Кыл мүччү быыһаммыт
Семен Никитин:
– Дьонум оҕо сырыттахпына кэпсээбиттэрин, ону истэн куттаммыппын өйдөөн хаалбыппын. Былыр, саха дьоно өссө алаастарынан арахсан олороллорун саҕана, оҕонньордоох эмээхсин бэйэлэрэ олорбуттар. Кинилэргэ биир дьыл сиэн уоллара окко көмөлөһө кэлбит. Оттуур сирдэрэ олус ыраах эбит. Биирдэ оҕонньор малын хомуна сырыттаҕына, эбэтэ сиэнигэр: «Эн эһэҕин көрө сылдьаар. Айаҥҥыт уһун. Тиийиэхтээх сиргитигэр хас да хонук айаннаан тиийэҕит. Эһэҥ оҕонньор уруккута буолбатах. Баҕар, айаннаан иһэн ол-бу буолан хаалан, сытынан кэбиһиэн сөп. Ол сытан анараа дойдулаан хааллаҕына, хатыҥ мастан кыра тоһоҕото оҥороор, илиитин-атаҕын күүскэ баайаар уонна ити оҥорбут тоһоҕоҕун сүрэҕэр киллэрэн кэбиһээр. Ол кэннэ төһө кыалларынан сиргэ дириҥ дьааманы хаһан, онно харайаар», – диэн сүбэлээн кэриэтэ эппит. Уол тугу да ыйыппатах, истэн эрэ кэбиспит. Кылгастык эттэххэ, айаннарын суола биэс күн буолбут. Ол тухары аһаҕас халлааҥҥа, ханна өтөх баар сирдэринэн хонон тиийбиттэр. Отторун ортотун быһаарбыттарын кэннэ, эмээхсин эппитин курдук оҕонньор ыалдьан сытынан кэбиспит. Сиэнигэр бу курдук тыллары эппит: «Эн сарсыарда төттөрү айаннаар, мин аппын холбонон, малгын барытын тиэнэн бараар. Мин манна хаалыам. Айаныҥ тухары олох тохтоомо. Үһүс күҥҥэр биирдэ сынньанаар. Эбэҕэр тиийэн барытын сиһилии кэпсээр. Кинини кытта төттөрү кэлсээйэҕин, тукаам”, – диэт, утуйан хаалбыт. Уол сарсыныгар оронуттан туран оҕонньорго чугаһаабыта, эһэтэ өйө суох сытар эбит. Бастаан эһэтин тылын истэн хомуммут. Онтон араҕар кэмэ кэлбитигэр, эбэтин тылын санаабыт. Ол курдук, эбэтин сүбэтинэн хатыҥ мастан кыра тоһоҕо мас оҥорон, эһэтин илиитин- атаҕын баайан, сиргэ дириҥ дьаама хаспыт. Ол маһын сүрэҕин үрдүгэр тутан баран, саайыах буолан бэлэмнэнэ олорон, эһэтин этин-сиинин алдьатыан аһынан, ол маһын хонноҕор кыбытан баран көмөн кэбиспит.
Бастакы айаннаабыт күнүн киэһэтигэр, мырааны таҥнары түһэн истэҕинэ, арай «тохтоо» диэн ким эрэ кэннигэр, мыраан үрдүгэр туран хаһыытыырын истибит. Кэннин хайыһа биэрбитэ, кир-буор буолбут, кыыһырбыт-хоргуппут, илиитэ-атаҕа быа баайыылаах эһэтэ турар эбит. «Тохтоо диэтим» диэн тылларынан эдэр киһилии кылыыҥкайдаан уол диэки барбыт. Ону көрөн уол көхсө тымныйбыт, саҥатыттан олох матан хаалбыт, этэ-сиинэ тардыбыт. Нэһиилэ күүс булан, аттарын тэһиинин кыйдаан, куотар аакка барбыт. Аттара туох баар күүстэринэн ойбуттар. Ол да буоллар, эһэтин саҥата ырааппат үһү: «Дьэ, сэрэн, нохоо. Мин эйиэхэ син биир тиийиэҕим. Тохтооботоргун да ситиэм, хааҥҥын иһиэм, харахтаргын тэһиэм”, – дии-дии, үөхсүү бөҕөнөн эккирэтэн испит. Сыыдам сүүрүүлээх, хорсун бөҕөс аттарын, оҕонньор төһө да кылыйар курдук гыннар, аа-дьуо чугаһатан испит. Уол ыксаан, холбуур атын сүөрэн, малын сиргэ тамнаан көрбүт да, эһэтэ оҕонньор хаалсыбат үһү. Күн саҕахха киирэрэ бу