22.03.2024 | 14:00

Кыра оҕолоох айанньыттарга туһалаах сүбэлэр

Сорох төрөппүттэр оҕолорун илдьэ ыраах айанныыртан туттуналлар, ыалдьан хаалыахтара, тулуйуохтара суоҕа диэн куттаналлар. Үгүстэр: “Кыра оҕолоох ханна көтүөхпүтүй, айа, сынньаммат буоллахпыт”, – дииллэр. Дьиҥэр, эрдэттэн бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон бардахха, холкутук сылдьыахха сөп.
Кыра оҕолоох айанньыттарга туһалаах сүбэлэр
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Муораҕа саҥа төрөөбүт кырачааннарын көтөхпүтүнэн, аэропорка кэлээскэлэрин үтэ сылдьар элбэх оҕолоох эдэр төрөппүттэри көрдөххө, “олус да хорсуннар” дии саныыгын.

Кырачаан аһын-үөлүн, күннээҕи эрэсиимин учуоттаан сырыттахха, ханнык баҕарар ыраах айан табыллар. Биллэн турар, иннин тымтыктанан көрбүт суох, барыта санаабыккыт курдук салаллыа суоҕа. Ол да буоллар кыра оҕолордоох ааҕааччыларбытыгар кэккэ сүбэлэри бэлэмнээтибит. 

 

Ханна барабыт?

Айаҥҥытын эрдэттэн былааннааҥ. Тиийиэхтээх дойдугут, куораккыт туһунан ааҕыҥ, дьонтон ыйыталаһыҥ. Отельгытын, гостиницаҕытын булан барыҥ, тиийэн баран кыра оҕолоох түүннэри көрдүү сылдьыбат курдук.  Айан бүддьүөтүн эрдэттэн тыырар ордук.

 

Чымадааммытын сөпкө хомунабыт

Таҥаһы-сабы чымадааҥҥа рулон курдук эрийэн уурар үчүгэй, оннук элбэх миэстэни ылбат, улаханнык имиллибэт. Күн-дьыл туругуттан көрөн (ардах түстэҕинэ, тымныыга, куйааска), тугу таҥнаргытын, оҕоҕо тугу кэтэрдэргитин үчүгэйдик былааннаан уктуҥ. 

Атах таҥаһын тус-туспа уурар ордук. Ол иһигэр ону-маны бытархайы симиэххэ сөп – наскы, ачыкы, браслет уо.д.а.

Докумуоннаргытын илдьэ сылдьыахтаах суумкаҕытыгар уктуҥ, тус-туспа файлларга суулуохха сөп.

Аптечкаҕытын (эмтээх пакеккытын) чымадаан үөһэ өттүгэр ууруҥ.

 

 

Аптечкаҕа тугу уктабыт?

Айаҥҥа араас ыксаллаах быһыы-майгы буолуон сөп. Атын дойду аһын-үөлүн, килиимэтин атыҥыраан, ис булкуллара, сыыстаран тымныйыы, тумуу да ханна барыай. Билбэт сиргитигэр (чуолаан тас дойдуга) тиийэн, аптека көрдүү сүүрбэт курдук, эмкитин бэйэҕит илдьэ барыҥ, оннук холкутук да сылдьыаххыт. Туох буолуой, таҥара сэрэҕи сөбүлүүр.

Икки аптечкалаах барар ордук: биири багажка туттараҕыт, иккиһи  сөмөлүөккэ уктан киирэҕит. Туох эми-тому илдьэ бараргыт доруобуйаҕыт туругуттан тутулуктаах, ол эрээри ханнык баҕарар айаҥҥа наадалаах сириэстибэлэр бааллар.

Аҕыйах күннээх айаҥҥа:

- үөн-көйүүр ыстаатаҕына туттуллар сириэстибэ;

- күнтэн харыстыыр кириэм;

- итиигэ бустахха туттуллар сириэстибэ;

- лейкопластырь, баата, биинтэ;

- аллергияттан препарат;

- ханнык баҕарар ыарыыны мүлүрүтэр эмп (обезболивающай).

 

Ыраах айаҥҥа илдьэ барар эмтэри маннык бөлөххө араарыахха сөп:

- кыраадыһы түһэрэр;

- градусник;

- антибиотик;

- муннуга кутуллар хааппыла, ыстарынар спрей;

- сөтөлү таһаарар эмп;

- күөмэй эмэ;

- ис-үөс, оһоҕос ыарыытыгар;

- ол-бу ферменнэр, пребиотиктар.

 

Атын килиимэккэ үөрэнии

Кыра оҕолор үксүн, атын килиимэттээх дойдуга тиийдэхтэринэ, улаханнык кыһаллыбат курдуктар. Олох көрдөрөрүнэн, сынньалаҥтан кэлэн баран төттөрү үөрэнэр быдан ыарахан. Кыһынтан сайын тиийэр, онтон аҕыйах хонук күҥҥэ сыламнаан баран, итии дойдуттан тымныыга төннөр улахан да киһи организмыгар охсуулаах. Онон бу сүрүн быраабылалары тутуһуҥ, кэккэ сүбэлэри тускутугар туһаныҥ:

- Сынньалаҥтан кэлэн баран, таһырдьа дьаарбайаргытын аҕыйатыҥ, дьон тоҕуоруһар сиригэр сылдьыбат буола сатааҥ, тымныыттан харыстаныҥ.

