19.06.2020 | 12:16

Кыайыыттан – Кыайыыга

Кыайыыттан – Кыайыыга
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үтүө дьыалабыт Кубогын географията кэҥээн, аартыга арыллан, кэккэ уустуктары аахсыбакка, муус устар 8 күнүттэн ыраах Үөһээ, Аллараа Халыма, ону кытта тэҥҥэ Булуҥ улууһугар ситиһиилээхтик сылдьан, бэйэтин миссиятын толорон кэллэ.

Иван Охлопков (Нам), Иван Чукров (Орто Халыма) Үөһээ Халымаҕа көмө аахсыйалара

Ол курдук, Үөһээ Халыматааҕы үөлээннээхтэрбит үгүстэрэ дойдуларыгар соҕуруу куораттарга көһөн хаалан, тустаах дьону буларга боппуруос үөскээн турар. Хата, биһиги дьолбутугар, вахтовай ньыманан үлэлиир уолаттарбыт, бу бириэмэҕэ Үөһээ Халымаҕа тиийэн биэрбиттэрэ. Онон аахсыйабытын үөлээннээхтэрбит Иван Чукров (Орто Халыма) уонна Иван Охлопков (Нам) толордулар – олохтоох пиэрмэҕэ рулоннаах отторун чугаһатан, аҥаардаан бэлэмнээн, дьоһун көмөнү оҥордулар. Бу үтүө дьыалаларыгар миэстэтигэр аҕыйах да буоллар үөлээннээхтэрбитин булан, түмсүү кэккэтин хаҥаттылар.

Муус устар 18 күнүттэн Кубокпыт Булуҥ улууһугар сырытта. Улуус лидерэ Раиса Маркова көҕүлээһининэн киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылынна. Киниэхэ миэстэтигэр Тикси оскуолатын физикэҕэ учуутала Нелля Горохова күүс-көмө буолан, былааннаммыт үлэ көхтөөхтүк ыытыллара ситиһиилэннэ. Кубокпыт Булуҥ улууһугар тиийэр күннэригэр, бары даҕаны хайыһарынан десант кыттыылаахтарын кэтээн көрдүбүт. Кинилэр кулун тутар 14 күнүгэр Дьокуускай куораттан туруммуттара. Десант кыттыылааҕа, Булуҥ улууһун Найба бөһүөлэктээҕи Хара Уулаах оскуолатын 1985 сылга бүтэрбит Иван Голиковы хас тиийбит сиригэр үөлээннээхтэрбит ытыс үөһэ түһэрэн көрсөн, тэҥҥэ айаннаан иһэр доҕотторун, биир санаалаахтарын сөхтөрдө, түмсүүбүт далааһынын көрдөрдө. 1700 км тулуһан, үксүгэр хайыһарынан, ардыгар сатыы десант ыам ыйын 9 күнүгэр аналлаах сиригэр тиийбититтэн бары даҕаны үөрбүппүт. Ол курдук, Улуу Кыайыы 75 сылыгар, Булуҥ оройуона төрүттэммитэ 90 сылыгар, Таймылыыр нэһилиэгин 50 сылыгар аналлаах хоту дойду хоһууттарын курдук хорсун, дохсун аахсыйа дьоһуннук түмүктэммитэ.

Муус устар 22 күнүгэр Үтүө дьыалабыт Кубога Тикси бөһүөлэгэр тиийбитэ. Буоларын курдук, Булуҥ-85 выпускниктара элбэх оҕолоохторго, кырдьаҕастарга бородууктанан көмө аахсыйалары оҥорбуттара. Тиксигэ олорор үөлээннээхтэрбит Комплекснай социальнай хааччыйыы Булуҥнааҕы филиалыгар олорор кырдьаҕастарга эмиэ бородуукта наборын тиксэрбиттэрэ.

Кубокпыт салгыы Лидовка тумсун таарыйан, Хотугу Муустаах муора кытылыгар сытар Найба нэһилиэгэр үтүөнэн сыдьаайан тиийбитэ. Манна пааматынньык ыраастыыр субуотунньук, тыыл бэтэрээннэрэ 91 саастаах Христина Николаевна Бурцеваҕа, 81 саастаах Дмитрий Николаевич Никитиҥҥэ, ону таһынан Раиса Христофоровна Стручковаҕа көмө аахсыйалар ыытыллыбыттара. Үөлээннээхтэрбит алын кылааска үөрэппит учууталларын Анна Николаевна Стручкованы көрсөн ирэ-хоро кэпсэппиттэрэ, алгыс сүмэтин иҥэриммиттэрэ. Күһүүргэ бииргэ үөрэммит доҕордоро Сергей Сахаровскайы ахтан туран, кини ийэтигэр бородууктанан көмө оҥорбуттара.

