25.03.2020 | 19:17

Кыбытык тигии эйгэтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт ыйга Арчы дьиэтигэр үһүс төгүлүн ыытыллар «Кыбытык тигии эйгэтэ” диэн көмүс тарбахтаах иистэнньэҥнэргэ уонна иис эйгэтин кэрэхсиир дьоҥҥо аналлаах бэрт сэргэх тэрээһин ыытылынна.

Бу күн кыбытык тигиинэн дьарыктанар маастардар, иис түмсүүлэрэ, иис эйгэтин кэрэхсиир сүгүрүйээччилэр тоҕуоруһа муһуннулар. Араас өҥнөөх таҥас кырадаһыннарыттан аттаран тигиллибит үлэлэр быыстапкаҕа кэккэлээтилэр. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта алгыстан саҕаланна. Тунаарар Туймаада дьогдьойор саалыгар алгыс сиэрин-туомун Семен Ильич Черноградскай ыытта. Ол кэнниттэн Евдокия Павлова салайааччылаах «Күн дьоно» фольклор бөлөҕө «Кыбытык тойуга» диэн кырыымпа, хомус доҕуһуоллаах кылыгырас кылыһахтаах тойуктарынан бар дьону уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр. Маны таһынан «Алаас кыргыттара» үҥкүү кэлэктиибэ (сал. Е.С. Прокопьева) “Иистэнньэҥнэр үнкүүлэринэн» үөрүүлээх түһүлгэни арыйдылар. Саха төрүт ииһэ, оһуора-мандара, таҥаһа-саба сүппэтигэр, умнуллубатыгар, сайдарыгар күүстэрин ууран үлэлэһэ сылдьар тарбахтарыгар ураты талааннаах дьоһун дьоммут биир-биир кэрэ көстүү буолан параадтаан киирдилэр. Ол курдук, СӨ норуотун маастардара Л.П. Жиркова “Үктэл” түмсүүтүн кытта (Дьокуускай куорат), Т.Н. Шишигина “Ай -Тик, “Арт-Тик” түмсүүтүн кытта (Дьокуускай куорат), М.А. Чалбанова “Уһуйаан” түмсүүтүн кытта (Дьокуускай куорат), В.С. Варфоломеева “Уһуктуу” түмсүүтүн кытта (Дьокуускай куорат), Таатта улууһун норуотун маастара, СӨ уус-уран оҥоһуктарыгар маастара, 10-11 төгүлүн ыытыллыбыт “Лоскутная мозаика Якутии” быыстапкалар Гран-при-Х уонна ХI хаһаайына, “Лоскутная мозаика России 2017-2019” быыстапка дипломана М.П. Федотова (Таатта улууһа), Уус Алдан улууһун норуотун маастара, СӨ уус-уран оҥоһуктарыгар маастара И.И. Окоемов (Уус Алдан улууһа), Н.Н. Жиркова (Нам улууһа, Хамаҕатта), Е.Н.Барамыгина (Нам улууһа, Модут), “Түһүлгэ” (сал. С.В. Стручкова, Мэҥэ Хаҥалас, Төҥүлү), “Кыбытык кырдала” (сал. А.П. Старостина), “Мааны мандар” (сал. Т.И. Александрова Туяра, “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ, Дьокуускай куорат) кыттыыны ыллылар.

Тэрээһин таһыма үрдээн иһэр

Тэрээһин арыллыытыгар эҕэрдэ тылы Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы туризм уопсастыбаннай түмсүүтүн бэрэссэдээтэ Вячеслав Валерьевич Решке, “Симэх” өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын киинин кылаабынай исписэлииһэ Лариса Константиновна Андреева, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын киинин исписэлииһэ Пелагея Николаевна Слепцова эттилэр. “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинин дириэктэрэ Валентина Бочонина тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьону эҕэрдэлээн туран, истиҥ махтал суруктары уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаата.

