04.07.2020 | 17:11

Кыбытык тигиигэ маастардар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ньурбалар кэрэ эйгэҕэ куруук бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллар.  Тарбахтарыгар талааннаах, духуобунаһы өрө туппут, айылҕаттан айдарыылаах иистэнньэҥнэр бу улууска элбэхтэр. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ханнык баҕарар күрэхтэргэ, куонкурустарга, ыытыллар бэстибээллэргэ өрүү көхтөөхтүк кытталлар. Биир киһи идея киллэрдэҕинэ, бары саба түһэн, сомоҕолоһон, ылсыбытынан барар үтүө үгэстээхтэр.

Ньурба куоратыгар “Арыллыы” диэн ааттаах кыбытык тигии түмсүүтэ баар. Салайааччылара – Галина Дмитриевна Федорова. Бу түмсүү тэриллибитэ төрдүс сылыгар барда. Иистэнньэҥнэр уус-уран оҥоһук маастара, худуоһунньук Аммос Прокопьевич Давыдов айбыт эскиһинэн үс паннону тигэн таһаардылар. Мантыҥ көннөрүү тигии буолбатах ээ, кыбытык тигии. Мээнэ киһи кыайан ылсыбат үлэтэ. Манна сатабыл, дьоҕур наада дии саныыбын. Бүгүн бу панно эскизтэрин оҥорбут Аммос Давыдов үс үлэтин (панноларын)  ис хоһоонун эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын.

“Оҕо кутун таттарыы”

Аммос Прокопьевич Давыдов, уус-уран оҥоһук маастара, худуоһунньук, Ньурба куората:

«Кыбытык тигии» бөлөххө баарбын. Бу паннону тигээри мустубуппут. Быйыл сайыны быһа Дьокуускай куоракка Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр быыстапкаҕа турда.  «Оҕо кутун таттарыы» А.Е. Кулаковскай «Научные труды»  диэн кинигэтиттэн ылан оҥордум. Саха киһитигэр Ийэ куту Үрүҥ Аар Тойон биэрэр. Оччоҕо биирдэ бу орто дойдуга киһи буолан айыллан төрүүр. Ол Ийэ куту Айыыһыт Үрүҥ Аар Тойонтон көрдөһөн ылан биэрэр. Ийэ куту ылан эр киһи дьахтар иһигэр угар. Оччоҕо оҕо үөскүүр. Онно эт тутан оҕо буор куттанар. Онтон оҕо кэмэ кэлэн, ситэн-хотон тахсан түһэригэр салгын куттанар. Бу орто дойдуга оҕо үс куттанан кэллэҕэ ол. Ону көрдөрөн ити панном үрдүгэр Үрүҥ Аар Тойону оҥорбутум, анныгар атыыр сэргэни туруордум. Былыр сахаларга атыыр, тыһы сэргэлэр бааллара үһү. Онтон ити анныгар төкүнүк харысхал иһигэр Үс кут ойуута, Кыһыл Ийэ кут. Кылгастык быһаардахха, хаан өҥө ийэ кутунан биһиэхэ өбүгэлэрбитин кытта арахсыспат ситиммит көстөр. Өбүгэлэрбититтэн бэриллэр билии-көрүү майгылара, ыарыылара уонна тас көстүүбүт. Онтон салгын кут биһиги санаабыт, түүҥҥү түүлбүт буолар. Ол иһин халлаан күөҕэ, буор куппут от күөҕэ өҥнөөх. Биһиги, бу орто дойду оҕолоро өҥ буортан аһаабыт, улааппыт кыылы, сүөһүнү, сылгыны, үөнү-көйүүрү сиэн эт тутабыт, улаатабыт. Күөх оттон, үүнээйиттэн күүс-уох ылабыт. Ол иһин Буор кут от күөҕэ өҥнөөх. Оҕобут Ийэ кутун, Буор кутун тутан, ийэ иһигэр ити ойуубар сымыыт курдук (матка иһигэр) сытара көстөр. Итиннэ айыыһыт ох уктаҕына уол буолар. Эбэтэр иэйиэхсит кыптыый уктаҕына, кыыс оҕо буоларын көрдөрбүтүм. Онтон ити аллара оҕобут төрөөн, ийэтэ тутан турар. Аттыгар үс дьахтар ойуута, оҕону үөскэппит Айыыһыппыт бу орто дойдуга оҕо төрөөтүн үһүс күнүгэр тиийэн, оҕону аны эһиги илиигитигэр хааллардым диэн баран, үөһээ дойдутугар барар. Ону көрдөрбүт быһыым. Былыр «Айыыһыты атаарааһын» диэн сиэр-туом туттуллар этэ. Былырыын бу “Оҕо кутун таттарыы” үлэбит Москваҕа каталокка киирбитэ.