кэлбит. Уол оҕонньор эккирэтиилээх алааска тахсан кэлбит. Ол алаас ортотугар бу иннинэ эһэтиниин кэлэн иһэн хонон ааспыт балаҕана турар эбит. Уол миинэн испит ата, күүһэ-сэниэтэ эстэн, сууллан хаалбыт. Оҕо барахсан элбэҕи-үгүһү толкуйдаабакка, балаҕан иһигэр ыстана охсоот, аанын саба баттаабыт. Эһэтэ оҕонньор өр кэтэһиннэрбэтэх. Ааны тас өттүттэн, атыыр оҕус сүүһүнэн кэйэрин курдук, ааны тонсуйан барбыт. Мэктиэтигэр балаҕан сууллаары гыммыт. «Дьэ, мантан ханна куотар үһүгүөн...” – дии-дии ааны өссө күүскэ тоҥсуйар үһү. Ити курдук аан оҕонньор күүһүн тулуйарын тухары, уол хайдах куотарын толкуйдуу турбут. Тула өттүн көрбүтэ, арай кини куотарыгар сөптөөх, киһи батар хайаҕаһын истиэнэҕэ булбут. Уол ол хайаҕас быыһынан куоппутун кэннэ, аана бытарыс гынан ыһыллан хаалбыт. Оҕонньор балаҕан иһигэр киирээт, хатаннык хаһыытаан бытарыппыт: «Абаккам да буолар эбит. Ханна сүттүҥ? Кэл манна, эйигин син биир булуом!» –диэн тылларынан уол кэннигэр хаалан хаалбыт. Уолчаан төһө уһун айан суола ааспытын билбэтэх. Ол да буоллар, эбэтин балаҕанын киэһэ күн арҕаа саҕахха сүппүтүн кэннэ тоҥсуйбут. Туох буолбутун барытын сиһилии кэпсээбит. Сарсыныгар эбэтэ туран суолга илдьэ барар малын хомуна сылдьан, сиэн уолга маннык диэбит: «Эһэҥ уруккута ойууну кытта тыл бэрсиһэн турардаах. Онтуката киниэхэ өлөөрү сыттаҕына, ыарыытын ааһырдыбыта уонна төлөбүрүн сиэниҥ хаанын мин харайылла сытар сирим үрдүгэр тоҕоор диэбит”.
Үйэҕэ биирдэ бэриллэр сэдэх ыт
У.Е.А. Дьокуускай:
– 2000 сыллар саҕаланыыларыгар Ноху үрэх баһыгар биир доҕорбут кыттыгаһыгар тахсан бултуу сылдьыбыттаахпыт. Биһиги төһө даҕаны куорат дьоно буолбуппут иһин, үүтээннээх сирдээх киһини кытта тута биир тылы булан бэркэ тапсыбыппыт. Байбал даҕаны судургу, маһы ортотунан хайа охсубут курдук бэрт көнө майгылааҕа, баары баарынан, суоҕу суоҕунан сылдьар киһи. Биһиги аан бастаан тиийэр сылбытыгар Байбал түөрт ыттааҕа. Онтон биир саамай тапталлааҕа, тайахха барыгаһа сэттэлээх Наайда диэн тыһы ыт этэ. Байбал холуочуйдаҕына: «Маннык ыт киһи үйэтигэр биирдэ бэриллэр», – диир буолара. Наайда төһө даҕаны кыра ньахчаҕар буоллар, хаарга иҥнигэһэ суох сылдьара уонна төһө да былыттаах күн буоллар, сарсыарда ыраахтан иһиллэр хатан куоластааҕа. Дьэ, ол гынан баран, биһиги сылдьыбыппыт иккис сылыгар Наайдабыт ыҥаахтаах тыһыны хаайан баран, онно быһа тэптэрэн, хас эмэ күн ыарыыланан сыппыта. Өрүттэр кыаҕа суоҕа, онон Байбал төһө да аһыннар, ытын бэйэтэ дьаһайбыта. Дьиктитэ диэн Наайда ымыылаах, иччитигэр бэриниилээх ыт быһыылааҕа. Мин олохпор син арааһы көрбүтүм эрээри, манныкка түбэһэ илигим. Наайда өлбүтүн эһиилигэр эмиэ Нохуга тахсан тайахтаабыппыт эрээри, ыттарбыт эдэрдэрэ бэрт буолан, кыылы аанньа тохтоппотторо, ардыгар куоттаран кэбиһэллэрэ. Онон Байбалбыт куруук Наайдатын саныыра уонна ыттарын ытыталыах буолан саанара.
