн быраҕыы уустуктардаах уонна булгуруйбат кытаанах санаалаах эрэ киһи кыайар дьыалата буолан эрдэҕэ. Онон эбэлэрэ чахчы кытаанах санаалааҕын көрдөрбүтэ.

Эбээ барахсан оронун анныгар турар хоппотун арыйан, төгүрүк ылтаһын хоруопкаттан хас кэлбит, быры-бытырыыс сиэннэрин аахтара, лампысыай кэмпиэт биэрэрэ кэрэтин эриэхсит. Хатыра куурбут тарбахтарынан араас дьэрэкээн өҥнөөх кэмпиэттэри кытаахтаан ылан, ытыстарын нэлэтэн тойтоһон турар сиэннэригэр түҥэтэ-түҥэтэ төбөлөрүттэн сыллаталаан ылара. Сандал онтон ордук үөрүүлээх түгэни өйдөөбөт, онтон ордук минньигэс кэмпиэти хаһан да сии илик.

Аны сайын күнү күннүктээн оонньоон баран киэһэ аччыктаан кэллэххэ – эбээ барахсан буһарбыт минньигэс сылаас килиэбэ, саһарчы буспут алаадьыта туохха тэҥнэһиэй?! Төгүрүк сандалы ортотугар нэлэгэр кытыйаҕа өрөһөлүү ууруллубут арыылаах алаадьыларга, күн уотугар килэдиспит, кырачаан илиилэр түргэн түргэнник уунаҥныыллара, сиэннэр саҥалара тохтоло суох чуопчаарара. Ол аайы эбээ барахсан үөрүүнэн туолбут хараҕыттан сырдык таммахтар тохтоллорун былаатын уһугунан кистии-саба соттон ылара, бургучуйа турар сылабаарыттан чэйин кутара.

Сандал ол ахтылҕаннаах эбэтин дьиэтигэр Элэмэскэ, хаайыы курдук саныыр дьыссаатыттан куотан ойон-тэбэн иһэр. Эбэтэ барахсан баҕар сиэннэрим кэлиэхтэрэ диэн күөрчэхтээх алаадьытын бэлэмнээн баран, куопсуктан ууну омурдан ыла-ыла муостаҕа тыбыыра-тыбыыра сиппийэ сылдьара дуу? Кини эбэтигэр хоно сытан, быылы өрүкүтүмээри ууну тыбыырдаҕына – түннүгүнэн түһэр күн уотун сырдыгар көстөр таммахтар араас кустук өҥнөнөллөрүн олус да сөбүлүүрэ. Ону сымнаҕас суорҕан быыһынан кылатан көрө сытан, от күөҕэ муостаны күөх алааска холуйан, ача күөх хонууга илгэлээх ардаҕынан, кустугунан тыбыырар эбэтин үтүө санаалаах дьөһөгөй оҕотугар майгыннатара. Эбээ барахсан биирдэ да сынньанан олоро түспэккэ, куруук түбүгүрэ, сиэннэрин төбөлөрүттэн имэрийэ-томоруйа, сыллыы сылдьар идэлээҕэ. Сандал билигин киниэхэ тиийиэҕэ, эккирэтэн иһэр дьыссаат иитээччилэриттэн саһан суорҕан анныгар дьылыс гыныаҕа.

Оттон эһэтэ баара дуу?! Кини Сандалы эккирэтэн ыла кэллэхтэринэ даҕаны, баҕар ыллыктаах-тылынан-өһүнэн кэпсэтэн хаалларыа эбитэ буолуо дуу? Сүөдэр кырдьаҕас аҕыйах саҥалаах эрээри, нэһилиэккэ кини түс-бас тылын бары истэллэр. Сүрдээх мындыр, барыга бары сыстаҕас, маһы хаамтарар, тимири ыллатар көмүс илиилээх уус. Дьиэтин таһыгар уһанар балаҕаннаах. Онно хара сарсыардаттан кыһалҕалаах дьоҥҥо күлүүһүттэн, хотууруттан, чаанньыгар тиийэ оҥорор, иһэрдэр, сэлбийэр. Нэһилиэккэ элбэх ыалга ыскаабы, олбохтору, остуоллары оҥорбута күн бүгүнүгэр диэри киэн туттуллар маллар.

 Тиэргэнигэр киһи турбутунан хааман киирэр сүрдээх табыгастаах, үс хостоох ааннаах булуус хаспыта. Онно хас хоһун аайы ас-үөл бөҕө баар. Бастакы икки хоско үрүҥ ас, үүнээйи арааһа: үүт, сүөгэй, суорат, тар, арыы, үөрэ, күөх луук, отон; түгэх дириҥ хоһугар муус, сылы эргиччи хаһаана сылдьан сииргэ эт ас баар. Эһэлэрэ ити баай булуус аһыттан куруук оҕолоругар үллэрэн бэрсэр. Аны нэһилиэккэ бастакы бэтэринээр буолан эмиэ ыалтан ыалга ыҥырыыга сылдьар. Саталлаах хаһаайын сүөһүтэ, сылгыта сылын аайы туруктаах буолара. Ону таһынан куурусса, сибиинньэ да ииттэрэ. Сайын аайы оҕолорун, сиэннэрин мунньан тоҕо түһэн кылгас кэмҥэ от бөҕө оттууллара, күһүнүн сир астыыллара, бултууллара. …  

Уол эбэлээҕин тиэргэнигэр чугаһаан иһэн «эһэм баар буоллаҕына көмүскэһиэ дуо?» дии санаан эрдэҕинэ: «Уолбут ол бардаа! Хата эбэтигэр киириэҕэ, онно тутуохпут!» - диэн кэннигэр соҕотохто дьахталлар аймалаһар саҥалара оргуйда. Кырачаан күрүөйэх ону истээт доҕуурга иҥнибит туллуктуу сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэ, хараҕын муҥунан көрбүтүнэн дьиэҕэ киирбэккэ олбуору кыйа тыа диэки сүүрэн элэстэннэ. Хараҕын кырыытынан, дьиэ айаҕар эбэтэ соһуйбуттуу кинини чарапчыланан көрө турарын элэс көрөн ааста. Эһэтэ көстүбэт. Уол тутуллаары гынным диэн ытамньыйа-ытамньыйа, муҥ ойуунан түһэн иһэн, эһэтин тыыта умса сытарын көрө биэрдэ уонна чохчос гынна да тыы анныгар сылыпыс гынан хаалла.

 

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....