“Дьөһөгөй Айыы”

–  Дьөһөгөй Айыы соҕуруулуу илин олорор Айыы буолар. Биһиги сылгыларбыт үөрүн көрөр, харыстыы, көмүскүү сылдьар. Саха киһитэ сылгылаах буолан баччааҥҥа диэри кэллэҕэ. Саха дьоно сылгыны ытыктыыр, сүгүрүйэр. Бу паннобар Дьөһөгөй куйаартан, Айыыларбыт аартыктарынан түһэн иһэллэрэ ойууламмыт. Аттыларыгар аарыма аҕыс кырыылаах алтан сэргэ турар. Ити сэргэ үс дойдуну – аллараа, орто, үөһээ дойдуну бииргэ ситимниир. Дьөһөгөй Айыы дохсун, күүстээх. Бухатыырдыы санаатынан тиэргэммитин, тэлгэһэбитин харыстыы турар. Ол иһин саха Боотура батастаах турара көстөр. Өбүгэ саҕаттан сылгыттан иҥэмтиэлээх үүтүн иһэн, эмтээх кымыһынан утахтанан, саха дьоно элбэх ыарыыга ылларбат этилэр. Бу туһата онон эрэ бүппэт. Тириитинэн ичигэс таҥас оҥостон, кыһыҥҥы тыйыс тымныыбытын туоруубут. Минньигэс, иҥэмтиэлээх сыалаах этин хаһатын тоҥнуу да, буһаран да сиибит. Миинэр миҥэ оҥостон, уһун сыралаах ыраах айаннары айаннаан кэллэхпит. Ыраах аартыктарынан сылдьан, баран иһэн суолбут этэҥҥэ түмүктэннин, тиийиэхтээх сирбитигэр этэҥҥэ тиийдэрбит диэн  салама ыйыыбыт. Аартыктарбыт иччилэрин Буомча хотуну уонна Моһол тойону ааттаан туран көрдөһүөхтээхпит. Ону бу кыбытык тигии паннобутугар көрдөрдүбүт. «Дьөһөгөй Айыы” үлэбитинэн быйыл саас Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт “Якутия мастеровая- 2020” быыстапкаҕа кыттан, 3-с миэстэ буолбуппут. Бу ситиһиибит ньурбалар кыбытык тигиибит сайдыбытын көрдөрөр.

                                              “Сүгүрүйүү”

– Ыам ыйын 9 күнүгэр, Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан дьоммутугар-сэргэбитигэр ааспыт сэрии ыар содулун биллиннэр, өйдүү-саныы сырыттыннар диэн сахалыы кыбытык тигиинэн оҥорбут «Сүгүрүйүү” паннобутун бэлэх ууннубут. Бу паннобутугар үлэ тыылыгар, Кыайыы туһугар олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбытыгар анаммыт Аҕа дойду 1941-1945 сыллаах сэриитигэр биһиги улууска тыылга 3891 киһи сырдык тыына быстыбытын, бу уоттаах сэриигэ өлбүт 1152 киһиттэн үс төгүл элбэҕин көрдөрөн ойууга таһааран дьүһүйдүбүт. Манна эбэтэ сиэнин тутан турар. Аччыктаан, хоргуйан, кутуйах хасааһын булан сииллэрин, ол туһуттан хаайыыга да барар түбэлтэлэрэ баарын көрдөрдүбүт. Ойоҕосторугар Кыайыы туһугар тыыннарын толук уурбут дьон күлүктэрэ көстөр. Ойуур кэннигэр уот сэрии  ойууламмыт. Онно биһиги улуустан 1152 биир дойдулаахтарбыт эйэлээх олохпут туһугар дьоруойдуу охтубуттарын туһунан туоһулуур. Төһө даҕаны бу уоттаах сэрии элбэх дьоммутун орто дойдуттан суох оҥордор, үүнэр күөх айылҕа тохтоон, кэхтэн хаалбакка, үнүгэстэнэн, үүнэ-сайда, чэчирии турарын курдук, биһиги олохпут эмиэ тохтообокко, иннибит диэки салалла турарын үнүгэстэринэн ойуулаатыбыт. Сүүнэ ытык хобобут тыаһаан, дьоммут сахалыы үс куттарын ыраастыы турар паннобут үөһэтигэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр баран, 2697 хорсун буойуммут Кыайыы былааҕын өрө туппуттарын туоһулаан, ойуунан дьүһүйдүбүт.

      Бастыҥнарын бигэргэттилэр

  «Арыллыы” түмсүү (сал. Г.Д. Федорова) кыбытык тигии сатабыллаах иистэнньэҥнэрэ М.Н. Алексеева, Е.Е. Анисимова, В.Я. Давыдова, Ф.И. Иванова, Л.И. Пахомова, Д.Е. Петрова, А.А. Петрова, Н.А. Спиридонова, С.М. Харитонова, Г.Д. Федорова буолаллар. Бырайыак ааптара – Аммос Прокопьевич Давыдов.

 «Арыллыы” түмсүү «Оҕо кутун таттарыы” үлэтэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Якутия мастеровая-2019” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа, кыбытык тигиигэ 2-с миэстэ буолбута. Онтон салгыы «Дьөһөгөй Айыы” үлэлэрэ “Якутия мастеровая – 2020” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа 3-с миэстэни ылбыта. Онон Ньурба иистэнньэҥнэрэ Саха сиригэр кыбытык тигиигэ бастыҥнар ахсааннарыгар бигэтик киирбиттэрин бигэргэттилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....