26.09.2020 | 18:02

Кыраһыабай буолуу бэйэбититтэн тутулуктаах

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кыыс оҕо барахсан хайа күн сирин көрүөҕүттэн кэрэҕэ талаһар, кыраһыабай көстүүлээх буолуон баҕарар. Хас биирдии кэрэ аҥаар бэйэтэ кистэлэҥнээх, туһунан туттар косметикалаах. Бу, биллэн турар, киниэхэ барсарыттан, тириитэ ылынарыттан.

Мин үс сиэн кыыстаахпын. Кинилэр кэлэн бардахтарына улахан сиэркилэм барыта тарбахтарын суола, араастаан тутуһа-тутуһа көрүнүү, уостарын кырааскаланыы, тугу эрэ кэтэн көрүү буолаллар. Ол аайы кинилэр мээрэйдэринэн сиэркилэм киртийэн иһэр. Үнүр улахан сиэмминиин (5 саастаах) лиипкэ киирдибит да, түһүөхпүтүгэр диэри сиэркилэ иннигэр турдубут, эһээбит онуоха эрэ кыһаммат. Дьэ, ити баар, кыыс оҕо барахсан, дьиҥэр, аччыгыйдарым иккилээхтэр эрэ, туох эрэ саҥаны кэттилэр, иилиннилэр да, сиэркилэ диэки сүүрэн тоотойоллоро олус да кыһыылаах, абалаах. Онон, эн сааскыттан тутулуга суох, дьахтар буолан төрөөтүҥ да сиэркилэ олоҕуҥ аргыһа буолара саарбаҕа суох.

Оттон бу сиэркилэ иннигэр кыраһыабай буолан турарбыт инниттэн бэйэбитин көрүнүөххэ, оҥостуохха, маанымсыйыахха диэн аҕыйах кэккэ сүбэни бэчээттиибит.

Сирэйбитин сылы эргиччи көрүнэбит

Сыл түөрт кэмигэр тириибитин көрүнэ сылдьыахтаахпыт диэн косметологтар этэллэр. Сааһы, сайыны аастыбыт, онон күһүҥҥү, кыһыҥҥы сүбэлэри истиэххэ.

Кыһыары күһүн уонна кыһын – сирэй тириитэ ордук кэбириир, мөлтүүр эбит. Онон харыстана, көрүнэ сылдьыахтаахпыт.

Биллэрин курдук, тымныы салгын, тыал-куус киһи тириитин түргэнник кырытыннарар.

Кыһын сарсыарда суунуллубат, кириэмнэниллибэт, тоҕо диэтэххэ сыалаах да крем уулаах буолар (25 бырыһыантан аҕыйаҕа суох). Ол уута тоҥноҕуна, сирэй тоҥор уонна хатырар. Кураанах тириини киэһэ сүөгэйинэн, аһыйбыт үүтүнэн, ынах эбэтэр мас арыытынан соттор үчүгэй.

Хатар тириигэ иҥэмтэлээх кириэм күһүн уонна кыһын киэһэ да, күнүс да туттуллуохтаах. Кыһыҥҥы уонна күһүҥҥү мааскалар сирэйи көрүүгэ-харайыыга эбии көмө буолаллар. Кураанах тириигэ аналлаах мааскаҕа чэй көөнньөһүгүн, туустаах ууну, үүтү, о.д.а. эбэн биэриэххэ сөп. Сыалаах тириигэ аһытыллыбыт, сымнатар мааскалар олус үчүгэйдик дьайаллар.

Таһырдьа дьыбардаах салгыҥҥа өр сылдьар дьоҥҥо уута суох сириэстибэ көмөлөөх: хаас сыатынан эбэтэр сибиинньэ тараһатын сыатынан сотуннахха, тымныыттан харыстаныаҥ. Хаас сыатын эбэтэр сибиинньэ тараһатын сыатын кыра куһуок гына кырбыыгыт, ууллараҕыт, маарыла нөҥүө сиидэлээн баран сөрүүн сиргэ уураҕыт. Сыаҕа сыыҥкабай мааһы эптэххэ (4:1), өр турар.

Салгыҥҥа өр сылдьыбытыҥ кэннэ, тирииҥ түүрэ тардыллыбыт, хатырыктыйбыт буоллаҕына, дьиэҕэр тиийээт, кэмпириэстэ оҥоһун. Соттору да, салфетканы да итии ууга эбэтэр ромашка уонна мята оргуйбут уутугар илитэн баран, 2-3 мүнүүтэ сирэйгэ тут. Онтон сымыыт уоһаҕын 1 ч. нь. А битэмиини, касторовай эбэтэр ханнык баҕарар мас арыытын кытта булкуйан мааска оҥостор туһалаах. 15-20 мүнүүтэнэн маасканы сууйан кэбиһэҕин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....