24.05.2024 | 14:00

Кыайыы улахан үлэнэн ситиһиллэр

Кыайыы улахан үлэнэн ситиһиллэр
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 17-19 күннэригэр СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев кэриэһигэр көҥүл тустууга Арассыыйа устудьуоннарын чемпионата Дьокуускайга аан бастаан ыытылынна. Хапсыһыылар “Кыайыы 50 сыла” спорт дыбарыаһыгар буоллулар.

Уһук Илинтэн (Бурятия Тыа хаһаайыстыбатын академията, Бурятия, Хабаровскай, Биробиджан университеттара), Волгатааҕы федеральнай уокуруктан (Мордовия, Оренбург, Казань, Самара, Ульяновскай, Чебоксары), Хотугу Кавказтан (Хотугу Осетияттан икки, Дагестан), Хотугулуу-Арҕаа уокуруктан (Великие Луки), Сибииртэн (Иркутскай, Кемерово, Новокузнецкай, Красноярскайтан икки, Тува), Киин уокуруктан (Воронеж, Москваттан биэс, Смоленскай), Соҕуруу уокуруктан (Краснодар), Хотугулуу-Илин федеральнай уокуруктан (АГАТУ, АГИКИ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, Чурапчы института) барыта 32 үрдүк үөрэх кыһатын хамаандата кытынна.

Чемпионат үөрүүлээхтик аһыллыытын норуот артыыстара Клавдия уонна Герман Хатылаевтар салайааччылаах “Тэтим” барабаанньыттара, “Ситим”, “Уран”, “Кыталык”, “Умсан” үҥкүү ансаамбыллара, “Тэтим” этно-бөлөх киэргэттилэр, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, Арассыыйа устудьуоннарын тустууга лигатын бэрэсидьиэнэ Мурат Остаев, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ проректора Александр Ильин, Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаах сүрүн судьуйа Вячеслав Кривошапкин эҕэрдэлээтилэр.

“Азия оҕолорун”, аан дойду устудьуоннарын, Азия, аан дойду боруонса призера, икки олимпийскай оонньууга төрдүс уонна бэһис миэстэлэрдээх Леонид Спиридонов бэйэтин эҕэрдэтигэр М.Е. Николаев Саха сиригэр көҥүл тустуу сайдыытыгар киллэрбит сүдү кылаатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ол курдук, социальнай-экономическай, култуурунай хайысхаларга ыыппыт үлэтин сэргэ өрөспүүбүлүкэ спортивнай тустууга федерациятын салайбытын, “Азия оҕолорун” төрүттээбитин, ыччаттар бэстибээллэрин, 1000 кыттааччылаах көҥүл тустууга “Боотурдар Оонньууларын” ыыппытын, оҕолорго, ыччаттарга, улахан дьоҥҥо аан дойду чөмпүйүөннэрэ баар буолбуттарын, физкултуура уонна спорт сайда туралларын, бу түһүлгэттэн кыраһыабай бырахсыылары, сынтарыйбат хараахтары эрэнэ күүтэрин эттэ.

Чемпионакка сүүмэрдиир икки-үс күн устата ыытыллыбыт сытыы, тыастаах бырахсыылардаах киирсиилэргэ күүстээхтэр, үчүгэй бэлэмнээхтэр кыайыылары ситистилэр. Хаһан да буоларын курдук, бүтэһик сөкүүндэлэргэ тэтимнээх тустуулар, кытаанах ыгааһыннар, күүс-кыах өрөгөйдөөһүнэ, бэртэр самнарсыылара барыта баар буолла.

Саха сирин үрдүк үөрэҕин кыһаларыттан кыһыл көмүс мэтээллэри 70 кг Чурапчы институтуттан Олег Фомин, 74 кг М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуона Станислав Свинобоев аҕалтаатылар. Хотугу Осетия Владикавказ университетыгар үөрэнэр Үөһээ Бүлүү ыччата, 125 кг бастаабыт Харысхан Баппаҕай эмиэ “бэйэбит киһибит”. 57 кг Чурапчы институтуттан Любомир Ашеин үрүҥ көмүс, Алексей Копылов (ХИФУ) боруонса; 61 кг Ньургун Терентьев (ЧИФКиС), Александр Авелов (ХИФУ); 65 кг Эдуард Попов (ЧГИФиС); 70 кг Александр Иванов (ХИФУ); 74 кг Константин Капрынов (ЧИФКиС); 79 кг Анатолий Никитин (ЧИФКиС); 86 кг Андриан Ленскэй (ХИФУ); 92 кг Никита Софронов (ХИФУ); 125 кг Никита Хабаров (ХИФУ) боруонса мэтээллэри ылаттаатылар.

Кэлин сылларга тахсыылаах тустуулары көрдөртүүр Чурапчы институтун 22 саастаах устудьуона Олег Фомин санаатын үллэһиннэ: “Сеткам ыарахан буолла. Маҥнайгы эргииргэ Бурятияҕа хотторбут Калининградка үөрэнэр Данил Кривовпын 9:0 хотоммун, реванш ыллым. Иккис эргииргэ Кара-Сал диэн тувины, полуфиналга Иркутскайтан Константин Топшиноевы уонна финалга Кемеровоттан Кирилл Копытовы кыайталаатым. Бэйэ кыаҕар эрэллээх буолуу улахан дьарыктан кэлэр. Кыһыны быһа үлэ бөҕөтүн оҥоробут. Бу сылга икки улахан старты оҥордум. «Ярыгиҥҥа» финал ¼ осетин Алан Кудзоевка кыһыылаахтык хоттороммун, полуфиналга тахсар шанспын куоттарбытым. Уопутум арыычча тиийбэтэҕэ. Соторутааҕыта Арассыыйа чемпионатыгар Курбан Шираевка эмиэ тэҥ киирсиигэ хотторбутум. Лидердэри кытта хапсыһыылар инникигэ эрэли үөскэтэллэр. Бу чемпионакка бастакыбын кытынным. Тустуунан дьарыктанарбын институтум өйүүр, сбордарга ыытар, көмөлөһөр. Бу чемпионат миэхэ элбэх суолу арыйда. Тренердэрим Анатолий Сивцев уонна Иннокентий Посельскай. Сайыным бүтүннүү сбордарынан, күрэхтэһиилэринэн ааһыаҕа”.