- Айанныаххыт икки нэдиэлэ иннинэ уонна кэлэн баран икки нэдиэлэ прививка ылартан туттунуҥ.

- Сайынтан сайын тиийэр ордук. -50 кыраадыс тымныыттан итии дойдуга айанныыр хайа да организмҥа “соһуччу” буолар.

- Итии дойдуга тиийэн баран оҕо организмын саҥа килиимэккэ сыыйа-баайа үөрэтиҥ. Тута күҥҥэ сыламнаабытынан барымаҥ, муораҕа күнү-күннээн сылдьымаҥ. Күн муҥутаан күүскэ тыгар кэмигэр (күнүс 12-16 чч.) дьиэ иһигэр сытар ордук. Ол эрээри кондиционертан сэрэниҥ.

- Оҕону күнтэн харыстыыр кириэминэн сотуҥ, сэлээппэ (панама) кэтэрдиҥ.

- Ууну элбэхтик иһэрдиҥ, бэйэҕит да тута сылдьан иһиҥ.

- Сорох оҕо атын дойду аһын-үөлүн атыҥырыыр, иһэ булкуллар, ону кэтээн көрүҥ.

 

Бириэмэ уларыйыыта

Оҕо күннээҕи эрэсиимэ ыһыллара – өссө биир кыһалҕа. Маныаха кырачааны эрдэттэн бэлэмниир ордук. Айанныаххыт биир-икки нэдиэлэ иннинэ киэһэ хойут (эбэтэр эрдэ) утуйуҥ, кыаллар буоллаҕына, сарсыарда турар кэмҥитин эмиэ уларытыҥ. Оччоҕуна бэйэҕит да, оҕо да анараа тиийэн, түргэнник үөрэниэҕэ.  

 

 

Тугу аһатабыт?

- Эмиийдээх оҕо элбэх түбүгү эрэйбэт. Этэргэ дылы, “үүттээх мөһөөччүгэ” аттыгар баар буолуон эрэ наада.

- Искусственнай үүтү иһэр оҕолоох дьон бороһуоккутун уктан барыҥ. Атын дойдуга үүт-үкчү оннугу буларгыт саарбах, кэбис, оҕо иһэ тоҕо барыа, сыаната да ыарахана биллэр.

- Оҕо хааһытын уонна пюретын, аҕыйаҕы да буоллар, эмиэ илдьэ сылдьар ордук. Онтон тиийэн баран маҕаһыынтан атыылаһан сиэтиэххэ сөп.

 

Сөмөлүөккэ хаппырыыстаабатын туһугар

Көтөр аалга оҕону хайдах уоскутабыт? Тугунан аралдьытабыт? Сорох оҕоҕо планшет туттардахха, төһө баҕарар олоруон сөп. Ол эрээри уһуннук көтөр буоллахха, манна эмиэ эрдэттэн ох курдук оҥостор ордук.

Сөмөлүөккэ туһалаах лайфхактары туһаныҥ:

- Аһылык. Оҕо сиир араас аһын, элбэх утаҕы уктуҥ, олбу-солбу уларыта сылдьан биэриҥ. Холобур, араас амтаннаах пюрены, эгэлгэ бэчиэнньэни, соктары, фруктаны.

-  Сороҕор сөмөлүөт туолбат, пассажира аҕыйах буолар. Регистрация кэмигэр ыйыталаһан баран, аттыгытыгар миэстэ хаалларалларын курдук көрдөһүҥ. Кыра оҕолоох дьону хампаанньа үлэһиттэрэ өйдүүллэр, утары бараллар.

- Сөмөлүөт көтөрүгэр киһи кулгааҕа бүөлэнэр, үгүс оҕо онтон ытыыр. Биирин ааспыт оҕоҕо Чупа-чупс биэриэххэ эбэтэр сок туттарыахха сөп. 

- Көтөн иһэн аралдьытарга саҥа оонньуур, дьэрэкээн ойуулаах кинигэ, уруһуйдуур альбом, наклейка көмөлөһөр. Эрдэ көрдөрүмэҥ, барытын биирдэ биэримэҥ, кыра-кыралаан хостоон үөрдүҥ.

- Сороҕор сөмөлүөт хойутаан көтөр эбэтэр рейси атын кэмҥэ көһөрүөхтэрин сөп. Онон хаһан баҕарар астаах, уулаах сылдьар ордук. Аэропорт аайы сынньана түһэргэ табыгастаах  ийэҕэ уонна оҕоҕо анал хос баар буолар, сөмөлүөт хойутаан көтөр түгэнигэр, оннук сирдэри көрдөөҥ.

 

Сынньалаҥҥа сылайбат курдук

- Кыра оҕолоох айанныыр буоллаххытына, холкутук сылдьа сатааҥ, кырачаан күннээҕи эрэсиимин учуоттааҥ.

- Олус элбэҕи былааннаамаҥ. “Маны көрөбүт”, “итиннэ барабыт” диэн сэттэ уон сэттэ испииһэги оҥостумаҥ.

-  Ийэ уонна аҕа эксурсияҕа уочаратынан сылдьыахтарын сөп.

- Оҕо көрсөр киһилээх, биллэн турар, үчүгэй. Ыксаатаххытына, няня өҥөтүнэн туһаныҥ, сорох отель оҕо көрөөччүлээх буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...