Любовь Егорова (Орто Халыма), Анна Тарасова (Аллараа Халыма) бэтэрээннэргэ көмө аахсыйалара

Муус устар 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэбит күнүн бэлиэтээн, Үтүө дьыалабыт Кубога Аллараа Халымаҕа ыалдьыттаан турар. Аллараа Халыма бэрэстэбиитэлэ Анастасия Татаева биир үтүө күн биирдэ баар буола түспүтэ соһуччу үөрүү этэ. Анастасия соннук сыыдамнык уонна көхтөөхтүк Выпуск-85 хамсааһыныгар кыттан, бэйэтин да сүргэтэ көтөҕүллүбүтүн бэлиэтээбитэ. Кубокпыт хоту улуустарынан сырыыта өссө күргүөмнээхтик ыытыллыаҕын, сибээс мөлтөҕө улаханнык атахтаата. Ол да буоллар, ыраах Андрюшкинотааҕы үөлээннээхтэрбит кылгас кэм иһигэр муста, түмсэ түһэн, сүргэбитин көтөхтүлэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин оскуолаларын 1985, Улуу Кыайыы 40 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылга бүтэрбиттэр олохпут орто омурҕаныгар диэри кыайыыттан кыайыыга эрэ дьулуһар ураты майгылаахпытын бигэргэттилэр.

"Киин куорат" хаһыаппыт саҥа нүөмэрдэрин Сунтаар бэрэстэбиитэлэ Мария Ивановаҕа туттарыы

Үтүө дьыала илдьитэ Эҥсиэли сириттэн Халыма улуустарыгар

Нам улууһун Үөдэй орто оскуолатын бүтэрбит Иван Охлопков «Выпуск-85” түмсүү тэриллиэҕиттэн көхтөөхтүк кыттар. Бу күннэргэ үлэтин хайысхатынан Халыма улуустарынан сылдьар кэмигэр Үтүө дьыала Кубогын, түмсүү туһунан сырдатар, выпускниктары түмэн, субуотунньуктары тэрийэр. Ол курдук, Аллараа Халымаҕа,Үөһээ Халымаҕа, Орто Халымаҕа барыларыгар үтүө дьыала аахсыйаларын ыыталаата. 

Кубокпыт – юкагир тылынан

– Настя, "Киин куорат" ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.

– Мин Татаева (Курилова) Анастасия Семёновна диэммин. Аллараа Халыма Андрюшкино бөһүөлэгин орто оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрбитим. Омукпунан юкагирбын. Төрөөбүт тылым сайдыытыгар үлэлэһэбин.

– Оҕо сааскыттан төрөөбүт тылгын билэр буоллаҕыҥ дии?

– Оннук. Ийэм юкагирдыы кэпсэтэр этэ. Кыра сырыттахпына юкагирдыы ыллыырын, саҥарарын билигин олус күндүтүк саныыбын. Дьиэбэр мин саамай кыралара этим. Миигинниин бука бары төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэллэрэ. Бииргэ төрөөбүт убайым Илья Курилов юкагирдартан бастакы мелодист буолар. Бу барыта дьиэбит иһиттэн иитиллэн тахсыбыта дии саныыбын. Ордук ийэбит үтүөтэ буоллаҕа. Биһиэхэ төрөөбүт тылбытын умуннарбакка иитиитэ, тылга ураты харыстабыллаах сыһыана.

– Кэлиҥҥи кэмҥэ "носители языка" диэн суолталанар буолла. Эн ийэҥ туһунан кэпсии түс эрэ.

Мин ийэм аата Мотрена Семеновна Курилова диэн. Тылы үөрэтэр учуонайдар, тылга сыһыаннаан үлэлиир дьон анаан-минээн кэпсэтэр, интервью кэлэн ылар этилэр. Төрөөбүт тылын сүтэрбэккэ илдьэ сылдьар диэн сүрдээҕин суолта биэрэллэрэ. Онтун бу биһиэхэ, оҕолоругар хаалларан, ийэ тылбытын киэҥ эйгэҕэ таһаарарбытынан киэн туттабыт.

– Эн бэйэҥ билигин күннээҕи олоххор туттаҕын дуо?

Туттан бөҕө буоллаҕа, кэпсэтэбин, үөрэтэбин. Дойдубар уһуйаан оҕолоругар бу тылы үөрэтэр этим.

– Үтүө дьыала Кубогын туттарсыыта эһиги улуускутугар уратытык ааста эбээт.

– Оннук ээ. Кубогы юкагирдыы тылынан, ырыанан туттардыбыт. Онон хамсааһыммытын аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар тылларынан саҥартыбыт диэн киэн туттабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...