Дьэ, арай биир сарсыарда Нохуттан тахсан Миилэ үрүйэтинэн баран истэхпитинэ, арай сис арҕаһыгар хатан баҕайытык ыт үрэр саҥата иһилиннэ. Биһиги аттыын бары чөрбөҥнөһө түстүбүт. Илдьэ сылдьар ыттарбытыгар итинник үрэр ыт отой суоҕа. Үкчү били Наайда куолаһын санатар эбит этэ. Аны атын ыт диэҕи, чугаһынан ханнык да ыт баар сибикитэ биллибэт этэ. Онон бары саарбахтаан, иһийэн турдубут. Өр-өтөр буолбата, аны били ыкка биһиги ыттарбыт холбостулар. Моргуор бөҕө буолла. Аттарбытын хаамтаран, сис анныгар аҕалан баайан баран, тахсан биир аарыма бууру ытан ыллыбыт. Ол гынан баран, дьиктиргиэхпит иһин, бэйэбит ыттарбытыттан атын ыт баар сибикитэ биллибэт этэ. Тыаттан киириэхпитигэр диэри, били хатан үрүүнү икки төгүл истибиппит уонна иккиэннэригэр мааны киһи мыыммат кыылларын бултаабыппыт. Төһө даҕаны дьиктини бары эт кулгаахпытынан иһиттэрбит, хайабыт даҕаны саҥа таһааран санаабытын үллэстибэтэхпит. Арай иккиспитин охторон баран астыы сырыттахпытына, арай Байбалбыт: «Үтүө ыттаах диэн бу буоллаҕа», – диэн тыл ыһыктыбыта. Уонна тайах бастыҥ миэстэлэриттэн быһа баттаан ылан, кыра-кыратык суон тиит алларааҥы мутугар ыйаан кэбиспитэ. Биһиги Байбал кими хайҕаабытын, кимиэхэ бэлэх ыйаабытын тута сэрэйбиппит.
Үһүйээн
Байанайдаах Баһылай Хорула:
– Былыр ыаллар күөл-күөл аайы бытанан олорор кэмнэригэр, соҕотох айанньыт биир ыалга тохтоон хоммут. Бу ыал соччо ыалдьытымсахтара суох эбит. Биир сүүрэ сылдьар баччыр уол оҕолоохтор эбит. Хоноһо бу ыалга хонордуу, тастан аһын киллэрэн ириэрбит. Оҕоҕо саахар бэрсибит. Уонна киэһэ аһаары олорон, көмүлүөк оһоххо арыылаах лэппиэскэ бэрсибит. Ону көрөн ыал аҕата кэлэн, арыылаах лэппиэскэни оһохтон ороон ылан, эмээхсининиин аҥаардаһан сиэн кэбиспиттэр. Өссө: «Бу туох буолбут киһигиний, аһы уокка биэрэр?» – диэбиттэр. Оҕолоро олох ырыган баҕайы. Хоноһо оҕону аһынан, ыһыгыттан бэрсибит. Онто уоран, уокка ас бэрсэр оҕо эбит. Ыалдьыт дьиэлээхтэри кытта бииргэ аһаан, ону-маны кэпсэтэн баран сыппыттар. Арай хоноһо түүн утуйа сытан түһээтэҕинэ, ырыган баҕайы маҥан бытыктаах оҕонньор аттыгар кэлэн, тайахха тэптэрэн туран: «Дьэ, хоноһо иһит. Ити бэҕэһээ бэрсибит аскын ити баҕайылар былдьаан сиэтилэр ээ. Ону ити оҕом уора-көстө ас бэрсэн баччаҕа диэри кэллим. Дьэ, мин кинилэри иккиэннэрин күл-көмөр оҥортуурум буолуо. Арай ити оҕобун быыһаан ылыам этэ», – диир эбит. Айанньыт сарсыарда туох дьикти түүлэй диэн иһигэр дьиибэргии санаабыт. Оҕо муҥнаахха лэппиэскэ бэрсэн аһаппыт. Онтон салгыы айанныы турбут.
Сааһыары төннөн иһэн, бэйи, били ыалым хайдах олороллоро эбитэ буолла диэн, кинилэр олорор өтөхтөрүгэр туораабыт. Арай болҕойон көрбүтэ, ыалларын өтөҕө бүтүннүү умайан хаалбыт. Түүлүн санаан, били оҕо баара дуу диэн чугастааҕы ыалга кэлэн хоно киирбитэ, уол оҕо манна баар эбит. Киһилии аһаан, таҥнан, сирэйэ төгүрүйэн үөрэ-көтө олорор эбит. Ыаллар кэпсээбиттэринэн, кыһыары эр киһи уонна дьахтар дьиэлэрэ умайан, иккиэн уокка былдьаммыттар. Оҕо эрэйдээх сыгынньах кэриэтэ бу ыалга куотан кэлбит эбит. Айанньыт ол оҕону ыйытан, бэйэтин кытта илдьэ барбыт. Бэркэ олорбуттар үһү. Онон ханна да сырыттаргыт, сахалыы сиэринэн, эһэҕитин, уоккутун куруук аһата, ааттаһа, көрдөһө сылдьар буолуҥ.