Өссө биир 21 саастаах бөҕөспүт, 74 кг чөмпүйүөнэ, ХИФУ 1-кы куурсугар үөрэнэр Станислав Свинобоев: “Бастакы хапсыһыым арыый ыараханнык ааста. Хайдах эрэ илиим-атаҕым хам тутан кэбиспит курдуга. Аанньа разминкаламматаҕым таайда быһыылаах. Кэлин түһүмэхтэн түһүмэххэ арыллан истим эрээри, хапсыһыыларым идеальнай буолбатахтар. Холобур, финалга Бурятияттан Тумэн Бодиевка биэриэ суохтаах бааллары биэрдим. Сылбын наһаа үчүгэйэ суох саҕалаабытым, ыйааһыным да түһэн хаалбыта. Арассыыйа чемпионатыгар хоттордум диэххэ сөп. Тренербиниин Василий Уваровы кытта иннибитигэр элбэх улахан күрэхтэһии күүтэр. Бу сайын 23-гэр диэри саастаахтарга Арассыыйа чемпионатыар кыттыахпыт. Кыраныысса таһынааҕы турнирдарга барыахтаахпыт”.

 

Саха сирин устудьуон бөҕөстөрө 14 мэтээллэннилэр. Түмүккэ 32 хамаандаттан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бастакы (145 очко), Чурапчы физкултуураҕа уонна спорка института иккис (123 очко), Хотугу Осетия Владикавказ университета (122 очко) үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.

Хамаанда салайааччыта, 31 хамаанданы кэннигэр хаалларан бастаабыт М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физкултуураҕа уонна спорка институтун дириэктэрэ Николай Гоголев: “Кыайыы соҕотох киһи үлэтэ буолбатах. Спортсменнары бэлэмнээһиҥҥэ университеппыт бары структуралара, үп-экономическай управление, устудьуоннар сайдыыларын управлениета, спортсменнары бэлэмнээһин киинэ, медиаполитика, кафедраларбыт, спорду өйдүүр, өйүүр Анатолий Николаев ректордаах салалтабыт, проректордарбыт биир өйгө-санааҕа түмсүүлэрин түмүгэ. Тэрээһин-бэлэмнэнии үлэлэри ыытыспыт  кэлэктииппит, институппут, “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинэ, Устудьуоннар мас тардыһыыга ассоциациялара, Саха сирин устудьуоннарын бары холбоһуктара, ол иһигэр АГАТУ, ЧИФКиС, спорт министиэристибэтэ бары биир сыалы-соругу тутуһаммыт, биир тэҥҥэ үлэлээммит ситиспит кыайыыбыт".  

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ көҥүл тустууга сүрүн тренерэ, бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэ күүстээх бөҕөһө Вячеслав Ефремов: “Хамаандабытыгар үрдүк көрдөрүүлэрдээх тустууктарбыт, барыта 36 бөҕөс кытынна. Ыйааһын аайы лидердэрбит бары туһуннулар. Эрэнэр уолаттарбыт миэстэлэстилэр. Максималист буоларым быһыытынан, хас да ыйааһыҥҥа бастыырга суоттаммытым. Тренердэрбит үчүгэйдик үлэлээтилэр. Егор Старостин, хамаанда начаалынньыга Семен Николаев, Москваттан Николай Николаев ыкса ылсан үлэлээтилэр. Билигин от ыйыгар Уфаҕа буолар Бүтүн Арассыыйатааҕы универсиадаҕа бэлэмнэниэхпит. Үс иһигэр киирбиттэр уонна, балаһыанньатын быһыытынан, Арассыыйа устудьуоннарын лигатыгар көрдөрүүлээхтэр тустуохтара”.

Чемпионакка иккис миэстэлэммит Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна спорт институтун ректора Иннокентий Готовцев: “Биһиги институппут хамаандатыгар 14 бөҕөс туһунна. Сүрүн тренербит К.Н. Захаров. Хамаанданан иккис миэстэ диэн үчүгэй көрдөрүү. Арассыыйа улахан дьоҥҥо уонна ыччаттарга чемпионаттарын кэнниттэн хомулланнар, чөллөрүгэр түһэн, уолаттар бэркэ туһуннулар. Олег Фомин кыһыл көмүс, Любомир Ашеин үрүҥ көмүс мэтээллэри аҕалтаатылар, түөрт уол үһүс миэстэ буолла. Ситиһиибитинэн институт кэлэктиибин, преподавателлэри, тренердэри, спортсменнары эҕэрдэлиибин, инникитин да ситиһиилэри баҕарабын!”.

Ити курдук, дойду устудьуоннарын чемпионатыгар түмсүүлээх, эҥкилэ суох тэрээһин ситиһиигэ аҕалла. Бөҕөстөрбүтүн аны Бүтүн Арассыыйатааҕы универсиада уонна аан дойду устудьуоннарын чемпионата күүтэллэр. Ситиһии тосхойдун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...