Кыайыылаахтарга — уруй, кыттыбыттарга — махтал!
Күндү ааҕааччыларбыт! “Сандал саас!” хаартысканан күрэхпитигэр Сунтаар, Кэбээйи, Чурапчы, Өймөкөөн улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан элбэх оҕо кытынна.
Сахабыт сирин сандал сааһын, кэрэ айылҕатын көрдөрөр, ойор күннээх оҕо саас умнуллубат күннэрин кэрэһилиир үгүс хаартыска киирдэ. Биирдиилээн, дьиэ кэргэнинэн, кылааһынан, кэлэктиибинэн сааскы күннэри оонньоон-көрүлээн, күлэн-үөрэн бэркэ атаарбыккыт.
Дьүүллүүр сүбэ бастыҥ хаартысканы быһаарда. Ол курдук, Кэбээйи улууhун Сиэгэн-Күөл орто оскуолатын 2 кылааhын үөрэнээччилэрэ (сал. Бессонова Антонина Никитична) кыайыылаахтарынан ааттаннылар. Эҕэрдэлиибит! Өйдөбүнньүк бириискитин эрэдээксийэттэн кэлэн ыларгытыгар ыҥырабыт.
Бу курдук биһиги күрэхтэрбитигэр өрүү көхтөөхтүк кыттар буолуҥ! Кыттааччыларга махтанабыт. Туоһу суруктаргытын электроннай почталаргытыгар ыытыахпыт.
“Киин куорат” хаһыат эрэдээксийэтэ