30.01.2020 | 10:00

Кыраһыабай сылдьыаххын баҕараҕын? Сахалыы косметиканы боруобалаа!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Антонина Дормидонтова «Антуар» диэн дьоҕус бизнестээх. Манна соторутааҕыта сахалыы косметика бородууксуйатын таһаарда. Манна «Саргы”, “Дэлэй”, “Дьол”, “Таптал” диэн кириэмнэр, мааскалар кытта бааллар.

Биһиги Антонинаттан «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар анаан сахалыы косметикатын уратытын туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.

Хайдах саҕаламмытай? Эдэркээн Антонина сирэйин сибиэһэйдии кырбанан хатарыллыбыт тиит уонна бэс мастар туораахтарынан соттон баран, утуйан хаалар. Арай, турбута, сирэйэ көстүүлүүн тупсубут. «Тыый, биһиги французтартан туох уратылаахпытый, тоҕо бэйэбит оппутунан-маспытынан косметика оҥоруо суохтаахпытый?» - диэн санаа киирэн, үлэ саҕаланар.

СУНТААР КЫЫҺА

  • Мин Сунтаар улууһун Кутанатыттан төрүттээхпин, идэбинэн суруналыыспын. Үөрэхпин бүтэрэн баран балтараа сыл курдук Сунтаарга олохтоох дьаһалтаҕа пресса исписэлииһинэн үлэлээбитим. Эмискэ баҕайытык үлэбэр араас күүтүллүбэтэх балаһыанньалар үөскээтилэр – быыбар буолла, ким ханна барара-кэлэрэ да биллибэт буолла. Дьэ мин манна наймылаһан үлэлиир диэн тугун эппинэн-хааммынан биллим. Ол курдук олохпор ыра оҥостубут баҕа санаабар – урбаан эйгэтигэр тиийэн хааллым. Чэ, ол курдук бириэмэ ааста. Биир үтүө күн Кореяҕа барар буоллум. Оччолорго бэйэм кэриэй эрэ косметикатынан туттар этим. Үс сыл Сунтаарга маҕаһыын арынан үлэлэппитим, син дохуот киирэр этэ. Табаарбын бэйэм да баран аҕаларым, оччолорго доллар курса да кыра этэ, барыы-кэлии да чэпчэки. Киһи аа-дьуо баран кэлэр этэ, биир өттүнэн сынньанаҕын, биир өттүнэн үлэлиигин.

Сунтаардар бу иннэнэ кэриэй косметикатын Дьокуускайтан сакаастаан ылаллар эбит этэ. «Тони Моли», «Мисша» бреннар саҥардыы куоракка кэлэллэрин саҕана, бу табаар миэхэ номнуо баара. Онон куоракаа олохсуйбут дьүөгэлэрим Сунтаартан сакаастыыллара.

ЫАЛ ИЙЭТЭ

  • 2015 с. иккиспин оҕолонон баран, “аны баҕас барыы-кэлии тохтуур, оҕобун көрөн олорор инибин” дии санаабытым. Бу саҕана куоракка биир хостоох дьиэ ылынныбыт. Маҕаһыыммын сабан, табаарбын хайдах баарынан суулуу тутан баран, көһөн кэллибит. Сыл аҥаара олорбохтоон баран, уһун-киэҥи толкуйдаабакка, Октябрьский ТЦ атыы-эргиэн дьиэтигэр миэстэ булан кэбистим. Оҕоломмут киһи быһыытынан, оҕо таҥаһын атыылыыр буоллум. Сэттэ ыйдаах оҕобун маҕаһыыҥҥа илдьэ турабын (күлэр). Аны оҕом эрдэ баҕайы хааман барда, хайдах эрэ ыарахаттардаах курдук буолла. «Чэ, кэбис, дьиэҕэ олорууһубун” диэн саныырым быыһыгар аны Сунтаарбар баран маҕаһыын арынным. Эмиэ айан киһитэ буола түстүм. Аны ырааҕа да бэрт, үлэ таһаарыыта суох курдук. Онон, үлэни сатаан систиэмэлээбэт эбиппин диэн, үөрэххэ киирэр наада буолла...