Валентина Бочонина, “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинин дириэктэрэ:

- Түҥ былыргы, сах саҕаттан биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар тоҥтон толлубакка, ириэнэхтэн иҥнибэккэ, кырдьыга даҕаны, бу олоххо күүстээх тардыһыыларынан, тулуурдарынан, дьулуурдарынан, туруу үлэһиттэринэн, мындыр өйдөрүнэн, илиилэригэр-тарбахтарыгар талааннарынан ирбэт тоҥноох тымныы дойдуну баһылаан, иччилээн кэллэхтэрэ. Күн бүгүн кинилэр утумнарынан, үөрүйэхтэринэн талааннаах тарбахтаах саха далбар хотуттара, иис эйгэтигэр абылатан сиэдэрэйдик симии, кэрэтик киэргэтэ сылдьан, уран үлэлэрэ саха норуотун Аан ийэ дойдуга билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ “Сахалар кэрэлэр да эбээт” дэтэр аналлаах дьон буолаллар.

Татьяна Шишигина, норуот маастара:

- “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинигэр ыытыллыбыт тэрээһин, мин көрүүбүнэн, сыллата таһыма үрдээн иһэр. Тус бэйэлэригэр дьарыктанар дьон, түмсүүлэр элбээн иһэллэрэ үөрдэр. Маастарыстыбалара, хаачыстыбалара бу туруоруллар быыстапкаттан көстөр.

Өбүгэ төрүт ииһэ – кыбытыктаах тигии кэлиҥҥи сылларга күүстээхтик иннин диэки хардыылаата. Саха сирин иистэнньэҥнэрэ Арассыыйа таһымыгар быыстапкаларга кытталлара ситиһиилэриттэн да көстөр. Маннык тэрээһиннэр инникитин саха норуотун үйэлээх үгэстэрин утумун тутан, айар үлэҕэ ситиһиилэри түстүүр улахан суолталаах.

Лариса Константиновна Андреева, “Симэх” галерея кылаабынай исписэлииһэ :

- Бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Кыттааччыта элбэҕинэн, чахчы дьон талаанын арыйар, көрдөрөр интэриэһинэй үлэлэр турбуттарынан көрдөххө, уран тарбахтаахтар элбээн иһэллэрин туоһулуур дьоһун түһүлгэ тэриллибит. Саҥа ааттар, сэргэх үлэлэр маннык түһүлгэттэн тахсаллар. Саха маастардара туспа көрүүлээх, суоллаах- иистээх үлэлииллэрэ харахха быраҕыллар.

Сайдыы саҕаҕа арыллар

Кэнники кэмҥэ саха норуота омук быһыытынан бэйэтин уратытын билиниитэ уһуктан, бары өттүнэн сайдыы барара көстөр. Ол курдук, саха таҥаһа, киэргэлэ-симэҕэ, иһитэ-хомуоһа саҥалыы тыын ылан, сайдыы саҕаҕа аһылынна. Күннээҕи олохпутугар сахалыы малы-салы туттар, таҥнар- кэтэр, киэргэнэр-симэнэр буолбуппут хайҕаллаах. Ол туоһутунан бу күн быыстапкаҕа турбут эгэлгэ үлэлэр буоллулар. Көрдөрүүгэ чаппараактар, паннолар, кыбытык кытыылаах кэһиэччиктэр, суумкалар, соннор, бэргэһэлэр, үтүлүктэр, кыбытык киэргэллээх дэйбиирдэр, көбүөрдэр, спортивнай таҥастар о.д.а. үлэлэр мааны көстүү буоллулар. Көрсүһүүгэ төрүт иис тула санаа үллэстиитэ, аттаран тигии кистэлэҥнэрин туһунан кэпсэтии, сүбэ-ама, маастар-кылаастарга сурутуу ыытылынна.

Саха ииһин ситимэ салҕанар

Быйыл 3-с төгүлүн ыытыллыбыт “Кыбытык тигии эйгэтэ” тэрээһин дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыан ылла. Кырадаһынтан аттаран тигии дьулуурдаах, таттарыылаах, тулуурдаах эрэ үлэ түмүгэр айыллар, айымньылаах өйтөн-санааттан үөскүүр аналлаах. Иистэнньэҥ хас биирдии үлэтигэр сүрэҕин сылааһын иҥэрэн, ис кутун сыһыаран,

оһуор-мандар түһэрэн оҥорон таһаарар буоллаҕа. Ол да иһин хас биирдии үлэ хатыламмат уратылаах, эриэккэс дьиктилээх, абылыыр, сөхтөрөр күүстээх. Саха ииһин ситимэ быстыбат, утума салҕанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...