БИЗНЕС ОСКУОЛА

  • Дьэ, баҕарбыт үөрэхпэр киирдим. Үс ый устата биир да көтүтүүтэ суох, иэскэ-күүскэ киирбэккэ, үөрэхпин этэҥҥэ бүтэрдим. Бу саҕана сахалыы косметика диэн суоҕа. Толкуйум оруннааҕар итэҕэтээри, боччумнаах соҕустук ылыннылар диэн, лоп-бааччы оҥостон тиийдим. Аны, кофенан скраб оҥорор этим, онтубун илдьэ бардым, хайы-үйэ олохсуйбут бренд курдук туттан тиийдим. Дьүүллүүр сүбэ сертификация боппуруоһугар ыарырҕатта. Финал буолла. Шашлык оҥоруута, пааркаҕа саахар баата атыылааһына, хаартыскаҕа түһэрии курдук бырайыактар бааллар. Оттон мин бырайыагым, хомойуох иһин, ааспата. Ытаатым, барыта албын, сымыйа диэн түмүккэ кэллим. Кыһыйбыт санаабар төлөпүөммүн ыллым да, инстаграммар ытыыр видеобын таһаардым...киһи бөҕөтө көрдө, туох-баар солун барыта мин сирэйим буолан хаалла. Киэһэ бизнес оскуолабыттан эрийэн кэпсэттилэр, быһалыы финалга ааһыахтаах эбиккин диэтилэр. Буолбут буоллаҕа дии, итинник хаалла... дьон саҥата бөҕөтө кутулла түстэ, барытын аахтым, ыраҥалаатым уонна бэйэбин кытта үлэлиэхпин наада эбит диэн түмүккэ кэллим. Мин инникилээх  баҕайы идиэйэм тоҕо сиргэ-буорга тэпсиллэн  хаалыахтааҕый?

БААННАР БАРЫ АККААСТААТЫЛАР

  • Бу бизнескэ харчыта суох киһи сатаан үлэлээбэт, сайдыбат. Туох-баар бааннартан барыларыттан кирэдьиит көрдөөтүм. Бары кыккыраччы аккаастыы олороллор. Чэ, хаттаан ИП буоллум. Ол тухары санаам ситэри туолбатаҕа олох өтө сылдьар. Бааннарга хаттаан сайаапка түһэрдим. Дьолго, биир баантан «заявку одобрили» диэн сурук кэллэ. Туох-баар ааным барыта арылла биэрдэ. Кимиэхэ барарбын, тугу гыныахтаахпын барытын билэбин, харчыттан эрэ иҥнэ сырыттаҕа дии. Үөрбүччэ-көппүччэ, Москваҕа төлөбүрдээх кууруска үөрэнэ тиийдим. Туох-баар экологическай фирмалар, бреннар бары мустубуттар. Бэйэм идиэйэбин дьэ олоххо киллэрэр буоллум. Бу саҕана кинигэ ааҕар дьоҕурум арыллан кэлбитэ, наһаа элбэх бэйэни сайыннарыы, тобулуу кинигэтин аахпытым. Санаа-оноо, күүс-уох да өттүнэн бу аахпыт кинигэлэрим олус туһалаатылар. Бэйэм суолбун дьэ буллум...

СААС СААҺЫНАН АРЫЛЛАН ИҺЭР

  • Бу идиэйэ миэхэ түөрт сылы быһа сырытта. Саха сирин үүнээйитин састааба атын регион отуттан-маһыттан 30% күүстээх диэн санааҕа тирэнэбин. Билигин бастакы бородууксуйам атыыга тахсан турар. Бородууксуйа анал сыахха, обородуваниеҕа оҥоһуллар буолан, Пензаны кытта үлэлэһэбин. Төһө даҕаны кэлиитэ-барыыта уустуктардааҕын иһин, баҕалаах киһи барытын кыайа-хото тутуохтаах диэн санааны тутуһабын.

ИННИКИ БЫЛААН

- Анал обородувание ылан, бородууксуйабын Сахам сиригэр оҥоруохпун, арааһын элбэтиэхпин баҕарбын. «Саха сирэ эмиэ косметика оҥорор кыахтаах”, - диэни ситиһиэм. Бириэмэ өссө да эрдэ, барыта иннибэр турар.

Ыра санаа кими-кими туохха-туохха тиэрпэтэҕэ баарай?! Оттон Антонина: «Киhи сатаабатаҕа диэн суох», – диэн санаалаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...